23.11.2023 | 18:00 | Просмотров: 519

«Тоҥ балык – 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 16 хамаанда кыттыаҕа

Олохтоох дьаһалта киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын, Ю. А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр, ахсынньы 3 күнүгэр ыытыллар «Тоҥ балык – 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэххэ кыттарга ыҥырар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күрэхтэһии «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар. Тэрээһин 15 чаастан «Саха» НКИХ телевизионнай ханаалыгар быһа эпииргэ көстүөҕэ.

Куонкуруска 16 хамаанда кыттыахтаах, хас биирдии хамаанда икки киһилээх буолар: эр киһи – кыһар, дьахтар – кыһыллыбыт балыгы подноска ууран иһэр.

Кыттааччылар сахалыы таҥастаах буолуохтаахтар, саха быһаҕынан туттуохтаахтар, кыһар дуоска хаптаҕай, туох даҕаны дьөлөҕөһө суох буолуохтаах.

Күрэх үс түһүмэхтээх: дьиэтээҕи үлэ (сибиэһэйдии тоҥмут балыктан бүлүүдэ), сүүмэрдиир түһүмэх уонна суперфинал. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар күрэххэ креативнай, ураты сыһыаннарын, композицияларын, төһө түргэннэрин 5-бааллаах систиэмэнэн сыаналыаҕа.

Суперфиналга 6 хамаанда тахсыаҕа, балыгы кыһыы хаачыстабата сыаналаныаҕа. Муҥутуур кыайыылааҕы бааллынан көрөн быһаараллар.

Номинациялар:

«Дьиэтээҕи үлэ» – 20 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификат;

«Түргэн кыһыы» – 30 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификат;

«Кыһыы хаачыстыбата» – 40 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификат;

«Гран-при» – 50 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификат.

Бары кыттааччыларга сертификаттар уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарыллыахтара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыан баҕалаахтар сайаапкаларын 2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри  туттараллар, тэрийэр хамыыһыйа аадырыһа: Дьокуускай куорат, Ленин пр., 15, 104-с кэбиниэт. Билсэр төлөпүөн: 40-80-53, 8 924 860-98-43, cultura521@mail.ru.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.