Спорт сонуннара
Благовещенскайтан – 12 мэтээл
Амур куоракка Алексей Ковалев сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы көҥүл тустуу турнира ситиһиилээхтик буолан ааста.
Тустууктар Арассыыйа спордун маастарын нуорматын толоруохтарын сөп үгэс буолбут күрэхтэһиилэригэр Саха сирин хамаандата биэс кыһыл, түөрт үрүҥ уонна үс боруонса мэтээли ылла:
Кыһыл көмүс: 61 кг – Александр Иванов, 70 кг – Вальтер Владимиров, 79 кг – Одун Сергеев, 86 кг – Алексей Ефимов уонна 97 кг – Максим Толмачев.
Үрүҥ көмүс мэтээллэри ыллылар: 57 кг – Святослав Семенов, 65 кг – Владислав Ефимов, 79 кг – Револий Самсонов уонна 86 кг – Сергей Николаев.
Боруонса мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар: 57 кг – Харысхал Григорьев, 65 кг – Василий Яковлев уонна 125 кг диэри – Эдуард Максимов.
Санатан эттэххэ, бу эрэ күрэх иннинэ саха бөҕөстөрө Хабаровскайга Бүтүн Арассыыйатааҕы Ерофей Хабаров турнирыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Күрэхтэһиигэ биэс кыайыылаах спортсменнаахпыт.
Спортивнай тустуу федерациятыгар саҥа толорооччу дириэктэр ананна
Владимир Карпенко СӨ спортивнай тустууга федерациятын дириэктэринэн ананна.
Владимир Карпенко бу дуоһунаска Георгий Башарин кэнниттэн ананна. Ол иннинэ өр кэмҥэ аатырбыт тустуук Увар Тимофеев олорбута. Оттон урут толорооччу дириэктэр дуоһунаһыгар норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Николай Николаев үлэлээбитэ.
Матрена Ноговицына Европа чемпионатын мэтээлин ылла
Саха дуобатчыта Матрена Ноговицына Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын үс мэтээлин ылла:
Онтон иккитэ – хамаанданан зачекка, үсүһэ – биирдиилээн оонньууга. Күрэхтэһии алтынньы 4-11 күннэригэр Италия Кьянчано-Терме куоратыгар буолан ааста.
Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Матрена Ноговицына блицка уонна классическай дуобакка хамаанданан күрэхтэһиигэ кытынна.
Биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ Матрена түргэн бырагыраамаҕа Европа чемпионатын үрүҥ көмүс мэтээлин ылла. Кини Украинаттан сылдьар Виктория Мотричкоҕа эрэ хоттордо, оттон үһүс миэстэни Белоруссияттан Ольга Федоровна ылла.
Рамир Николаев стендэбэй ытыыга ситиһиилээхтик кытынна
Саха сириттэн 15 саастаах Рамир Николаев Краснодарскай кыраай кубогар эр дьон ортотугар "Трап" олимпийскай эрчиллиигэ күөн көрүстэ.
Хас да уон кыттааччыттан саха оҕото финалга киирэн, күрэхтэһии үрүҥ көмүс призера буолары ситистэ. Санатан эттэххэ, Рамир Николаев быйыл күһүн Арассыыйа биир күүстээх стрелковай хамаандатыгар – спорт стрелковай көрүҥнэригэр олимпийскай эрэллэри бэлэмниир кииҥҥэ киирбитэ. Эдэр кыттааччы Арассыыйа, Азия уонна Европа күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа.
Ини-бии Копыловтар ситиһиилэрэ
Саха сирин спортивнай тустууга федерацията бырааттыы-убайдары Алексей уонна Петр Копыловтары юниордар ортолоругар Арассыыйа күрэхтэһиитигэр ситиһиилээхтик кыттыбыттарын иһин эҕэрдэлээтэ.
Санатан эттэххэ, кинилэр боруонса мэтээллэри ылбыттара.
Уопсастыбаннай тэрилтэ кыайыылаахтарга 70 тыһыынча солк. суумалаах сертификаты, оттон Петр Копыловка, боруонса призерга, 50 тыһыынча солкуобай суумалаах сертификаты туттарда. Бириэмийэлэри тренердэригэр эмиэ төлөөтүлэр.
Тустуу тренерэ Яков Филиппов хас да сыл бэлэмнэнии көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Кини спортивнай бэлэмнэнии киинигэр уонна тренердэргэ махтанна.
«Бу сылга көдьүүстээх түмсүү буолан, түмүктэр кэллилэр. Тохтуо суохтаахпыт, салгыы өссө күүскэ үлэлиибит, дьарыктанабыт», — диэтэ Алексей Копылов.
Ньурбалар Артур Пахомовка пааматынньык туруордулар
Антоновка сэлиэнньэтигэр спортивнай комплекс таһыгар Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Артур Пахомовка пааматынньык үөрүүлээхтик аһылынна.
Оруобуна курдук сыл анараа өттүгэр диэни уларытыахха. Былырыын, алтынньы 14 күнүгэр, Арассыыйа боксаҕа үтүөлээх тренерэ Артур Пахомов олохтон туораабыта. Паамытынньык «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут, спортивнай эбийиэк Артур Пахомов аатын сүгэр.
«Артур Иннокентьевич өҥөлөрүн туһунан мин кэпсиэм суоҕа, ону бары бэркэ билэҕит. Кини элбэх чулуу спортсмены иитэн таһаарбыт үтүөлээх. Тренер быһыытынан спортсменнары үс Олимпийскай оонньууга бэлэмниирэ. Түгэнинэн туһанан, Ньурба улууһун дьаһалтатыгар, скульпторга махтал тыллары тиэрдэбин. Биһиги Наталья Васильевналыын (Артур Пахомова кэргэнэ) үлэ хаамыытын бэйэбит хонтуруоллаатыбыт. Көрдөспүппүт барыта туолла, пааматынньык олус үчүгэй буолла», — диэн боксаҕа Олимпийскай оонньуулар боруонса призера, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ Георгий Балакшин иһитиннэрдэ.
Георгий Балакшин Артур Пахомов туһунан кинигэ уонна киинэ оҥорор, өрөспүүбүлүкэҕэ аан дойду таһымнаах турниры ыытар былаан баарын кэпсээтэ.