31.12.2021 | 10:30

Спорт сонуннара

Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Cаха тустуутун умнуллубат өрөгөйө

Ааспыт бээтинсэҕэ Бырабыыталыстыба 1№-дээх дьиэтигэр баар Саха Өрөспүүбүлүкэтин мунньахтыыр саалатыгар Олимпийскай оонньууларга саха бөҕөстөрө өрөгөйдөөх кыайыыларын бэлиэтээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.

1976 сыл от ыйын 31 күнүгэр Канада Монреаль куоратыгар Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт тренерэ Дмитрий Петрович Коркин иитиллээччилэрэ Павел Пинигин кыһыл көмүс, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов үрүҥ көмүс мэтээллэри ылан, саха тустуутун үйэлэргэ умнуллубат улахан өрөгөйө буолбута. Бүтүн Саха сирин, саха норуотун дьоло-соргута арыллыбыта. Ол умнуллубат түгэнтэн номнуо 45 сыл ааста. Спорт чыпчаал кыайыытыгар туһаайыллыбыт уохтаах, төлөннөөх эҕэрдэлэр дуораһыйдылар.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко эҕэрдэ тыллары эттилэр, государственнай наҕараадалары туттартаатылар. Павел Павлович Пинигиҥҥэ, Александр Николаевич Ивановка, Роман Михайлович Дмитриев төрөппүт кыыһыгар Марианна Романовна Крыловаҕа Ил Түмэн Махтал суруктарын, “Или-эйэни уонна норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүүгэ” моонньуга иилиллэр бочуот бэлиэлэрин, итиэннэ “Саха спортсменнара Олимпийскай оонньууларга өрөгөйдөөһүннэрин 45 сылынан” түөскэ анньыллар өйдөбүнньүк бэлиэлэри дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттартаатылар.

Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков, Федерация Сэбиэтин чилиэнэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” партия президиумун чилиэнэ, Олимпийскай оонньуулар үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара, Арассыыйа Геройа Александр Карелин, Арассыыйа тустууга Федерациятын Президенэ Михаил Мамиашвили, ССРС уонна Украина үтүөлээх тренерэ Георгий Бураков онлайн ситиминэн эҕэрдэлэрэ экраннарга көһүннүлэр.

Итинтэн салгыы Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, Эдьигээн улууһун баһылыга Василий Сорокин, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин толорооччу дириэктэрэ Петр Черемкин эҕэрдэлээтилэр, сыаналаах бэлэхтэри, сүүһүнэн тыһыынчалаах харчынан сертификаттары туттардылар.

Атах тэпсэ олорон чэй иһэ-иһэ кэпсэтиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Иннокентий Григорьев, Ис дьыала миниистирин солбуйааччы Юрий Алексеев, Чурапчы институтун физическэй култуураҕа уонна спорка ректора Иннокентий Готовцев, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт дириэктэрэ Николай Гуляев, Чурапчы спордун салайааччыта Иван Оконешников, РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх юриһа Макар Яковлев, сүүмэрдэммит хамаанданы бэлэмниир киин дириэктэрэ Михаил Пахомов, Үтүө Дьулуур оонньууларын чөмпүйүөнэ Василий Гоголев, ССРС үс төгүллээх призера, Киев физическэй култуураҕа уонна спорка институтугар бииргэ үөрэммит доҕоро Михаил Ноговицын, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин салайааччыта быраата Алексей Пинигин, чугас аймахтара Рево Скрябин, Евдокия, Валерий Яковлевтар, Марианна Федотова истиҥ эҕэрдэлэрин анаатылар.

 

Үөрүүлээх түгэн Саха эстрадатын сулустара Байбал Сэмэнэп, Анастасия Готовцева, кэргэннии Анита Сай, Эрхаан, Сиэйэ Уола, Далаана, Намыына ырыаларынан доҕуһуолланна. Дьоро күн хаартыскаҕа түһүүлэринэн түмүктэннэ.

ТЭТТИК СОНУННАР

Красноярскайга түмүктэммит Дмитрий Миндиашвили сырдык аатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы көҥүл тустуу турнирыгар биэс саха бөҕөһө мэтээллэргэ тигистилэр, ол иһигэр кыһыл көмүс мэтээли 57 кг Дьулустан Федотов, 61 кг Петр Константинов, 74 кг үрүҥ көмүс мэтээли Тимур Николаев, 125 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга Эдуард Максимов уонна 70 кг боруонса мэтээли Константин Власов ылаттаатылар.

Икки күн Дьокуускайга “Дохсун” споткомплекска ыытыллыбыт “Норуот хапсаҕайыгар” Өрөспүүбүлүкэ 44 нэһилиэгин хамаандалара түмсэн күөн көрүстүлэр. Үөһээ Бүлүү Тамалакаан нэһилиэгин хапсаҕайдьыттара финалга Хаҥалас Өктөмүн хамаандатын 6:1 итэҕэтиилээхтик кыайдылар уонна Арассыыйа сенатора Егор Афанасьевич Борисов туруорбут сүрүн бирииһинэн – “УАЗ-охотник” массыынанан наҕараадалананнар, дойдуларыгар Үөһээ Бүлүүгэ сабыс-саҥа массыынанан айаннаатылар. Мэҥэ Хаҥалас Тумулун хамаандата Уус Алдан Тандатын баһыйан, үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ.

