23.03.2024 | 16:00

Старай Руссалыын бииргэ

Былырыын 2023 сыл олунньу ыйыгар 1943 сыллаахха Ильмень күөлгэ кыдыллыы кутурҕаннаах 80 сылын бэлиэтээн кэлбиппит. Ол сырыы туһунан «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларын кытта санаабын үллэстибиттээхпин (Кулун тутар 16 күнэ 2023 c. 10 (1213) №)
Старай Руссалыын бииргэ
Ааптар: Ксенофонт Васильев, Ньурба, Маар
Бөлөххө киир

Быйылгы Ильмеҥҥэ сырыым арыый атын хайысхалаах.

19-с хайыһар биригээдэтэ 1943 сыл олунньу ый 23 күнүгэр бэрт кыһыылаахтык үгүс буойунун кыдыйтарбыта. Байыаннайдар билинэллэринэн, биригээдэ 30-40 %-на Саха сириттэн ыҥырыллыбыт саллааттар, Урааллааҕы байыаннай уокурук Бершеть лааҕырыгар сэрии үөрэҕин ааспыттар. Ол онно, кыһарҕан тэрийиигэ түбэһэннэр, үлэ-үөрэх саҕаттан өлөн-сүтэн, сыккырыыр тыыннара эрэ Старай Русса туһаайыытыгар сэриилэспит.

Ньиэмэстэр «Барбаросса» былааннарынан, Старай Русса куоратыгар сэрии саҕаланыытыгар соччо наадыйбатахтара. Кэлин Англияттан уонна Америкаттан кэлэр ленд-линз таһаҕастара, Ленинград куорат көмүскэлин таһаҕаһа, сэриилэһэргэ табыгастаах тимир суол Старай Русса куораты былдьаһыктаах бырта сыатыгар кубулуппуттара. Ол иһин Кыһыл Аармыйа салалтата оччолорго баар 22 хайыһар биригээдэлээҕиттэн 12-тин Старай Руссаҕа ыытар. Ол 12 биригээдэттэн Бершетькэ тэриллибит 19, 20, 21, 22, 23-с биригээдэлэр (бу бары «Якутские» диэн ааттаныан сөптөөх биригээдэлэр), Нижнэй Новгородка тэриллибит 3-с, Хотугулуу-Арҕааҥҥы фронтан тэриллибит 40-с биригээдэлэр дьиҥ уоттаах сэриигэ кыттыспыттара (22-с биригээдэ резервэ курдук анаммыта). Итинтэн атын Красноярскайга уонна Алтайга тэриллибит 5 биригээдэ хаар ууллан бүтэн эрдэҕинэ кэлбит буоланнар, сэриилэспэтэхтэр, суол оҥоһуута эҥин курдук көмө үлэҕэ сылдьыбыттар. Сэриигэ кыттыбыт ити 7 биригээдэттэн чуолаан 19-с биригээдэ, төһө да бастакы күн күүстээх буомбалааһыҥҥа түбэһэн састаабын 2/3 сүтэрдэр, кэнники күннэргэ таһаарыылаахтык сэриилэспит. Ол туһунан, бэл, Левитан кытта Совинформбюро иһитиннэриитигэр биллэрбиттээх.

Старай Русса туһаайыытыгар ити курдук төһөлөөх саха буойунун уҥуоҕа хаалбытын ким билиэ баарай?! Анаан дьарыгырбыт да суох ини. Оттон сэриигэ киирбэккэ эрээри, сэрии үөрэҕин кэмигэр өлбүт буойуннарбытын ханна гынабытый? Син биир сэрии сиэртибэтэ буолбатахтар дуо? Аҥаардас 19-с хайыһар биригээдэтэ үлэ-үөрэх кэмигэр аччыктааһынтан уонна тоҥууттан 3 тыһыынча кэриҥэ киһитин сүтэрбитэ биллэр (бары өлбөтөхтөрө, сорохтор ыалдьыбыттара, кэлин атын сиргэ сэриилэспиттэрэ). Бершетька сылдьыбыт атын да 20, 21, 22, 23-с хайыһар биригээдэлэрэ итинник дьылҕаламмыттара сэрэйиллэр.

Молотовскай уобалас «Юг» уонна «Егошиха» кылабыыһаларыгар элбэх саха  көмүллүбүт. «Сураҕа суох сүппүт» дэммиттэр аймахтарын булаары, олохтоох поисковиктары кытта быйыл күһүҥҥүттэн үлэбитин саҕалаатыбыт. Хайыһар биригээдэлэрин дьылҕаларын сүрэҕэр чугастык ылыммыт Чурапчы Мындаҕаайытыттан төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор Николай Ильич Петровтуун биир өйүнэн-санаанан салайтаран үлэни тэрийэн эрэбит. Саха дьоно үгүстэрэ төлөпүөнүнэн, бассаабынан бу үлэбитин өйүүллэрин биллэрдилэр. Ол иһин музей уонна библиотека үлэһиттэрэ састааптаах «Бершеть» диэн ааттаах группа тэринэргэ быһаарынныбыт. Ким баҕалааҕы бу бөлөхпүтүгэр ыҥырабыт.

Старай Русса куоратын дьоно элбэхтик хааннарын тохпут сахалары билинэллэр, кинилэри кэриэстииллэр. 80-ча да сыл аастар, умнубаттар, пааматынньыктары оҥортууллар, кэриэстэбил тэрээһиннэри ыыталлар, махтал тылларын этэллэр. Ыраах Саха сириттэн суорума суолламмыт буойуннарын ытыгылаан кэлэр дьону ытыс үрдүгэр түһэрэллэр, үөрэ көрсөллөр.

Оттон биһиги онно хардабыт хайдаҕый?

Биһиги дьоммут 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр кыдылыннылар. Сити кэми сыһыары тутан, Старай Русса ньиэмэс халабырдьыттарыттан босхоломмут күнүн 1944 сыл олунньу 18 күнэ биһиги тоҕо бэлиэтээбэппитий? Бу кыайыы биһиги дьоммут хааннарын тохпуттарын түмүгэр ситиһиллибитэ эбээт. Ону биһиги муҥ саатар 80 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэтээһиҥҥэ Саха сирин салалтатын аатыттан кыттыспатыбыт. Хобдох түгэн. Галина Дмитриевна Федорова биһикки иккиэйэҕин быыстапкалаах бара сылдьыыбыт өлүү суолун нэтээгинэн бүөлээбиккэ тэҥнээх. Анарааҥҥылар «бу эһиги сырыыларгытын биһиги куораппыт босхолонуутун кытта холбоон, бэстибээл курдук тэрийиэххэ» диэн этиилээхтэрин иллэрээ сылтан этэ сатыыбын. Былырыын чурапчылар күргүөмүнэн бара сылдьыбыттара да, Старай Русса босхолонуутугар наадыйбатахтара, эрдэ баран хаалбыттара. Атын саха дьонун бөлөхтөрө эмиэ болҕомтоҕо ылбатахтара. Сылын аайы итинник ааһан иһэр.

Итинэн сибээстээн маннык этиилээхпин. Старай Русса туһаайыытыгар үтүмэн элбэх саха буойуна охтубута, олохтоохтор ону билинэллэр. Онон бу икки регион сибээспитин күүһүрдэр тоҕо сатамматый? Олох-дьаһах бары эйгэтигэр барытыгар. Эһиил Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыбыт 80 сыла буолуо турдаҕа. Маны эрдэттэн былааннанан дьаһанарбыт буоллар, дэлэ да үчүгэй буолуо этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....