04.12.2021 | 17:00

Спорт сонуннара

Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Москва аннынааҕы Долгопруднай куоракка түмүктэммит пауэрлифтиҥҥэ аан дойду Кубогар уонна силовой көрүҥнэргэ Хаҥалас Үөдэйиттэн төрүттээх-уустаах Евгений Самсонов 60 кг чаҕылхайдык кытынна. Сытан эрэ штанганы өрө анньыыга уонна стритлифтиҥҥэ кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаата, итиэннэ Арассыыйа спордун маастара буолары ситистэ.  Дэгиттэр сайдыылаах Евгений Самсонов “Небесная река” киин ушуга уонна цигуҥҥа тренеринэн үлэлиир. Эрдэ Арассыыйаҕа чемпионнаабыта, Арассыыйа рекордун олохтообута.

Олимпийскай эрэл училище иитиллээччитэ Алина Готовцева буулдьанан ытыыга 17-гэр диэри саастаах оҕолорго Татарстаҥҥа буолан ааспыт Арассыыйа чемпионатыгар пневматическай бэстилиэккэ үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Алина Готовцеваны тренер Александр Сотников эрчийэр.

Екатеринбурга буолан ааспыт 21-гэр диэри саастаах Арассыыйа дзюдоҕа чемпионатыгар Карина Ефимова 52 кг уонна 48 кг Аина Моисеева кыһыл көмүс, 44 кг Саина Петрова үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттаатылар. Бу көрдөрүүлэринэн үһүөн Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдилэр. Р. М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетыгар дзюдоистка кыргыттары тренер Дамдиндорж Гомбодорж эрчийэр. 

Пауэрлифтининэн дьарыктанар Мэҥэ Хаҥалас адаптивнай спорка күүстээх ыччата Айаал Сивцев Екатеринбурга Европа ыччаттарын күрэхтэһиитигэр 53 кг кытынна уонна 105 кг ыйааһыннаах штанганы сыыйа өрө анньан кыайыылааҕынан таҕыста. Маҕан орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Иннокентий Григорьев 70 саастаах бэтэрээннэргэ эмиэ классическай жимҥэ Европа чемпионун үрдүк аатын ылары ситистэ.

 

Ушуга Москваҕа буолан ааспыт Арассыыйа Кубогар Покровскайтан 35-н үөһэ саастаахтарга Антонина Иванова тайцзиюань көрүҥэр икки кыһыл көмүс мэтээллэннэ, тренерэ Эдгар Тобуков. Дьокуускайтан 12-14 саастаахтарга Анна Романова, 18-35 саастаахтарга Каролина Егорова (тр. Василий Самосонов) иккис миэстэлэри ылаттаан, маастарга кандидат нуорматын толордулар. Анна Романова, Туйаара Корякина дуйлянь тацзицюань көрүҥҥэ бастаатылар. 12-14 саастаах уолаттарга Аркадий Прокопьев уонна Владислав Эртюков кыһыл көмүс мэтээллэри ыллылар.  Владислав Панов үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистэ. 

 

Остуол тенниһигэр оонньуур оҕолор Новосибирскайга буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы “Start Line” талааннаах оҕолор турнирдарын кыайдылар уонна Арассыыйа остуол тенниһигэр Федерациятын официальнай күрэхтэһиилэрин халандаарыгар киллэрилиннилэр. 12-14 саастаах уолаттарга Чурапчы Хатылытыттан Изот Кривошапкин чаҕылхай оонньуунан 90-н тахса утарсааччытын кэннигэр хааллартаан, бастакы миэстэни ылла. Талааннаах теннисист уолу аҕата Геннадий Кривошапкин эрчийэр. 15-17 саастаах кыргыттарга Амма Эмиһиттэн Анита Ноговицына бастаата. Тренердэрэ Валентин Николаев уонна Василий Румянцев. 

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын гимнасткалара Ковров куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Аскона спорт” күрэхтэһиилэригэр миэстэлэстилэр. 12 уонна 13-14 саастаах гимнаст кыргыттар мээчиктээх уонна скакалкалаах көрүҥнэргэ сахалыы национальнай хамсаныылары сонуннук, кыраһыабайдык оҥордулар. Дьүүллүүр сүбэ саха гимнасткаларын түһүлгэҕэ тахсыыларын визитнэй карточка быһыытынан ылынан, үрдүктүк сыаналаатылар. Гимнастка кыргыттары тренер Татьяна Шишигина эрчийэр.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Иннокентий Григорьев уонна  Арктическай государственнай агротехнологическай университет ректора Константин Кривошапкин физическэй культура уонна спорт эйгэтигэр, ол иһигэр адаптивнай спорка, бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиитин түһэристилэр. Үөрэтэр-методическай, научнай-чинчийэр үлэ хайысхаларыгар, физкультура уонна спорт исписэлиистэрин, кадры бэлэмнээһиҥҥэ болҕомто күүһүрүөҕэ. Устудьуоннар спортара сайдарыгар, физкультура-спорт маассабаһын үрдэтиигэ  кыахтар үөскэтилиннилэр.

 

“Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” Федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт куонкуруска бастааннар, спорка солбугу бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэ киинэ ботуччу сыаналаах Грант ылбыта. Граҥҥа олоҕуран, стендэбэй ытыы, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, дзюдо, дуобат, саахымат уонна чэпчэки атлетика көрүҥнэригэр аналлаах спортивнай оборудованиелар номнуо “Дохсун” спорткомплекска таҥыллан туруорулуннулар. Спордунан дьарыктанарга бэртээхэй усулуобуйа баар буолла.
Үөскэтиллибит кыаҕы көдьүүстээхтик туһанар инниттэн, спорка солбугу бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэ спорка киинин дириэктэрэ Василий Егоров уонна Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин уонна Покровскай куорат Спортивнай солбукка оҕо спортоскуолаларын дириэктэрдэрэ Роман Пахомов уонна Александр Куприянов бииргэ үлэлээһин Дуогабарын түһэристилэр. Дуогабар сүнньүнэн “Дохсун” спорткомплексыгар туруоруллубут саҥа спортивнай оборудованиеларга дьоҕурдаах оҕолор, тренердэр түмсэн бииргэ эрчиллиэхтэрэ, маастарыстыбаларын үрдэтиэхтэрэ.  

 

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ГТО нуормаларын көхтөөхтүк туттараллар. Сунтаар улууһун салайааччылара кыһыл көмүс значоктарга туттарбыттара кэрэхсэбиллээх. Баһылык Анатолий Григорьевка, улуус физическэй культураҕа уонна спорка отделын начальнигар Семен Павловка, Алквиад Исидорович Иванов аатынан Олимпийскай эрэл оҕо спортоскуолатын дириэктэригэр Денис Даниловка Арассыыйа спорка миниистирэ илии баттааһыннаах дастабырыанньалары уонна кыһыл көмүс бэлиэлэри Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата. Салайааччылар тус бэйэлэринэн чэгиэн-чэбдик сылдьарга, чөл олоххо ыҥыраллара үтүө холобур. ГТО нуормаларын туттаран, барыта 49 киһи араас солотуулаах бэлиэлэри ыллылар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...