27.12.2021 | 18:30

Спорт сонуннара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Швеция Вестерос куоратыгар түмүктэммит Европа ыччаттарын пауэрлифтиҥҥэ чемпионатыгар Үөһээ Бүлүүттэн Богдан Прокопьев 120 кг үөһэттэн үөһэни үктүүр саамай ыарахан ыйааһыннаахтарга штанганы санныгар сүгэн баран олорон турууга (приседка) 350 кг, үс көрүҥ түмүгүнэн 872,5 кг ылан, үһүс миэстэҕэ тигистэ. Богдан маны сэргэ Арассыыйа ыччаттарыгар бэйэтин икки рекордун тупсарда.

Черногория Будва куоратыгар буолан ааспыт кикбоксиҥҥа ыччаттар ортолоругар Европа чемпионатын призердарын Бүлүүгэ чиэстээтилэр. История учуутала, энтузиаст-тренер Эдуард Халабышев эрчийэр иитиллээччилэрэ, Донской аатынан 2 № орто оскуола онус уонна тохсус кылааһын үөрэнээччилэрэ Надежда Павлова уонна Харысхан Колтовской үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэри аҕалтааннар, бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталларын үөртүлэр.

Дагестан Хасавюрт куоратыгар XIX-XX үйэлэр уһулуччулаах бөҕөстөрүн кэриэстэригэр ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустуу турнирыгар Сахабыт сирин бөҕөстөрө икки мэтээлгэ тигистилэр. 70 кг Виктор Рассадин дагестанец Магомед Гаджиевы 11:0, Орозбек Токтомамбетовы 6:0, кабардинец Анзор Закуевы 11:1, финалга Европа чөмпүйүөнүгэр дагестанец Курбан Шираевка “кириэс” албаска түбэһэн ыраас техническэйинэн баһыйтаран үрүҥ көмүс, 57 кг Алексей Копылов үһүс миэстэни былдьаһыыга игирэтин аҥаарын Петр Копылову баһыйа тутан боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. Бу ыйааһыҥҥа Дагестан бөҕөстөрө Абубакар Муталимов уонна Магомед Абдурахманов бастакы-икки миэстэлэннилэр.

 

“Модун” спорткомплекска түмүктэммит Федор Дегтярев кэриэһигэр мас тардыһыыга Өрөспүүбүлүкэ абсолютнай чөмпүйүөнүн аатын эр дьон 95 кг диэри 17 буолан, онтон дьахталлар төрдүө буолан муҥутуур ыйааһыҥҥа былдьастылар. Дьахталларга номоххо киирбит Амма мадьыныта Анатолий Баишев төрөппүт кыыһа эдэркээн Татьяна Баишева финалга Томпо оройуонуттан аан дойду чөмпүйүөҥкэтин Ирина Севрюгу 2:0 хотто. Хатыһыылаах, кытаанах киирсиилэр түмүктэринэн эр дьоҥҥо финалга Уус Алдантан аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Павел Черноградскай уонна Ленскэйтэн Манчаары оонньууларын муҥутуур чөмпүйүөнэ Иннокентий Федоров утарыта тахсыбыттарыгар 2:1 ахсаанынан Иннокентий Федоров кыайыыны ситистэ.

Өссө биир бэрт сэргэх тардыһыылар 75 кг диэри буоллулар. Ону 52 кыттааччы суруттарбыта да көрдөрөр. Кыайыыны, утарсааччыларын барыларын хотуталаан, Уус Алдан эдэр, кэскиллээх мадьыныта Семен Ануфриев ылла. Абсолютнай чөмпүйүөннэр  квадроциклларынан наҕараадаланнылар.

 

Хабаровскайга буолан ааспыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Метелица” чэпчэки атлетика күрэхтэһиитигэр спортивнай оскуолалар 18-гар диэри саастаах иитиллээччилэрэ илин-кэлин түһүстүлэр. Сахабыт сириттэн Алданнааҕы спортоскуола иитиллээччилэрэ Александра Лаврентьева 1000 м сүүрүүгэ биэтэккэ үсүһүнэн кэллэ, үрдүгү ойууга Владислав Химченко иккис миэстэлэннэ. Мэҥэ Хаҥаластан Элла Сергучова 3000 м үһүс буолла. Намтан тренер Николай Кейметинов иитиллээччилэрэ Айтал Ощепков 1000 уонна 3000 м кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс, Ангелина Иванова үстэ төхтөрүйэн ойууга үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттаатылар. Чурапчы спортоскуолатыгар тренер Иван Чиркоевка эрчиллэр Таатта ыччата Данил Андросов үстэ төхтөрүйэн ойууга уонна уһуну ыстаныыга икки кыһыл көмүс мэтээли ылан, бастыҥ көрдөрүүлэри ситистэ. Нам оҕо спортоскуолата “Метелица” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ хамаанданан түмүккэ бастаата уонна Кубогынан наҕараадаланна.

