Спортивнай эбийиэктэргэ саҥа тэриллэр кэллилэр
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, «Демография» национальнай бырайыак «Спорт — норма жизни» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна киин куоракка спортивнай тэрилтэлэри тэрилинэн хааччыйыы салҕанар.
Ити курдук, «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһыгар материальнай-техническэй бааза саҥардыллар, манна хоккейга дьарык ыытыллар.
«Билигин тренажернай саалалары күүһү биэрэр уонна интерактивнай тэриллэринэн, Дьокуускайга эрэ буолбакка, Серебрянай борга эмиэ эбии хааччыйыахпыт. Итини сэргэ, тоҥорор (холодильнай) тэрили туруорарга бэлэмнэнэбит», – диэн кэпсээтэ спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт оскуолатын дириэктэрэ Владимир Хисамутдинов.
Уон сыл кэриҥэ кэтэспит саҥа тэриллэрин «Триумф» спорт комплекса ылла.
«Спорт оскуолаҕа аналлаах боксаҕа туттуллар тэрили ыллыбыт. Ону өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт оскуолаларын филиалларыгар түҥэтиэхпит», – диэн чуолкайдаата СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев.
Киин куорат 17-с кыбартаалыгар баар олимпийскай резервэ училищетын территориятыгар аһаҕас типтээх физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс баар буолара күүтүллэр. Манна тренажердары сэргэ сайын футбол хонуута, кыһыҥҥы өттүгэр хоккей балаһаакката буолар ураты балаһаакканы оҥоруохтара.
Бэлиэтээн эппиттэринэн, спорт тэриллэрин саҥардааһын өрөспүүбүлүкэ сылдьарга эрэйдээх, ыраах буолан уонна халлаан туругунан сибээстээн 2021 сыллаахха эрэ саҕаламмыт.
«Тэрил барыта кэмигэр кэлиэхтээх, тоҕо диэтэр туруоруу элбэх бириэмэни ылар, үлэ хонтуруолланна. Хойутааһын ыраахпытыттан уонна уустуктартан тахсар. Биир нэдиэлэнэн үлэ түмүктэниэ дии саныыбын», – диэтэ вице-премьер Ольга Балабкина.