Спорт сонуннара
Алдантан — ПЕКИҤҤЭ
Алданнааҕы хайыһар базатыгар Арассыыйа хайыһарга уонна биатлоҥҥа сүүмэрдэммит хамаандалара эрчиллэн-бэлэмнэнэн бүтэн, улахан күрэхтэһиилэргэ тарҕаһан эрэллэр.
Арассыыйа сүрүн тренердэрэ Олег Перевозчиков хайыһарга, Юрий Каминскай биатлоҥҥа эрчийдилэр. Хас да сүүмэрдээһин түһүмэхтэри ааһан, олунньуга Пекиҥҥэ буолар кыһыҥҥы олимпийскай оонньууларга кыттар сүрүн сыал-сорук турар. Арассыыйа күүстээх хайыһардьыттарын ортолоругар Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс медалиһа, аан дойду ыччаттарын икки төгүллээх чемпиона, аан дойду үрүҥ көмүс призера Сергей Ардашев, аан дойду кыһыҥҥы Универсиадатын үрүҥ көмүс призера, ыччаттарга аан дойду икки төгүллээх чемпиона Иван Якимушкин, Арассыыйа күүстээх биатлонистара: быйылгы аан дойду чемпионатын призердара Эдуард Латыпов, Карим Халили, эстафетаҕа аан дойду хас да төгүллээх чемпиона, Европа үс төгүллээх чемпиона Антон Бабиков уо.д.а. бааллар.
Биһиги Сахабыт сирин бастыҥ хайыһардьыттара бииргэ эрчилиннилэр. Сүүмэрдэммит хамаандалары Виктор Леонидович Васильев хайыһарга, Альберт Талгатович Сафаров биатлоҥҥа дьарыктаатылар. Бастыҥнар ортолоругар Арассыыйа боруонса призердара, “Саха ракетата” аатынан сүрэхтэммит Александр Клуген, Арассыыйа ыччаттарын кыайыылаахтара, призердара Владимир Рыбкин, кыргыттарга Бүтүн Арассыыйатааҕы хайыһар күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа Регина Петрова, биатлоҥҥа Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылааҕа Александр Процук туйгун туруктарыгар киирэн эрэллэр.
Алтынньы 28-29 күннэригэр сайыҥҥы-күһүҥҥү бэлэмнэниилэри тургутар-хонтуруоллуур стартар буоллулар. Эр дьон 12,9 км, дьахталлар 5 км сүүрдүлэр. Хайыһардьыттар уонна биатлонистар бииргэ күрэхтэстилэр. Күүтүллүбүтүн курдук, дойду күүстээх хайыһардьыттара инники күөҥҥэ сырыттылар. Көҥүл истиилгэ хайыһарынан сүүрүүгэ ыччаттарга аан дойду чемпиона, аан дойду Кубогын кыайыылааҕа Иван Якимушкин (Тюмень) бастыҥ бириэмэни көрдөрдө. Аан дойду уонна Европа биатлоҥҥа призера Эдуард Латыпов (Башкортостан) иккис, аан дойдутааҕы IBU Кубогын кыттыылааҕа эдэр талааннаах биатлонист Даниил Серохвостов (Алтай) үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Иккис күн, “классикаҕа”, биатлонистар кыттыбатылар. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын хайыһардьыттара Илья Семиков (Коми), Иван Якимушкин (Тюмень), Илья Порошкин (Коми) кыайыылары ситистилэр. Сахабыт сириттэн “Сибиир Кубога” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэрин боруонса призера, 1 км сприҥҥэ чаҕылхай көрдөрүүлэрдээх, “Саха ракетата” аатынан сүрэхтэммит, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Ленскэй оройуонун ыччата Александр Клуген 9-с, Ярослав Катлярчук 12-с буолуталаатылар.
Ил Түмэн физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев салайааччылаах норуот дьокутааттарын бөлөҕө Алданнааҕы хайыһар базатыгар икки күн устата үлэлээтэ. Алдан куоратыгар уонна Томмот бөһүөлэгэр спорт объектарын кэрийэн көрдүлэр, олохтоох салалта уонна тренердэр кыттыылаах онлайн форматынан киэҥ ыҥырыылаах сүбэ мунньаҕы ыыттылар, баар итэҕэстэри туоратарга рекомендациялары ылыннылар.
