Степановтар музей балаҕаннаахтар
Чурапчы улууһун Одьулуунугар Степановтар дьиэлэрин тиэргэнигэр саха балаҕанын музей оҥостубуттар. Ыал ийэтэ, эбээтэ Христина Исааковна өбүгэ олоҕун туһунан ыччатыгар өйдөтөр үлэни хайдах тобулбутун кэпсиир:
– Биһиги 70 сааспытын ааспыт дьоммут, кырдьаҕас ыалбыт. 6 оҕолоохпут, 10-тан тахса сиэннээхпит. Мин үйэм тухары буҕаалтырдаабытым, кэргэним Иван Иванович ДТ-75 тырахтарыыһынан өргө диэри үлэлээбитэ.
Саха балаҕанын музей оҥорор туһунан санаа Одьулууҥҥа кэлэн барбыт улахан халаан уутун кэннэ үөскээбитэ. Бастаан балаҕаммытыгар бэйэбит олорор дьиэбит этэ. Онтон уу кэлэн барбытын кэннэ балаҕаммыт муостата эҥин барыта өрө сүргүллэн, оһоҕо сууллан түспүтүгэр оҕолорбут көтүрэн кэбиһээри гыммыттара. Онуоха аҕалара “биһиги манна музей тэриниэхпит” диэн тохтоппута. Онон бу музейбыт барыта аҕабыт идеятынан олохтоммута диэххэ наада.
Аҕабыт маһынан уһанар, мин иистэнэбин. Онон илиибитинэн ону-маны син сатыыр дьоммут. Халаан кэннэ балаҕаммытын чөлүгэр түһэрбиппит. Былыргылыы олоҕу көрдөрөр сыаллаах-соруктаах буоламмыт, буор муостанан хаалларбыппыт уонна аҕабыт оҕолорун кытта наара ороннору оҥортообута. Эргэ малы-салы аймахтарбытыттан хомуйбуппут. Ким туохтааҕынан биэрбиттэрэ.
Мындаҕаайыттан Дьөгүөр Дьөгүөрэбис Аммосов диэн убайбын анаан-минээн ыҥыран таһааран, былыргылыы ньыманан симии көмүлүөк оһох оҥорбуппут. Оһох оҥоһуутугар оҕолор, сиэннэр бары илии-атах буолан көмөлөспүт буоланнар, билигин да оһохторун наһаа күндүтүк көрөллөр-истэллэр. Оттон көннөрү көрө кэлэр дьон былыргылыы оҥоһуллубут көмүлүөгү эргиччи тутан-хабан имэрийэ сылдьан сыныйан көрөн бараллар. Наһаа үчүгэй буолар эбит – уоту тардара, сылааһы биэрэрэ, олох буруолаабат.
Ийэм былыргы ыксаабын сөргүтэн, иһити-хомуоһу муспуппут. Эһэлэрэ сиэннэригэр былыргы оҕо оонньуурдарын оҥорбута: талах ынахтартан
саҕалаан, хабылыгы, хаамысканы барытын. Былыр кулунчук атаҕын туйаҕын быалаан аттаах оонньуурун санаан оннугу оҥорбута – бу билигин оҕо аймах саамай сэҥээрэр экспоната буолан хаалла.
Биһиги, эһээлэр уонна эбээлэр, былыргы олохпут укулаатын туһунан аныгы оҕолорго төһө баҕарар элбэҕи кэпсиэхпитин сөп. Ол эрэн оҕолорбут ол кэпсээннэртэн төһөтүн өйдүөхтэрэ биллибэт. Оттон маннык кырдьык баар этэ диэн кэпсээн баран, туттаран, оонньотон көрдөрдөххө, өссө туһалаах буолара биллэр. Эһиги өбүгэлэргит бу иһиккэ уу баһаллара, маннык чугууҥҥа эт буһарынарбыт, хатараанньыга лэппиэскэ буһара, маннык таҥнарбыт-саптарбыт о.д.а. көрдөрө-көрдөрө кэпсиир наһаа үчүгэй. Оттон сиэннэрбит бу балаҕаммытынан Москваҕа тиийэ научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар. Балаҕаммыт – биһиги саха ыччатын иитиигэ кыракый кылааппыт буолла диэн астына саныыбыт. Ким баҕалаах, Одьулууҥҥа кэлбит-барбыт ыалдьыт барыта кэлэн босхо көрөн барыан сөп.