06.05.2021 | 18:58 | Просмотров: 627

Строд уулуссатыгар айан сырыыта хааччахтанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат дьаһалтата биллэрбитинэн, ыам ыйын 5-30 күннэригэр Строд уулуссатыгар уонна Ленин проспегыттан саҕалаан, Чкалов уулуссатыгар диэри массыына сырыыта хааччахтанар.  Ити миэрэ суолга сэрэхтээх буолууну хааччыйыы уонна канализация өрөмүөнүн кытта сибээстээх. 


Санатан эттэххэ, ыам ыйын 4 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Строд уулуссатыгар өрөмүөн ыытыллыаҕа диэн эппитэ. Кини кыбаарталга тутуу үлэтэ тэтимнээхтик баран уонна инженернэй ситимнэр оҥоһуллан суол хаачыстыбата лаппа мөлтөөбүтүн туһунан эппитэ. 
Строд уулуссата 1 км кэриҥэ усталаах. Ярославскай, Ленин, Чкалов уонна Тимирязев уулуссаларын кытта быһа охсуһар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.