19.04.2024 | 10:00

Спорт сонуннара

Спорт сонуннара
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Германия Ганновер куоратыгар түмүктэммит олимпийскай лицензиялаах 42 км классическай марафоҥҥа Кыргызстантан кыттан, Сардаана Трофимова 2 чаас 27 мүн. 32 сөк. көрдөрүүлээх биэтэккэ төрдүһүнэн кэллэ. Олимпийскай нормативка 42 сөк. тиийбэтэ. Кыргызстан чэпчэки атлетикаҕа федерацията иһитиннэрэринэн, икки квоталаахтарыттан бииригэр Сардаана Трофимованы Олимпиадаҕа кытыннарар баҕалаахтар. Ону таһынан, балаһыанньа быһыытынан, аан дойду 80 бастыҥ марафонецтарын иһигэр рейтининэн хабылыннаҕына, эмиэ Парижтааҕы Олимпийскай оонньууларга кыттыыны ылар кыахтаах. Эрэнэ кэтэһэбит. 

Кыргызстан Бишкек куоратыгар көҥүл тустууга Азия чемпионатыгар Виктор Рассадин 74 кг уонна Айаал Лазарев 120 кг үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттаатылар. Айаал Белолюбскай, Андрей Аронов миэстэлэспэтилэр. Салгыы, муус устар 19-21 күннэригэр, Бишкеккэ буолар Азиятааҕы олимпийскай квалификациялаах турнирга 57 кг Айаал Белолюбскай Таджикистантан, 97 кг Андрей Аронов Кыргызстантан, 125 кг Айаал Лазарев Кыргызстантан тустуохтара. Виктор Рассадин 74 кг ыам ыйын 9-12 күннэригэр Стамбулга олимпийскай путевканы былдьаһыаҕа.

Бокс маастара Василий Егоров 51 кг Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэрилиннэ уонна муус устар 18-28 күннэригэр Югославия Белград куоратыгар Европа чемпионатыгар кыттыаҕа.

Санкт-Петербурга түмүктэммит Арассыыйа мас тардыһыыга чемпионатыгар Саха сирин мадьынылара 60 кг Артур Жирков, 70 кг Сергей Константинов, 80 кг Андрей Винокуров, 105 кг Дмитрий Попов чөмпүйүөннээтилэр. 125 кг Калуга күүстээҕэр Иван Галкиҥҥа баһыйтаран, Эрчим Баппаҕай үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистэ. Саамай ыарахан 125 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга Өлүөхүмэ бухатыыра Евгений Попов финалга Смоленскай бухатыыра, аан дойду элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, хотторуу хомолтотун билэ илик Виктор Колибабчугу 2:1 кыайда уонна өр күүтүллүбүт Арассыыйа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылла! Томпо бухатыыра Сергей Фролкин боруонса мэтээлгэ тигистэ.

Классическай саахымакка Үөһээ Бүлүү улууһун 1-кы лигаҕа чемпионата үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. 12 күүстээх саахыматчыт балтараалыы чаастаах сытыы уонна эриирдээх үс күннээх киирсиилэригэр маастарга кандидаттар, оҕо спортоскуолатыттан Дмитрий Донской бастаата уонна 30 тыһ. солк., Дьокуускайтан Курило Амуо 2-с миэстэлэнэн 20 тыһ.солк. уонна Бүлүүттэн  Василий Романов  3-с буолан 10 тыһ.солк. наҕараадаланнылар. Дьокуускайтан Эрчим Мегежекскэй уонна оҕо спорт оскуолатыттан Валерий Семенов, Владлен Полятинскай эр-биир 4-5-6-с миэстэлэнэннэр, 5-4-3 тыһ. солк. биһирэннилэр. Саахымат чемпионатын Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин баһылыга Максим Силигиянов, Үөдүгэй баһылыга Альберт Иванов, Спорт управленията үбүлээннэр,  күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ааста.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....