Строительнай уокурук спортивнай миксфайт бастыҥ байыастарын хомуйда
Ааспыт өрөбүллэргэ киин куоракка Строительнай уокурук бирииһигэр спортивнай миксфайт «Хорсун Хоhуун Хапсыhыы» салаатыгар аан бастакы куорат турниира буолла. Ол туһунан Строительнай уокурук Салалтата иһитиннэрдэ.
Күрэхтэһиигэ куорат спортивнай кулууптарыттан 50 байыас кыттыбыт. Спортсменнар 18 сааһыттан 40 сааһыгар диэри сэттэ ыйааһыҥҥа күрэхтэспиттэр. Кыайыылаахтар мэтээллэринэн, харчынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыттар.
Строительнай уокурук салайааччыта Василий Рязанскай бэлиэтээбитинэн, маннык турнииры ыытар санаа уруккуттан баар эбит, ол эрэн олохтоох дьаһалта уонна баһылык Евгений Григорьев өйөбүллэринэн эрэ олоххо киирбит.
«Билиҥҥи уустук кэмҥэ, сүрүн болҕомтону чөл олоҕу пропагандалааһыҥҥа, спортивнай маастарыстыбаны үрдэтиигэ уонна спорт национальнай көрүҥнэрин тарҕатыыга уура сатаатыбыт. Мин санаабар, күрэхтэһии наһаа көхтөөхтүк уонна мөккүөрэ суох барда, саамай күүстээх спортсменнар кыайдылар. Маннык турниирдар уокурукка тиһиктээхтик ыытыллар буолуохтара», – диир Василий Рязанскай.
Бэлиэтээн эттэххэ, күрэхтэһии куорат олохтоохторун эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ болҕомтотун тарта.
«Хорсун Хоhуун Хапсыhыы» – спортивнай күөн көрсүһүү саҥа көрүҥэ, итиннэ спортивнай миксфайт уонна саха национальнай тустуута хапсаҕай бааллар.