24.11.2023 | 17:30

Старай Руссаҕа айан кэннэ санаалар: ыйытыы элбэх, сабаҕалааһын үгүс

Старай Руссаҕа айан кэннэ санаалар: ыйытыы элбэх, сабаҕалааһын үгүс
Ааптар: Ксенофонт Васильев
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйыгар Старай Русса оройуонугар ирдиир үлэҕэ Сунтаар гимназиятын уонна Чурапчы улууһун Арыылаах оскуолатын оҕолорун кытта барыта 12 буолан сылдьан кэлбиппит. «САХА СИРЭ – ИЛЬМЕНЬ» холбоһуктаах ирдиир этэрээт аатыраммыт, олохтоох «Медведь» этэрээти кытта кыттыһаммыт, Пинаевы Горки дэриэбинэ улаҕатыгар баран үлэлээбиппит. Бу айан туһунан суоллааҕы бэлиэтээһиннэрбин сэргээҥ.

Төһө да кураан сайын буоллар, суол колеята толору уулардаах сиринэн Камаз-Сайгак массыынанан айаннаатыбыт. Аара буксуйан, моһуогура сырыттыбыт. Айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, наар хордоҕой сирдэринэн барабыт. Хорутуллан баран быраҕыллан хаалбыт бааһына сирин курдук түбэлэринэн үөһэ-аллара көтүөккэлэтэн  айанныыбыт. Ардыгар массыынабыт олорор сирбититтэн  илгитэлээн кэбиһэр. Хата, ол аайы оҕолор күлсүү бөҕө.

Дэриэбинэттэн тэйдэхпит аайы маһа улам хойдон, олох да түҥ тыа дойдутугар тиийдибит быһыылаах. Көс кэриҥэ сир дэһэллэр. Былыргыта кыра-кыра хутордарынан бытанан олорбут дэриэбинэлэр сирдэринэн аастыбыт. Саамай улаханнара 20-чэ дьиэлээх дииллэр. Онно маҕаһыыннаахтара эбитэ үһү. Биир да дэриэбинэҕэ оскуолата суох буолан, олохтоохтор үгүстэрэ кэнники Пинаевы Горки дэриэбинэтигэр көһүтэлээн хаалбыттар. Сорохтор куораттаах сиргэ таласпыттар. Онон дьон-сэргэ мээнэ барбат-кэлбэт түбэтигэр тиийдибит. Булчуттар эрэ сылдьаллар эбит. Чахчы, кыыллар таалалаабыт сирдэрэ, орохторо элбээн истэ.

Эбиэс бааһынатын улаҕатыгар 3 этээстээх вышка турар сиригэр тохтоотубут. Лааҕырбытын манна тэринэбит диэн буолла. Москваттан бөртөлүөтүнэн булчуттар кэлэн эбиэс бурдугун сиэри киирэр эһэлэри ытыалаары вышка туттубуттар диэн быһаардылар. Кэлин билбиппит, тайах, кабан суола да баар аҕай түбэтэ эбит. Ол булчуттарбыт эһэҕэ эрэ наадыйаллар үһү.

Лааҕырбыт таһынан Ловать өрүскэ түһэр Боровская Робья диэн үрүйэ кэлэн ааһар. Үрүйэ диэбиппин дьонум өһүргэнэ иһиттилэр. “Үрүйэ буолбатах, үрэх. Саас көрөрүҥ буоллар, күрүлээн-харылаан киһи чугаһыан да куттанар, билиҥҥигэ холооно суох атын хартыына”, – дииллэр. Онно киирии аартыгар эһэ сүөкэммит сирэ буруолаабакка эрэ чөмчөйө сытар. Көрдөхпүнэ, убаҕас буолбатах, хойуу. Аһылыга атын буоллаҕа. Кэлин билбиппит, дьиикэй дьаабылыканы ситэ буһарбакка таһаарар улуу дьаалы сылдьыбыт. Эһэни куттуубут диэн Тумабыт харабыынынан ытар, сотору-сотору үөгүлээн ылыҥ, улаханнык айдаарыҥ диир. Биһиги ону умнан кэбиһэбит, ол иһин үксүн бэйэтэ үөгүлүүр.

