04.11.2020 | 16:57 | Просмотров: 567

Өссө да хааччахха олоробут

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев дьаһалынан хааччахтааһын миэрэлэрэ сэтинньи 31 күнүгэр дылы уһатылыннылар.

Ааспыт нэдиэлэттэн анаалыстары ылыы, оҥоруу үлэтэ саҥардыллыбыта. Ол түмүгэр, анаалыстар лабораторияҕа эрэ буолбакка, кэккэ балыыһаларга эмиэ оҥоһуллар буоллулар.

Алтынньы 31 күнүнээҕи СӨ Бырабыытылыстыбатын дьаһалынан, мэдиссиинэ  үлэһиттэригэр эбии төлөбүр олохтонно. Ону таһынан, балыыһаҕа эмтэнэр дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии харчы көрүллүөҕэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ РФ пульмонологияҕа института ыыппыт семинарыгар СӨ доруобуйаҕа харыстабылын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Онно коронавируһу кытары охсуһууга саҥа уопуту, үлэлэри биллилэр. Үөрэх, эбии үөрэхтээһин, спорт тэрилтэлэрэ Ил Дархан эбии дьаһалынан эрэ үлэлээн саҕалыахтара.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.