10.09.2024 | 12:04 | Просмотров: 469

Строительнай уокурукка саҥа воркаут балаһаакка арылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат күнүгэр аналлаах биир бэлиэ түгэнинэн Халтурин уул., 14/4-гэр саҥа воркаут балаһаакка үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыыта буолла. Мантан ыла уокурук олохтоохторо чэбдик салгыҥҥа спордунан дьарыктаныахтара.

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев саҥа балаһааккалары арыйыы Куорат күнүн көрсө үтүө үгэскэ кубулуйбутун бэлиэтээтэ уонна:

«Воркаут балаһааккалар Дьокуускайга дьон-сэргэ талаһар, физкултууранан дьарыктанар уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһар сирдэрэ буолла. Физкултуура уонна спорт – чөл уонна бөҕө турук төрдө, салгыы бу курдук спордунан күргүөмнээхтик дьарыктанар усулуобуйаны тэрийэн иһиэхпит», – диэтэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу бырайыак «2020-2024 сылларга Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар аныгы куорат эйгэтин тэрийии» муниципальнай бырагыраама иитинэн олоххо киирдэ. Физкултуураны уонна спорду өйүүр, нэһилиэнньэни чөл олоххо көҕүлүүр сыаллаах спорт уонна воркаут балаһааккалары тупсаран оҥоруу салҕанар. Манна даҕатан эттэххэ, түөрт сыл иһигэр барыта 35 воркаут балаһаакка туруорулунна. 

 Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.