Бастакы күн лааҕырбытын тэриннибит: 5 балаакка турда, аһыыр остуол, ыскамыайка, иһит уурунар долбуур, ас астыыр остуол, уот оттунар сир, оҥкучахтаах туалет оҥоһуннубут, үрэхпитигэр киирэргэ суол солоннубут. Дневальнайдар ананан, ас буһарбытынан бардылар. Уу баһан хааччынныбыт, мас бэлэмнэннибит.

«Байыастарга бастакы көмөнү оҥорор сири» чинчийии

Иккис күнтэн саҕалаан дьиҥнээх үлэбитигэр туруннубут. Сарсыардааҥҥы аһылык, хомунуу кэнниттэн инструктаж, развод, дьэ онтон хаһар сирбитигэр айан. Биэрэстэттэн арыый ордук сиргэ сатыы хаамабыт. Баран иһэн сотору-сотору үөгүлэһэбит: бастакы, онтон ортоку, салгыы бүтэһик киһи. Хаалаары гыннахтарына, кэтэсиһэ түһэбит. Оннук айаннаан «Медведь» поисковай этэрээтэ сайын хаспыт сиригэр кэллибит. Чурапчыга эдэр поисковик үөрэҕин ыыта сырыттахпытына ити сири булбуттарын туһунан биллэрбиттэрэ. Тума ыксаан бөҕө, ону бэрэбиэркэлээри Старай Руссаҕа эрдэ барбыта. Чуолкай эбит диэн баран, дьонун аҕалтаан, 48 байыаһы хостообуттар. Ситэ хостооботубут диэн биһигини наар онно кучуйар этэ. Мин наар Ретлёҕа тардыһабын, хайдыһыахха диибин. Чуолкай көтөҕөр сири буллахпытына, Ретлёҕа сылдьыахпыт диэн бүтэһигэр Тумам иннин ылбытым. Онтон разведка түмүгүнэн уонна көҥүл ылыыта олуйан, ойуурга бары барар буолбуппут. Биһиги, саҥа  үөрэнэр дьон быһыытынан, ойуурга барыстахпыт дии. Алта-хас оҥкучах хаһыллан сытара, уулаах этилэр. Сирбитин үөрэтэн баран, инструктаж кэнниттэн үлэбитин иккилии-үстүү буолан үллэстибиппит. Олег уонна Сунтаар уола Кристиан икки буолан разведкаҕа барбыттара. Сотору-сотору үөгүлэһэн, ханна сылдьалларын билэ сылдьабыт, ону таһынан рациялаахпыт. Кристиан төрөппүттэрэ рация ылан биэрбиттэрэ туһалаабыта.  Эбиэккэ «пункт боепитания» диэн кэлин ааттаабыт сирбитигэр түбэһэннэр, булумньу бөҕөлөөх кэлбиттэрэ. Эбиэт кэнниттэн ол сирбитигэр бэһиэ буолан тиийдибит, эбии ону-маны буллубут. Күн аайы икки миноискательбытын толору туһанан, разведканы ыытыахха диэн сүбэлэстибит (биир миноискатель – Олег илиититтэн араарбат тэрилэ, иккиһэ – Чурапчы үөрэххэ управлениетын Арыылаах оскуолатыгар бэлэҕэ). Ити үлэбитигэр 30-ча сыл ыстаастаах поисковик, идэтийбит байыаннай киһи Гайдученко Олег Александрович көмөтө улахан буолла. Булумньубутун барытын быһааран, кэпсээн иһэр. Кэнсиэрбэ бааҥкатын быһыытыттан көрөн: “Бу – биһиэнэ,  ити – ньиэмэстэр киэннэрэ, бу – Норвегия кэнсиэрбэтэ”, – дэтэлиир. Миноискателын тыаһыттан оннооҕор сири курдат төһө дириҥҥэ, төһө улаханнаах тимир дуу, алюминий дуу, алтан дуу сытарын кытта быһаарар дьоҕурдаах киһи. Бу сүгэ сытар, бу лаппаакы сытар, ээ, бу тимир бытархайдара, оскуолактар буолуо, ити дириҥ соҕуска улахан тимир сытар, манна туох эрэ алюминий, итиннэ ботуруон, манна гильза, ээ, бу граната эҥин диэн эппитэ оруобуна сөп буолан сөхтөртүүр. Киниттэн биһиги бэрт элбэҕи биллибит, сылдьыбыт сирбит уопсай хартыынатын кытары быһаардыбыт.

