Студэтэрээт байыастара госпитальга үлэлиэхтэрэ
«Арассыыйатааҕы устудьуон этэрээттэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин регионнааҕы салаата быйыл этэрээттэрин анал байыаннай дьайыыттан кэлбит байыастар эмтэнэр балыыһаларыгар уонна госпитальга ыытар былааннаах диэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр 2023 сылга устудьуон этэрээтигэр барыта 2700-чэ байыас араас хайысхаларынан үлэлиэҕэ: тутуу, промышленнас, тупсаран оҥоруу, тыа хаһаайыстыбата, медицина, өҥө оҥоруу сервиһэ, оҕо сынньалаҥын тэрийии уо.д.а.
Саха сирин этэрээттэрэ промышленнас, суол уонна тутуу тэрилтэлэригэр үлэлиэхтэрэ, ол иһигэр «Газпром», «Якутуголь», «Алмазы Анабара», «Сэттэ» СК, «Монтажник» ПК, «Адгезия», «Якутдорстрой» хампаанньаларга. Итиэннэ «Острог» регионнааҕы үлэ бырайыагар уонна «Север» Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутууларыгар кыттыахтара.
1000 кэриҥэ устудьуон тутуу этэрээттэрин састаабыгар киирэн муниципальнай тэриллиилэргэ тупсаран оҥоруунан уонна тутуунан дьарыктаныахтара, оттон 300-тэн тахса устудьуон – балыгы астааһыҥҥа, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын үүннэриигэ, хомуйааһыҥҥа үлэлиэхтэрэ. 100-тэн тахса байыас гостиницаларга уонна курортарга, санаторийдарга, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр өҥөнү оҥоруу сервиһигэр үлэлиэҕэ.
Оҕо сынньалаҥын лааҕырдарыгар 200-чэ киһи баһаатайдыаҕа. Быйыл сайын үлэ этэрээттэрэ 600 үөрэнээччини хабыахтара.
Итиэннэ студэтэрээттэр байыастара, үөрэххэ туттарсыы кэмигэр, үөрэх кыһаларыгар консультациялары ыытыахтара, нэһилиэнньэни көмпүүтэри баһылыырга үөрэтиэхтэрэ, тимир суолга уонна навигация кэмигэр уу суудуналарыгар үлэлиэхтэрэ.