06.10.2020 | 08:04

Спорт тэрилтэлэрин үлэлиир ирдэбиллэрэ оҥоһулунна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоммут эпидемиологическай балаһыанньаҕа олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ спортка министиэристибэтэ спортивнай тэрилтэлэр үлэлиир ирдэбиллэрин бэлэмнээтэ.

Коронавирус инфекцията күүскэ тарҕаныытын сэрэтэр сыалтан Роспотребнадзор өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын кытта спортивнай эбийиэктэр үлэлэрин биир кэлим халыыба оҥоһулунна. Саҥа ирдэбил дьарыктанар дьон ахсаанын чопчу регламенын олохтоотулар.

Тренажернай уонна фитнес саалаларга биир дьарыктанар киһиэхэ түөрт квадратнай миэтэрэ иэннээх сир көрүллүөхтээх, бассейнарга — биэс квадратнай миэтэрэ иэннээх уу эркинэ. Таҥас уларыттар сирдэргэ социальнай тэйиччи туттуу булгуччу тутуһуллуохтаах.

Спортивнай эбийиэк иһигэр сылдьааччылар дьарыктанар кэмнэриттэн ураты, булгуччу мааскалаах уонна бэрчээккэлээх буолаллара, 1,5 миэтэрэ социальнай арыты тутуһаллара, ону тэҥэ терапевт быраастан дьарыктаныахтарын сөбүн туһунан ыспыраапка тиксэрэллэрэ ирдэнэр. COVID-19 вирус суоҕун туһунан эбии ыспыраапка ирдэммэт.

Спортивнай эбийиэккэ киирэн дьарыктанар дьор бөлөҕүн икки ардыгар санитарнай ыраастааһыҥҥа, саалалары, таҥас уларыттар сирдэри уонна да атын уопсастыбаннай миэстэлэри салгылатарга анал тохтобул баар буолуохтаах.

Ону тэҥэ коронавирус инфекцията тарҕаныытын сэрэтэр сыалтан, цифровой пропуск систиэмэтэ үлэлээтэ. Пропуск онотторорго propusk.sakha.gov.ru/auth портал нөҥүө регистрация ааһыы эбэтэр AppStore уонна PlayМаркет нөҥүө «Саха сирин цифровой пропуска» («Цифровой пропуск Якутии») сыһыарыыны хачайдаан ылыы ирдэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....