11.06.2021 | 10:24

Станислав Свинобоев Бухарестка уһаарыллыыта

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Станислав Свинобоев Бухарестка уһаарыллыыта

Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, 18 саастаах Станислав Свинобоев саас Иркутскайга 21-гэр диэри саастаахтарга көҥүл тустууга  Арассыыйа чемпиона буолбута. Итинник түһүлгэттэн кыһыл көмүс мэтээл кэлбэтэҕэ 11 сылыгар  эбиитин орто ыйааһыҥҥа  70 кг аҕалыыта уонна атырдьах ыйыгар Башкортостан киинигэр Уфаҕа ыытыллыахтаах аан дойду 21-гэр диэри саастаахтарга чемпионатыгар Арассыыйа чиэһин көмүскүүр быраабы ылыыта үөрүүнү түөрт төгүл үрдэппитэ.

Билигин эрчийэр тренерэ, уопуттаах иитээччи  Василий Уваров олимпийскай улахан эрэлинэн ааттаабыта. Спортсмена ааспыт нэдиэлэҕэ  Уфалыырга бэлэмнэнии чэрчитинэн  Румыния киин куоратыгар Бухарестка 21-гэр диэри саастаахтарга аан дойдутааҕы турнирга РФ сүүмэрдэммит хамаандатын кэккэтигэр илдьэ сырыттылар. Ити  Думитру Пырвулеску уонна Василе Йорга кэриэстэригэр түһүлгэҕэ  субуотаҕа 70 кг утарсааччыларын тулуталаабатаҕа. Финляндия, Украина уонна Румыния атлеттарын уоннуу баалларынан чорбойон, болдьох иннинэ быһа ыраас кыайыылары ситистэ. Бэйэтэ икки эрэ баалы биэрдэ. Итиннэ  Арассыыйа чемпиона мэлдьи тутуһан ыга сылдьан атахтыырын, умса түһэрдэҕинэ бэркэ эргитэлиирин, оннооҕор Киев уопуттаах армянина Погосян тулуйбата.

Арай, сарсыныгар, өрөбүл киэһэ бэйэтин курдук  Станислав диэн ааттаах,  киппэ көрүҥнээх Молдова модьута дьэ тэҥҥэ анньыста. Ол үрдүнэн биһиги уолбут сымсатынан мэлдьи инникилии сырытта. Утарсааччыта хаалсыбат, ахсааны аахсан, төннөрсөн, ситэн иһэр. Биһиги Станиславпыт анараа Станиславы охтороот, бу иннинэ “накаты” (биили курдуу хам ылан төкүнүтүүнү) чаҕылхайдык оҥорорун арбитр көрбүт чинчилээх. Уолбут умса түһэрдэр эрэ, “кутаммыттыы”  свистоктаан  туруоран истэ.  Новак судьуйалар, үгүстэр европеецка ыалдьалларыттан  ордук эрдийдэ. Икки төгүл илииттэн эрийэ тардан, көхсүгэ хатанан уонна хаста да атахтаан бүдүрүттэ. Хата, хапсыһыы бүтүүтэ быстан “абыраата”. Ону да судьуйаларга эрэнэн, тренердэрэ мөккүспүтэ буолан, уолларын сынньатан “быыһыы” сатаатылар. Свинобоев ону ол диэбэккэ, киирсии тухары холку көрүҥнээҕэ, бэйэтигэр эрэллээҕэ көстөр-биллэр этэ.

Атахтыырынан атамаан Новак мөккүөртэн тыын ылан, тиһэххэ диэри ньоҕойдосто. Бүтэһик   сөкүүндэлэргэ ахсаан 12:10 турдаҕына, сотону харбаат, тобуктаан, өрө баста, мин “ах” дии түстүм. Тоҕото өйдөнөр – охтордо да икки баалы тута биэрэн тэҥнииллэр, кыайыыны мүччү туттаран былдьыыллар. Биһиги эрэнэр ыччаппыт манна да холку, сарын үрдүттэн түспэтэ. Көбүөртэн тахсан истэҕинэ, чугаһатан көрдөрдүлэр.  Аҕылаабатах, тириппэтэх да, сүүрэ турда. Аан дойду чемпиона, хамаанда сүрүн тренерэ Абдусалам Гадисов уолбут бастаабытынан хаста да сөбүлээн аҕай сылдьыбыт  Сахатын сирин дьонугар эҕэрдэ ыыппыт. Ол эрээри мантан омуннура үөрэр табыллыбат. Атаҕын көмүскэнэргэ, илиититтэн эрийэ тартарыыттан кэннигэр таһаарбакка мүччү туттарыыны чочуйдаҕына сатаныыһы. Онтон да атын албастары молдаваннааҕар буолуох кыахтаах,  кинитээҕэр ордук оҥорооччулар бааллара буолуо. Бухарестка бу ыйааһын күүстээхтэрэ иранецтар, американецтар, кореецтар, японецтар уо.д.а. кэлбэтэхтэр. Кинилэр туох дьоҕурдаахтарын атын күрэхтэһиилэртэн уһуллубут видеолары булан, көрөн анаан бэлэмнэнэр туһалаах эрэ буолуо.  

Итинэн Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата дойду быйылгы эдэрдэргэ алта чемпионун тургутуутугар, Москваҕа биэс кыһыл көмүстээх эргиллиитигэр биири саха илдьэ кэллэ

 

Польша тренерэ сахалыы сүбэлиир

Соторутааҕыттан ютубка  Дагестантан хантараагынан Польша көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын  сүрүн тренеринэн үлэлии сылдьар Юсуп Абдусаламов биһиги легионербыт Эдуард Григорьевы уонна кини биир дойдулаахтарын  кытта сахалыы дьээбэлэһэ олорорун үөрэ көрөбүн. Легионербытын сөбүлээтэҕэ. Тренер киирсии кэмигэр секунданныыр бөҕөстөрүгэр   утарсааччылара билбэт тылларынан, холобура, дагестанецтарга бэйэтин уонна ыалласпыт, алтыспыт кавказецтарын төрөөбүт тылларынан сүбэлиирэ өйдөнөр.

Эдуардка нууччалаатаҕына кыһаммат эбит. Онно славянскай  тылынан хаһыытааччы да элбэх буолуо. Оттон сахалыы сибис гынна да, Григорьев түһүнэн кэбиһэр эбит. Онон тренер аймахтыы тылы үөрэтэргэ ылсыбыт.

 

Айаалга Олимп аартыга аһыллыан сөп

Соторутааҕыта Индия бөҕөһө Малик Сумит допиҥҥа тутулунна. Бу ыарахан ыйааһыҥҥа уруккута Азия призера быйыл Болгариятааҕы турнирга иккис буолан, Токиотааҕы Олимпиада лицензиятын дойдутугар илдьибитэ.  

Айаал Лазарев тренерэ Иван Сивцев этэринэн, эрэл кыыма хаһан да сүппэт. Билигин Айаал атаҕын эчэтиитин эмтэтэрин быыһыгар сэрэнэн дьарыктана сылдьар. Сумиттан бэс ыйын 10 күнүгэр хаттаан анаалыс ылыахтаахтар, онно допиннаммыта бигэргэннэ да, Айаал Лазарев олимпиецтар кэккэлэригэр өссө төгүл түөрт сыллааҕытын курдук киириэх сырдыга  кыламнаата. Онто да суох легионербыт эрчиллиитин күүһүрдүө.   Атын лицензиялаахтар икки ый устата хайдах буолуохтара биллибэт.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...