 

Грузия киин куоратыгар Тбилисигэ Адаптивнай спорт сүһүөхтэринэн хааччахтаах спортсменнар ортолоругар Европа пауэрлифтиҥҥэ чемпионатыгар 54 дойдуттан 450 спортсмен кытынна. Сахабыт сириттэн Арассыыйа уонна Европа чөмпүйүөннэрэ Владимир Балынец уонна Айаал Сивцев дойду сүүмэрдэммит хамаандатыттан күрэхтэстилэр. Владимир Балынец эчэйии ылан туораата. Айаал Сивцев боруонса мэтээлгэ тигистэ. Пауэрлифтердары аан дойду чемпионатыгар тренер Петр Давыдов салайан илдьэ сырытта.

 

Хаҥалас ыччата Евгений Самсонов стритлифтиҥҥэ Москваҕа, Казахстан Уральскай куоратыгар уонна Турция Стамбулугар онлайн форматынан буолан ааспыт Европа чемпионатыгар кыттан, икки кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.

 

Мииринэй ыччата, саха тустууга оскуолатын көҥүл тустууга маастара Андрей Аронов Москваҕа буолан ааспыт кумахха тустууга Арассыыйа 1-кы чемпионатын кыайыылааҕа буолары ситистэ. 90 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга Бурятия күүстээх маастардарын Цыбик Максаровы уонна Батор Цыреновы хотуталаата. Андрей Аронов олимпиец Айаал Лазарев спарринг-партнера, Киргизия чөмпүйүөнэ, Арассыыйа устудьуоннарын чөмпүйүөнэ, “Локомотив” спортобщество чөмпүйүөнэ, аграрнай университеттар Сайыҥҥы Универсиадаларын кыайыылааҕа, Красноярскайга “Сайтиев” уонна Калининградка “Шумилин” турнирдарын үрүҥ көмүс призера.

Намҥа сахалыы атах оонньуутун Федерациятын Кубогар күрэхтэстилэр. Өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастардара түмсэн сэттэ туоска илин-кэлин түһүстүлэр. Күүтүллүбүтүн курдук, эр дьоҥҥо Манчаары оонньууларын абсолютнай чөмпүйүөнэ, “Лада” массыынанан наҕараадаламмыт Горнай маастара Кай Адамов бу да сырыыга туйгун туругар сылдьарын көрдөрөн, кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха үһүөннэригэр бастаталаан, Кубок хаһаайынынан буолла. Намтан Владислав Попов иккис, Бүлүүттэн Айаал Иванов үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Дьахталларга эмиэ Манчаары оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа, “Лада” массыына хаһаайката Хаҥаластан Виктория Олесова кыахтаахтык бастаата. Уус Алдан маастар кыргыттара Евгения Адамова, Сайыына Салышева иккис-үһүс миэстэлэргэ тигистилэр. Кыра саастаах кыргыттарга Уус Алдантан Диана Федорова, уолаттарга Өлүөхүмэттэн Михаил Колпачков, улахан саастаах уолаттарга Данил Андросов бастаатылар. Чурапчыга тренердиир Иван Иванович Чиркоев эрчийэр уолаттара Данил Андросов уонна Эдуард Петров маастар нуорматын толордулар. Бастыҥнар аны сайын Владивостокка буолар норуоттар икки ардыларынаҕа “Азия оҕолоро” НСО кыттар хамаандаҕа киирэргэ маҥнайгы сүүмэрдээһин түһүмэҕин аастылар.

 

Рязань куоракка Арассыыйа Геройа полярник-айанньыт Михаил Малахов бириистэригэр оҕунан ытыыга түмүктэммит 13-с Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ тренер Валентина Соркомова бэлэмнээбит Горнай улууһун ыччата Петр Дьячковскай бастакы миэстэни ылла. Москва уобалаһын хамаандатыттан кыттыбыт тренер Михаил Алексеевка эрчиллибит Хаҥалас ыччата Владислав Васильев эмиэ бастаата.

 

Өлүөхүмэҕэ “Чароит” спорткомплекска волейболистар Саха АССР үтүөлээх тренерэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, хайыһар спордугар ССРС маастарыгар кандидат, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, хас да көлүөнэ хайыһардьыттары ииппит Алексей Петрович Мордовской 70 сааһын туолуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр. А.Н. Платонов аатынан Өлүөхүмэтээҕи оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Сергей Щебляков, үөрэх профсойууһун бэрэссэдээтэлэ, Өлүөхүмэ куоратын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Котенко, оройуон физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Гаврил Сивцев уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Юбиляр Алексей Мордовской чиэһигэр мини-футболга ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ эр дьоҥҥо “Техникум”, “Легион-1”, “Легион-2” хамаандалара, дьахталларга “Магнит”, “Өлүөхүмэ бөһүөлэгин”, “Куорат сүүмэрдэммит” хамаандалара бастакы уонна бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. “Бастыҥ оонньооччуларынан” Алексей Габышев уонна Айталыына Степанова ааттаннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...