Спортивнай эбийиэктэргэ санитарнай күннэр олохтоннулар
(Спорткомлекстар үлэлэрин графиктара)
Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар туһуттан, Дьокуускай спортивнай эбийиэктэригэр санитарнай ыраастаныы күннэрэ олохтонно. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи Спорт министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Дьокуускайга физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтин эбийиэктэриттэн Н.Н. Тарскай аатынан «Туймаада» стадион, «Самородок», «Чолбон» бассыайыннар, «Модун», «Дохсун» спорткомплекстар уонна «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһын дьарыктанар саалата үлэлииллэр. Барыларыгар гражданнары ыарыыга сыстыһыыттан харыстыыр сыаллаах дезинфекциялыыр үлэлэр ыытыллаллар. Спорт миниистирин бирикээһинэн, бэнидиэнньик уонна баскыһыанньа аайы санитарнай күн олохтонно.
Спорду таптааччылар цифровой пропуск оҥорторуохтарын сөбүн миниистир солбуйааччыта бэлиэтээтэ. Ол туһугар propusk.sakha.gov.ru/auth порталга бэлиэтэниэххэ эбэтэр «Цифровой пропуск Якутии» сыһыарыыны AppStore-тан, Play Маркет-тан хачайдыахха сөп.
Спортивнай эбийиэктэр үлэлэрин уонна санитарнай күннэр графиктара:
«Чолбон» бассейн — сеанска 78 киһи киирэр; 08:00-20:00 ч.; төл. 8924-174-02-61. Бэнидиэнньик аайы 12:00 чааска диэри санитарнай ыраастаныы.
«Самородок» бассейн — сеанска 50 киһи; 07:30-20:45 ч.; төл. 42-41-44. Бэнидиэнньик аайы 12:00 чааска диэри санитарнай ыраастаныы.
«Эллэй Боотур» — сеанска 15 киһи; 09:00-21:00 ч., бэнидиэнньик аайы 09:00-21:00 чааска диэри санитарнай ыраастаныы, төл. 43-35-98.
«Модун» СК — сеанска 43 киһи; 09:00-21:00 ч., төл. 34-12-04, баскыһыанньа аайы 09:00-12:00 диэри санитарнай ыраастаныы.
«Дохсун» СК — сеанска 15 киһи; 14:00-21:00 ч., өрөбүл күннэргэ 11:00- 21:00 ч., төл. 40-25-37, 700-219. Баскыһыанньа аайы 11:00 чааска диэри санитарнай ыраастаныы.
«Туймаада» стадион — сеанска 75 киһи; 06:00- 20:00 ч.; төл. 31-81-83. Баскыһыанньа аайы 20:00- 21:00 ч. диэри санитарнай ыраастаныы.