Разведка саҕана булуллубут тэриллэрбит туруктарыттан (туттар мал-сал, хачыанайдык ытыыстаан оҥоһуллубут холуодьас, кырыс сири тиэрэргэ анаммыт булуук, алдьаммыт иһит-хомуос о.д.а.) бу медсанбат кыра дэриэбинэ таһыгар олохсуйбут эбит диэн түмүктээтибит. Сэрии буолбут сирэ, бааһырбыт байыастарга бастакы көмөнү оҥорор сир, манна дьиэ турбут, бу дьиэ умайбытын тобоҕо, итиннэ аттары туруора сылдьыбыттар, икки тиэхиньикэ турбут ырааһыйата диэн суол-суол арааран уруһуйдаатыбыт. Булуллубут блиндажтарынан сирдэттэххэ, наһаа улахан санитарнай чаас буолбатах курдук. Ол эрэн халлаан арыый сылыйбыт кэмнэригэр туох да эбии оҥоһуута суох балааккаларынан  түспүт буолуохтарын эмиэ сөп ээ. Кыстык балаакка сирэ олох анал оҥоһуктаах оһохтоох эҥин. Сааскы, күһүҥҥү балаакка тура сылдьыбыт сирэ, тулата ханаабалаах, бэйэтэ үрдэтиилээх буолар эбит.

Быйыл барыта 110 байыас көтөҕүлүннэ. Сирин чинчийэн көрдөхпүнэ, аны икки обургу көмүллүү баар курдук уонна биирдиилээн кыра эмиэ көстүөн сөбө буолуо. Мин сабаҕалыырбынан, аны 20-чэ буойуну ити түбэттэн көтөҕүөххэ сөп буолуо дии саныыбын. Тума булуллубут сири үөрэтэн көрбүт уонна бу 364-с стрелковай дивизия 495-с медсанбатын докумуона суох биллибэт көмүүтэ диэн быһаарбыт. Мин бу дивизия туһунан сибидиэнньэни хомуйан баран, төһөнөн билэн истэҕим аайы, ити Тума этиитигэр сөпсөспөт санаам эбиллэн истэ.