Сыл бастыҥ спортсменнара быһаарылыннылар. Адаптивнай спорт доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнарга лауреатынан дьахталларга Токиотааҕы Паралимпийскай оонньууларга оҕунан ытыыга боруонса призер Степанида Артахинова (тренерэ Андрей Иксман) Кубогынан уонна 200 тыһ.солк. сертификатынан наҕараадаланна. Көрбөт эр дьоҥҥо пауэрлифтиҥҥэ Арассыыйа үрүҥ көмүс призера, пауэрлифтиҥҥэ Арассыыйа боруонса призера Сергей Безносов (тренерэ) Аркажий Степанов) буолла.
Спорт национальнай көрүҥнэригэр “Сахаада-спорт” лауреаттарынан мас тардыһыытыгар ыччаттарга Арассыыйа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Фаина Дмитриева (тренерэ Яна Захарова); дьахталларга Арассыыйа уонна Европа чөмпүйүөнэ, норуоттар икки ардыларынаҕы кылаастаах спорт маастара Наталья Черноградская; эр дьоҥҥо Арассыыйа уонна Европа абсолютнай чөмпүйүөнэ Сергей Фролкин лауреат буолулар. Атах оонньуутугар Манчаары оонньууларын абсолютнай чөмпүйүөнэ Кай Адамов көрөөччү биһирэбилин бирииһин ылла.  
Спорт национальнай көрүҥнэригэр Манчаары оонньууларыгар сахалыы многоборье абсолютнай чөмпүйүөнэ, Дыгын оонньууларын  үрүҥ көмүс призера Тааттаттан Николай Матаннанов “Бастыҥ спортсмен” буолла. Чөмпүйүөннэри бэлэмниир “Бастыҥ тренеринэн” Иван Белолюбскай; буулдьанан уонна стендэбэй ытыыларга “Оҕо спордун бастыҥ тэрийээччитинэн” Саргылаана Атласова, спорт национальнай көрүҥнэригэр киллэрбит кылаатын иһин буулдьанан уонна стендэбэй ытыы федерациятын толорооччу дириэктэрэ Иван Гурьев, хабылык-хаамыскаҕа остуол оонньууларын федерациятын президенэ Ольга Григорьева ааттаннылар.


Олимпийскайа суох спорт көрүҥнэригэр сүүс харахтаах дуобакка аан дойду чөмпүйүөнэ Матрена Ноговицына (тренерэ Николай Кычкин-II), профессиональнай бокс турнирдарын кыайыылааҕа Петр Васильев (тренерэ Семен Лукин); спорт олимпийскай көрүҥнэригэр лауреаттарынан ыччаттарга көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Румынияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа, аан дойду боруонса призера Станислав Свинобоев (тренерэ Василий Уваров) дьахталларга Арассыыйа чөмпүйүөнэ Сардаана Трофимова (тренерэ Татьяна Жиркова); эр дьоҥҥо көҥүл тустууга Норвегиятааҕы аан дойду боруонса призера, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылааҕа Арыйаан Тютрин (тренерэ Иван Дмитриев) ааттаннылар.

Р.М. Дмитриев аатынан ОЭУ-гар номоххо киирбит бөҕөс Николай Захаров – Сахаачча кэриэһигэр көҥүл тустууга 21 диэри саастаах ыччаттар турнирдарыгар Сунтаартан Лев Павлов уонна Александр Болуров, 65 кг Чурапчыттан Иван Потапов, университеттан Дьулустан Калачев 80 кг бастакы миэстэлэри ылаттаатылар. Атын ыйааһыннарга ОЭУ тустууктара Уйгулаан Протодьяконов, Роман Николаев, Ньургун Малышев, Айтал Уйгуров, Даниил Иванов, саамай ыарахан 125 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга Михаил Нестеров кыайыылары ситистилэр.

Сүүс харахтаах дуобакка уон оонньооччулаах үрдүкү лигаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин чемпионатыгар Покровскайга сэттис кылааска үөрэнэр 13 саастаах маастарга кандидат Айсен Егоров (тренерэ Александр Соломонов) чаҕылхай оонньууну көрдөрдө. Түөртэ кыайан, ол иһигэр гроссмейстердэри Гаврил Колесовы, Иван Токусаровы хотуталаан, атыттары кытта тэҥнэһэн, 13 кыайыы очколаах өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолла! Гроссмейстер Николай Гермогенов эмиэ 13 очколалаах эрээри коэффициенинэн иккис миэстэлэннэ, Намтан спорт маастара Вячеслав Варламов 11 очколаах үһүс миэстэлэннэ. 13 саастаах дуобаччыт оҕо өрөспүүбүлүкэҕэ бастааһына сэдэх көстүү!

“Модун” спорткомплекска сахалыы атах оонньуутун федерациятын Кубогар оҕолортон, кыргыттартан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастардарыгар тиийэ илин-кэлин түһүстүлэр. Күүтүллүбүтүн курдук, кытаанах эрийсиилэр эр дьоҥҥо буоллулар. Ойуу аайы түөрт аҥаардыы миэтэрэни кыырайталаатылар! Кылыыга Игорь Скрябин (Майа) 23 м 21 см түһэн бастаата, Кай Адамов (Чурапчы – Горнай) – иккис, Ньургун Сокольников (Уус Алдан) үһүс буолуталаатылар. Ыстаҥаҕа Кай Адамов 22 м 62 см көрдөрүүлээх бастаата, 12 см хаалан Ньургун Сокльников иккис, сүүрбэччэ сантиметр хаалан Яков Дмитриев (Кэбээйи) үһүс, куобахха үс аҥаар миэтэрэттэн ордуктуунан барыталаан Кай Адамов 18 м 60 см, Ньургун Сокольников, Яков Дмитриев бэрт кыралыынан хаалыталааннар, үс көрүҥ түмүгүнэн Кай Адамов федерация Кубогын хаһаайынынан буолла, Ньургун Сокольников иккис, Яков Дмитриев үһүс үчүгэй көрдөрүүлэннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...