02.09.2021 | 16:00

Спорт сонуннара

Ааптар: Саргылана УШНИЦКАЯ
Бөлөххө киир

Анастасия Диодорова — алтыс миэстэ

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр паралимпийскай Токиоҕа харбааһыҥҥа дьахталлар ортолоругар 50 миэтэрэҕэ баттерфляй харбааһыҥҥа  күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

Манна Саха сирин эрэлэ Анастасия Диодорова кытынна. Кини стартовай харбааһыҥҥа 41.51 бириэмэнэн кэлэн, алтыс миэстэ буолла.

Кытай кыыһа Цзян Юянь 34.56 сөкүүндэнэн кэлэн, аан дойду рекордун олохтоото.

Хомойуох иһин, Анастасия кыһыл көмүс иһин киирсиигэ тиийбэтэ. Финалга аҕыс киһи киирдэ, уопсай  зачекка Диодорова 12-с миэстэҕэ таҕыста. 

Анастасия аныгыскы күрэхтэһиитэ балаҕан ыйын  3 күнүгэр буолуоҕа, онно көхсүнэн харбааһыҥҥа 100 миэтэрэҕэ устуоҕа.

Бу иннинэ спортсменка атырдьах ыйын 26 күнүгэр көҥүл истиилинэн 4х50 миэтэрэҕэ    смешаннай эстафетаҕа кыттыбыта. Хамаанда манна финалга тахсыбыта уонна алтыс миэстэни ылбыта.

Бэлэмнээһин систиэмэтэ уларыйыа

Көҥүл тустуунан дьарыктаныыга уларытыылар киириэхтэрэ.  Ити туһунан Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир Киин дириэктэрэ  Михаил Пахомов социальнай ситимнэргэ иһитиннэрдэ. 

«Мин көҥүл тустууга үчүгэй түмүктэр суохтар диэбэппин эрээри, олимпийскай мэтээллэр кэлбэт буоллулар», — диэтэ Михаил Пахомов.

Дириэктэр этэринэн, Федеральнай стандарт быһыытынан  15-17 саастаах спортсмен сылга кырата тыһыынча чааһы дьарыкка ыытыахтаах.

«Билиҥҥи оҕо спорт оскуолалара оннук таһымы биэрбэттэр, ол иһин манна кэлбит оҕолор үс төгүллээх дьарыгы кыайбаттар.  Онон үрдүк кылаастаах тустууктары бэлэмнииргэ кыра эрдэхтэн күүскэ дьарыктыахха, спортсменнар аһылыктарын уонна эмтэрин-томторун кичэйэн көрүөххэ наада», — диэтэ кини.

«Биһиги тустууктар киирсиилэрин ырытан көрдүбүт. Кыһалҕалар бааллар. Тутуһуулара-хабыһыылара сыыһалаах. Итини сөпкө үлэлэтэргэ олимпийскай чемпиону, аан дойду биэс төгүллээх кыайыылааҕын Хаджимурат Гацаловы сүбэлэтэ, тренер-консультанынан ыҥырдыбыт. Биһиэхэ баай уопуттаах чемпионнар уонна Арассыыйа үтүөлээх тренердэрэ бааллар. Онон бииргэ үлэлэһиэхпит».

Миэстэлэспиттэри өрөспүүбүлүкэ манньалыа

Паралимпийскай оонньууларга мэтээл ылбыттары  федеральнай былаастан эрэ буолбакка,  өрөспүүбүлүкэ наҕараадалара күүтэллэр.   «Токиотааҕы Паралимпиада чемпионнара 4-түү мөлүйүөн солкуобайы, үрүҥ көмүһү ылбыттар 2 мөлүйүөн 500 тыһыынча солкуобайы, оттон боруонсалаахтар — 1 мөлүйүөн   700 тыһ. солкуобайы ылыахтара», — диэтэ Михаил Пахомов.

Кини эппитинэн, Саха сириттэн кыттыбыттарга өрөспүүбүлүкэттэн   кыайыылаахтар алта мөлүйүөнү, иккис миэстэлээхтэр — түөрт, үһүс буолбуттар үс мөлүйүөн икки тыһыынчанан наҕараадаланыахтара.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха сириттэн оҕунан ытааччы  Степанида Артахинова Баир Шигаевтыын боруонса мэтээли ылбыттара.