364-с дивизия Омскайга таҥыллыбыт. Бастаан резервэҕэ, онтон наар кимэн киириигэ сылдьан, таһаарыылаахтык сэриилэспит эбит. Пинаевы Горки түбэтигэр улахан сэрии буолбатах, медсанбаттар турбут сирдэрэ дииллэр. 1942 сыллаахха сэрии буолбут каартатын көрдөххө да оннук. Оннук эбит буоллаҕына, медсанбат тоҕо докумуон хаалларбакка дьонун көмөттөөн баран атын сиргэ барда? Ытыллыбатах Кыһыл Аармыйа ботуруоннарын чинчийдэххэ, 1942 сыллаах оҥоһуктар. Оттон көрдөөһүн түмүгэр булуллубут ытыллыбыт ньиэмэс Маузер бинтиэпкэтин, биһиги Мосин бинтиэпкэбит гильзалара, тааҥканы ытар саа ытыллыбыт гильзалара, 76 мм, 45 мм пушкалар гильзалара дааталара биир да кыайан көстүбэт. «Сэрии буолбут сирэ» диир сиртэн булуллубут Токарев бинтиэпкэтин чөмөх ботуруоннара эмиэ биир да даатаны көрөр туруктаах суоҕа, сэрии иннинэ оҥоһуллубут красноармеец кааската, эсэсовец плащ палаткатын тимэҕэ, ньиэмэс ракетатын гильзата эмиэ толкуйга түһэрэллэр. 1942 сыл кулун тутар ыйга тыылга тоҕо сэрии буолла диэн ыйытыы үөскүүр. Итини барытын ырыҥалаан бараммын, бу, арааһа, 1941 сыллааҕы куотуу саҕана оҥоһуллубут көмүү буолуон сөп диэхпин баҕардым. Ити сабаҕалааһын эрэ. Ол чахчы буоларыгар, бука, элбэх чинчийэр үлэни ыытыыны эрэйэн эрдэҕэ. Баҕар, ити сабаҕалааһыммын ньуоска үлтүркэйигэр суруллубут «Клешнев», «Огузенко» дуу, «Гузенко» диэн дуу, фляга хаппаҕар суруллубут «Шишкинов» дуу тугу эмит арыйыахтарын сөбө буолуо. Бу түбэнэн ити 364-с стрелковай дивизия кэлин ааспыт буолуон сөп. 2-с гвардейскай стрелковай куорпус кэлэн ааспытын биир туоһутунан гвардейскай значоктар көстүүлэрэ, иккиһинэн С-60 тыраахтар гусеницатын звенота (С-60 трактордар корпусной артиллерияны эрэ соспуттара) эмиэ көстүбүтэ туһунан ыйытыылары, толкуйдары үөскэтэр. 

Көмүү сириттэн чугас, соҕуруу эҥээргэ икки эрээтинэн оҥоһуллубут, арҕаа уонна илин диэки барыылаах кынаттардаах траншеялар бааллара туһугар эмиэ биир таабырын. Тоҕо, ньиэмэстэр киэннэрэ дуу, биһиги сэриилэрбит траншеялара дуу эмиэ быһаарыыны эрэйэллэр. Субу-субу сөмөлүөт үлтүркэйдэрин булуу, сөмөлүөт пушкатын 20 мм, 37 мм гильзалара көстүбүттэрэ үөһээ халлааҥҥа кыргыһыылары туоһулууллар. Ити биһиги чинчийбит сирбитигэр чуолаан Кыһыл Аармыйа сөмөлүөттэрин тобохторо элбэҕэ эмиэ дьикти. Ньиэмэс сөмөлүөтүн тобоҕун арай лааҕырбыт таһыттан булбуппут.

Разведка түмүгүнэн бэрт үгүс сэдэх тэрили буллубут. 30-ча сыл дьарыгырбыт Олег Александрович, 25 сыл дьарыгырбыт Игорь Григорьевич хаһан да көрбөтөхпүт диэн сэргииллэрэ элбэх этэ. Холобура: саллаат бэйэтэ оҥостубут курууската, эмалированнай ньуоска, испиискэ хоруопкатын суруктаах, уруһуйдаах хаата, алюминий тараах, өстүөкүлэ чэрэниилэ иһитэ, омук пепельницата, аналын киһи дэбигис таайбат өстүөкүлэ оҥоһуга о.д.а. бааллар. Итинэн наһаа таһаарыылаахтык үлэлээтибит диэн түмүк оҥоруум. Өссө арыый кэҥээн көрдөөбүппүт буоллар, булумньубут элбиэ этэ, өссө туох-туох түмүккэ кэлиэ эбиппит буолла диэн хомолтобутун дуу, баҕа санаабытын дуу этэн туран, разведканы түмүктүөххэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...