Строительнай уокурукка маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрин эҕэрдэлээтилэр
«Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйа чэрчитинэн управа үлэһиттэрэ оҕолорго анаан кэнсиэри, араас оонньуулары ыыттылар.
Строительнай уокурук управатын салайааччыта Василий Рязанскай оҕолору кэлэн иһэр Билии күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна үөрэхтэригэр кыһаллыыны, ситиһиини, оскуола олоҕор көхтөөх кыттыыны баҕарда.
«Биһиги уокурукпутугар маннык бырааһынньыктар үгэскэ кубулуйдулар. Доҕотторбут, партнердарбыт, үтүө санаалаах гражданнар көмөлөрүнэн уустук усулуобуйаҕа олорор дьиэ кэргэттэри өйүүбүт. Бүгүн 38 маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ үөрэххэ наадалаах тэриллэри бэлэх тутта», - диэн эттэ Василий Рязанскай.
Бэлэх туппут дьиэ кэргэттэр бырааһынньык тэрийээччилэригэр истиҥ махталларын тиэртилэр.
Строительнай уокурукка олорор 1600 дьиэ кэргэн үс уонна онтон элбэх оҕолоох, итиннэ уопсайа 5200-тэн тахса оҕо улаатар. 78 ыал кыаммат араҥаҕа киирсэр, кинилэр 349 оҕону иитэллэр.
Сылын аайы «Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйаны аһыныгас сүрэхтээх гражданнар, волонтердар, предпринимателлэр өйүүллэр.