Николай Валуев – Дьокуускайга

Үүнэн иһэр, номнуо спорка үтүө түмүктэрдээх Саха сирин эдэр боксердара  Арассыыйа саамай титуллаах, ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду чемпиона Николай Валуевы кытта көрүстүлэр, ыйытыыларын биэрдилэр. Биллиилээх спортсмен,  экологияҕа уонна тулалыыр эйгэни көмүскээһиҥҥэ Госдуума бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы бэйэтин ситиһиигэ айанын, тус уопутун туһунан кэпсээтэ,  дьарыктарын кистэлэҥнэрин үллэһиннэ. Көрсүһүү  «Өрөгөй» спорт комплексын уораҕайыгар ыытылынна. 

Олохторун боксаны кытта ситимниир санаалаах оҕолорго, үгүһү ситиспит спортсменнарга улуу боксеры кытта көрсүһүү ыра санаа туолуута буолла. Киэҥ-куоҥ саалаҕа Николай Валуев сүгүрүйээччилэрэ түмүстүлэр.

Көрсүһүүгэ куорат баһылыга Евгений Григорьев, 2008 сыллаах Олимпиада боруонса призёра, Европа 2002, 2004 уонна 2006 сыллардаах чемпиона, Арассыыйаҕа элбэхтэ бастаабыт Георгий Балакшин, өрөспүүбүлүкэ физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Иннокентий Григорьев кытыннылар.

«Спортсменнары, эбиитин боксёрдары кытта көрсүһүүнү көтүппэппит, манна араас көрүҥнэргэ кыттыбыт биллиилээх спортсменнар  кэлэллэр, олору кытта хайаан да көрсүһүөхтээхпит. Маннык тэрээһиннэр кэннилэриттэн биһиэхэ спортсменнар ахсааннара элбиир», — диэн бэлиэтээтэ Георгий Балакшин.

Эдэр да, ситиһиилээх да боксёрдар Николай Валуевтан кини ыра санааларын, рингэҕэ киирсиилэрин, мөккүөрдээх охсуһуулар, утарсааччыларын, инники былааннарын уонна да элбэҕи ыйыттылар, кэпсээнин иһиттилэр. Оҕолор ону тэҥэ ыарахан ыйааһыҥҥа дьарыктаныы уратыларын сэргээтилэр.

 «Эн Конор Макгрегордыын киирсиэҥ этэ дуо?»  диэн ыйытыыга Валуев оҕолорго тус-туспа ыйааһыннар, утарсыы көрүҥнэрэ уратылаахтарын быһаарда. UFC сулуһа уонна Арассыыйа боксера биир рингэҕэ сатаан киирсибэттэрин эттэ. Ону тэҥэ Валуев 2008 сыллаахха Эвандер Холифилды  кытта уустук көрсүһүүтүн кэпсээтэ. Ол холобуругар спортсменнар икки ардыларыгар ытыктабыллаах сыһыан баарын этэн ааста. 

Чемпион эдэрдэргэ спорка хайдах кэлбитин, баскетболу буолбакка, боксаны талбытын, саамай ыарахан киирсиитин кэпсээтэ, үүнэн эрээччилэргэ дьарык тиэхиньикэтин сүбэлээтэ, региоммутугар бокса инникитин, сайдыытын хайдах көрөрүн туһунан санаатын үллэһиннэ.

«Мин өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Сергеевич Николаевтыын көрүстүм,  Нерюнгрига бокса саҥа оскуолатын тутуу  туһунан кэпсэттим. Онно бокса оскуолата үчүгэй, онон оҕолор саҥа саалаҕа дьарыктаналлара буоллар», — диэн бэлиэтээтэ Николай Валуев.

“Итинник дьон бачча ыраах дойдуга кэлэллэрэ, биһиги оҕолорбутун кытта билсиһэллэрэ олус үөрүүлээх. Маннык түгэннэр дьарыктанарга бигэ төһүү буолаллар», — диэтэ олимпийскай эрэллэр Спортивнай оскуолаларын тренерэ Сергей Охлопков.

Бу иннинэ Николай Валуев Бэрдьигэстээххэ  Бэс Күөл А.А. Агеев аатынан Оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрин, Илиҥҥи байыаннай уокурук инженернэй сэриилэрин этэрээтин кытта көрүстэ, «Ойууру харыстыахха» аахсыйаҕа кытынна.

 

Спортсменнар — баһаары умулларыыга

150-тэн тахса  спортивнай түмсүү чилиэннэрэ Саха сиригэр баһаары умулларыыга  үлэлээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ араас Федерацияларыттан социальнай уонна  аһымал аахсыйаларга көхтөөхтүк  кытыннылар. Ити туһунан өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын Киинин дириэктэрэ Михаил Пахомов иһитиннэрдэ.

Олор истэригэр регион спордун министиэристибэтин, өрөспүүбүлүкэ спортивнай тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ бааллар диэтэ Михаил Пахомов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...