Адаптивнай спорт олорон эрэ волейболугар Сунтаартан Алена Дмитриева Европа үс төгүллээх чемпиона буолары ситистэ. Европа чемпионата Турция Кемер куоратыгар буолан ааста. Европа үс төгүллээх чемпиона Алена Дмитриева Дьокуускайга көтөн кэлиитин Ойуунускай аатынан “Туймаада” аэропордугар СӨ спорка министиэристибэтэ, СӨ спорка бэлэмнэнии Киинэ, СӨ ФКС Адаптивнай Киинэ, инбэлииттэр спортарын федерацията, доҕотторо, чугас дьоно сибэкки дьөрбөлөөх көрүстүлэр. Бу иннинэ Алена Дмитриева 2017 с. Хорватияҕа, 2019 с. Венгрияҕа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандаларыгар оонньоһон бастаталаабыта. 2018 с. аан дойдуттан эмиэ кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Токиотааҕы Паралимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа. Сахатын сиригэр тренер Константин Дмитриевич Гаврильевка, Арассыыйаҕа Александр Николаевич Овсянниковка эрчиллэн кэллэ. Олорон эрэ волейболга Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара Алена Дмитриева ситиһиилэринэн киэн туттарын, күрэхтэһэн бүтэрин туһунан иһитиннэрдэ. Тренердэригэр, чугас дьонугар өйөбүллэрин иһин махтанна.
Красноярскайга Бувайсар Сайтиев 18-гар диэри саастаах уолаттарга көҥүл тустуу норуоттар икки ардыларынааҕы турнирыттан Саха сирин тустууктара сэттэ мэтээллээх эргилиннилэр. Кэскил Семенов, Лев Павлов, Артем Слепцов кыһыл көмүс, Айсен Иванов, Николай Охлопков үрүҥ көмүс, Игорь Матвеев уонна 110 кг ыйааһыннаахтарга Ньургун Чукров боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. Чурапчы спорт оскуолатыгар Юрий Афанасьевка эрчиллэр 60 кг тустубут Артем Слепцов турнир “Бастыҥ тустууга” анал бирииһинэн наҕараадаланна.
Бильярдка Уһук Илин чемпионатыгар Саха сириттэн алтыа буолан кытыннылар. Ордук тахсыылаахтык оонньоон Үөһээ Дьааҥыттан хапсаҕай маастара, Саха сирин биллиилээх ювелира Алексей Эверстов үрүҥ көмүс призер буолары ситистэ.
Адаптивнай спорт кулгаахтарынан мөлтөхтүк истэр бөҕөстөрө “Курскайдааҕы утарыта турсуу” Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирыттан көҥүл тустууга уонна греко-римскэй тустууга 14 мэтээли, ол иһигэр: түөрт кыһыл көмүс, аҕыс үрүҥ көмүс уонна икки боруонса мэтээллэри ылары ситистилэр. Греко-римскэй тустууга Василий Стрекаловскай 82 кг бастаата, Валерий Чемпосов иккис буолла, Егор Скрябин, Евгений Мухамедзянов, Алексей Васильев – иккис, Альберт Петров, Будимир Трофимов үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. Көҥүл тустууга бастакы миэстэлэри Егор Скрябин, Будимир Трофимов, Валерий Чемпосов, иккис миэстэлэри Альберт Петров, Евгений Мухамедзянов, Василий Стрекаловскай, Алексей Васильев ылаттаатылар. Хамаанданы тренер Эрчимэн Макаров илдьэ сырытта.
Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталыгар Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын тэлгэһэтигэр таһырдьа эрчиллиэххэ сөптөөх аһаҕас физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Сайыҥҥы кэмҥэ манна футбол, баскетбол оонньуохха, 300 м эргимтэлээх анал оҥоһуулаах суолга сүүрүөххэ сөп, кыһын хоккейдыыгын, хаҥкылыыгын. Көрөөччүлэргэ 100 м трибуналаах. Турниктардаах, тренажердардаах воркаут балаһааккалаах. Саҥа физкультурнай-спортивнай комплекска 17-с кыбаартал олохтоохторо төгүрүк сыл эргиччи эрчиллэр кыахтаннылар.
Алтынньы 31 күнүгэр спорт национальнай көрүҥнэрин сайдыыларыгар уһуннук үлэлээн, үгүс билиитин-көрүүтүн, сыратын биэрбит Валерий Пантелеймонович Кочнев 90 сааһыгар ыарахан ыарыыттан биһиги кэккэбититтэн туораата. 1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ В.П. Кочнев РФ уонна Саха АССР физическэй култуураҕа уонна спорка Үтүөлээх үлэһитэ, физическэй култуура эйгэтигэр Д.П. Коркин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа туйгуна, “Хотугу сулус” уордьан кавалера. РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Саха сирэ Арассыыйаны кытта 370 сыл”, “Гражданскай килбиэн”, “Учууталлар учууталлара” анал бэлиэлэринэн наҕараадалардаах. Гуманитарнай хайысха “Бастыҥ профессора”, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка Министиэристибэтэ, спортивнай уопсастыбаннас ытыктабыллаах Валерий Пантелеймонович олохтон туораабытынан аймахтарыгар, чугас доҕотторугар, үөлээннэхтэригэр дириҥ кутурҕаннарын тиэрдэллэр.