Стипендия хамнас алын кээмэйиттэн итэҕэс буолуо суохтаах

«Быйыл көҕүлээһин ситэриллэн, федеральнай бүддьүөт эһиилги бырайыагар үбүлээһин көрүллэрин курдук, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киириэҕэ», - диэн иһитиннэрдэ социальнай политикаҕа кэмитиэт баһылыга Ярослав Нилов.
Парламентарий эппитинэн, стипендия устудьуоннары үөрэнэргэ көҕүлүөхтээх, билиҥҥи кээмэйэ тугу да быһаарбат. Стипендия регионнарга олохтоммут хамнас алын уонна муҥутаан тиийинэн олоруу кээмэйдэриттэн итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Стипендияни хамнас алын кээмэйин кытта сибээстиир сокуон барылын ЛДПР Судаарыстыбаннай Дуумаҕа хас да төгүл киллэрэ сылдьыбыт. 2011 сыллаахха дьокутааттар палаатаҕа сирэй пуорманан үөрэнэр устудьуоннар кээмэйин үрдэтэр, хамнас алын кээмэйин кытта тэҥниир бырайыагы киллэрбиттэр. 2016 сыллаахха Ярослав Нилов уонна Михаил Дегтярев итинник сокуон барылын киллэрбиттэрин, 2018 сыллаахха, бастакы ааҕыыга, докумуону ылымматахтар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



