Спортсменнар Горнайга ойуур баһаарын умуруорарга көмөлөһөллөр
От ыйын 28 күнүгэр Горнай улууһугар баһаары умуруорарга көмөлөһө Дьокуускайтан 110 физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтин, биэдэмистибэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ уонна өрөспүүбүлүкэ чулуу спортсменнара бардылар. Ол туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтин, биэдэмистибэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ уонна спортсменнар Горнай улууһун территориятыгар баар баһаары умуруорууга баҕа өттүлэринэн кытталлар. Кинилэр кууруска сылдьан үөрэҕи ааспыт, бэлэмнээх дьон буолаллар. Бүгүн уоту кытта охсуһууга 110 киһини ыыттыбыт. Биһиги, спортсменнар, өрөспүүбүлүкэҕэ буола турар уустук балаһыанньаҕа туора туруо суохтаахпыт», - диир физическэй култуура уонна спорт миниистирин бастакы солбуйааччы Леонид Спиридонов.
⠀Бу иннинэ 50 спортсмен баҕа өттүнэн Сунтаар, Нам уонна Горнай улуустарын баһаардарын умуруорууга сылдьыбыттар.