21.09.2021 | 13:00

Степановтар учуутал династиялара

Ааптар: Анна Козлова, Дьокуускайдааҕы педколледж Бочуоттаах бэтэрээнэ
Бөлөххө киир

Киин Комитет 1930 сыллаахха булгуччу начаалынай үөрэхтээһин туһунан уураах ылыныаҕыттан, Саха сирин үрдүнэн маассабай үөрэхтээһин саҕаламмыта.
      Олус кыраһыабай айылҕалаах Алдан өрүс биэрэгин икки өттүнэн дэриэбинэлэрдээх Томпо улууһугар Степановтар учуутал аймах уһун сылларга үлэлээн кэллэ. Оҕо иитиитигэр өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмэн, 2016 сыллаахха Попечительскай сэбиэт Устаабын уонна Балаһыанньатын толкуйдаан оҥостуммуттара. Төрөөбүт дойдуларын оскуолата эдэр көлүөнэ ыччаты иитэр - үөрэтэр үлэтигэр күүс - көмө буолар сыал - сорук туруоруммуттара, үчүгэй үөрэнээччилэргэ стипендия олохтообуттара. Кинилэр удьуордарыгар 30 - с сыллартан учууталлар баалларын иһин, "Удьуор Учуутал Степановтар" диэн Династия тэринэн, учуутал идэтигэр үөрэнэн оскуолаларга үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьоннорун түмэннэр үс көлүөнэни аттаран туруортаан, оскуоланы кытта үлэлээн барбыттара. Династияны төрүттээччи Гаврил Степанов, кини балта Мария Степанова сэрии иннинэ Дьокуускайга учуутал идэтигэр үөрэммит. Онон бастакы көлүөнэни эдьиийдэрэ Мария Васильевнаттан саҕалаабыттар. Кини 1947 сылтан учууталлаабыт. Династия баһылыга СӨ үөрэҕириитин туйгуна, "Саха Азия оҕолоро" Фонда стипендиата, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо – Степанова Александра Гаврильевна, оттон научнай салайааччынан Аллараа Бэстээх иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Колмакова Ольга Васильевна анаммыттара.
      Иитии - үөрэтии хаачыстыбатын тупсарарга үгүс саҥа өрүттэри киллэрбиттэрэ, материальнай базаны бөҕөргөтөн, чиҥ билиини биэрэн, олоххо бэлэм дьону иитэн таһаарарга дьаныардаахтык үлэлииллэр. Хас биирдии үөрэнээччигэ оскуола оруола уһулуччу улаханын, суолталааҕын өйдөтөллөр. Дириҥ билиилээх - көрүүлээх, бэйэлэрин үлэлэрин олус сөбүлүүр, үөрэнээччилэртэн кытаанах ирдэбиллээх учуутал Степановтар үөрэппит оҕолоруттан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх, дьоһун дьоннор тахсыталаабыттара.
       Саҥа үөрэх дьылын көрсө Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгиттэн төрүттээх учуутал удьуордаах Степановтар СӨ Үөрэҕин Министерствотыттан " Педагогическай династия " диэн анал бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Бэлиэни Династия аҕа киһитэ Александра Гаврильевна туппута. Династияҕа учуутал идэлээх 20 киһи киирбит. Кинилэр уопсай ыстаастара 174 сыл. Онон Томпо улууһугар биир учуутал династия эбилиннэ диэххэ наада.
      Степановтар удьуордара салҕанан баран иһиэҕэ, тэнийиэ, олохторун муудараһа симэлийиэ суоҕа диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....