Спорт сонуннара
Токиоҕа сахалар ааттарыттан
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Паралимпиада үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Японияҕа ыытыллар аан дойду бастыҥнарын түһүлгэтэ балаҕан ыйын 5 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Пандемияттан сылтаан трибуналар кураанахтар.
162 национальнай хамаандаттан 4400 кыттааччы киириэҕэ, ол иһигэр дойдуларыттан куотарга күһэллибит спортсменнар кыттыахтара. Оонньууларга Бутан, Гренада, Мальдива, Парагвай, Сент-Винсент уонна Гренадин аан бастаан кэллилэр. Паралимпиадаҕа 22 спорт көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ, бырагыраамаҕа эбии парабадминтон уонна паратхэквондо киирдилэр.
2020 сыллаахха аан дойдутааҕы допины утары агентство быһаарыытынан Арассыыйа спортсменнара икки сыллаах санкциялаахтар. Онон RPC диэн аббревиатуранан кыттыахтара. Хамаандаҕа 432 киһи, ол иһигэр 242 спортсмен баар.
Паралимпиадаҕа үс саха кыыһа киирдэ —Анастасия Диодорова, Степанида Артахинова уонна Алена Дмитриева.
Чемпионнар уонна призердар кыһыл көмүс иһин 4 мөлүйүөнү, үрүҥ көмүскэ — 2,5 мөл., боруонсаҕа — 1,7 мөл.солкуобайы ылыахтара.
АНАСТАСИЯ ДИОДОРОВА
Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера, аан дойду, Европа уонна Арассыыйа чемпионаттарын хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара. Москваҕа олорор, Саха сириттэн кыттар. 1990 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Москваҕа төрөөбүтэ. Үрдүк үөрэхтээх. 2012 сыллаахха Арассыыйатааҕы физическэй култуура, спорт, эдэр ыччат уонна туризм судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ. Адаптивнай физическэй култуура исписэлииһэ. 2015 сыллаахха норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыба сулууспатын Академиятын бүтэрбитэ – спортивнай менеджмент магистра.
«Юность Москвы» физкультурнай-спортивнай холбоһукка дьарыктанар.
Дьарыгын 2003 сыллаахтан Москваҕа саҕалаабыта.
Спорка төрөппүттэрэ сыһыарбыттара.
Арассыыйа Паралимпийскай хамаандатыгар 2004 сылтан киирбитэ.
Бастакы тренерэ – Наталья Викторовна Степанова, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ, билигин да киниэхэ дьарыктанар.
2008 с. II-с истиэпэннээх «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Кэргэн тахса илик.
Иллэҥ кэмигэр бэйэтин ис дууһатын сайыннарар, сноубордка хатааһылыыр.
АЛЕНА ДМИТРИЕВА
Аан дойду, Европа чемпиона, олорон эрэ волейболга Арассыыйаҕа хас да төгүл бастаабыт.
РФ спордун үтүөлээх маастара.
1982 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Сунтаар оройуонун Кэмпэндээйитигэр төрөөбүтэ.
Үрдүк үөрэхтээх. 2018 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральный университеты бүтэрбитэ.
Спордунан Дьокуускайга 2013 сыллаахтан дьарыктаммыта. Армрестлиҥҥэ, остуол тенниһигэр, олорон эрэ ыараханы өрө анньыыга холоммута.
Арассыыйа Паралимпийскай хамаандатыгар 2015 сылтан баар.
Бастакы тренерэ – Афанасий Терентьевич Жараев. Билигин – Александр Николаевич Овсянников.
Кэргэн тахса илик.
Иллэҥ кэмигэр айылҕаҕа сылдьарын, айанныырын сөбүлүүр, хаартыскаҕа түһэрэр уонна иистэнэр.
СТЕПАНИДА АРТАХИНОВА
Оҕунан ытыыга Паралимпийскай оонньуулар боруонса призера, аан дойду биэс төгүллээх, Европа, Арассыыйа элбэх төгүллээх чемпиона.
Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара.
Саха сириттэн кыттар.
1989 сыллаахха балаҕан ыйын 13 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун Улахан-Муҥку дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ.
Үрдүк үөрэхтээх. 2017 сыллаахха Дьокуускайга Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты бүтэрбитэ, идэтэ – тренер.
СӨ «Спортивнай хамаандалары бэлэмниир Киинигэр» дьарыктанар.
Спорка төрөппүттэрэ уонна тренердэрэ угуйбуттара. Бастакы хардыыларын 2007 сыллаахтан «Юность Москвы» ФСОҕа Москваҕа саҕалаабыта.
Арассыыйа Паралимпийскай хамаандатыгар 2011 сылтан киирбитэ.
Бастакы тренерэ – Руслан Андреевич Столяров. Билиҥҥитэ – Андрей Андреевич Иксман, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ.
2012 сыллаахха II истиэпэннээх «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү наҕараадатынан – «Хотугу сулус» уордьаннарынан бэлиэтэммитэ.
Кэргэн тахса илик.
Иллэҥ кэмигэр “хенд мэйд” диэнинэн аралдьыйарын ордорор.
Паралимпиада аһыллыытыгар Афганистан былааҕа
Аан дойдутааҕы Паралимпийскай кэмитиэт баһылыга Эндрю Парсонс Токиотааҕы Паралимпиада аһыллыытын сиэригэр-туомугар Афганистан былааҕын таһаарыахтара диэн иһитиннэрдэ.
«Афганистан былааҕа Паралимпиадаҕа көтөҕүллүөҕэ. Дойду былааҕын ХНТ куотарга күһэллибиттэр дьыалаларыгар Салалтатын үрдүкү комиссарын бэрэстэбиитэлэ тутан тахсыаҕа. Ол аата, хомойуох иһин, Оонньууларга сатаан кыттыбат Афганистан паралимпиецтарын кытта бииргэбитин биллэрэбит», — диэтэ Парсонс.
Паралимпийскай оонньууларга ити дойдуттан икки спортсмен кыттыахтааҕа. Олортон биирдэстэрэ Афганистантан аан бастакынан кыттар дьахтар Закия Худадади киириэхтээҕэ.
Атырдьах ыйын 15 күнүгэр Афганистаҥҥа олоҕу төрдүттэн тосту уларытар дьаһаллаах «Талибан» хамсааһын (Арассыыйаҕа билиниллибэт) былааһы ылбытын туһунан биллэрбитэ.
Японияҕа – хоруона хамсыга
Токиотааҕы Паралимпиадаҕа кыттыахтаах 144 киһи хоруона хамсыгынан сутуллубута билиннэ. Ити туһунан атырдьах ыйын 12- 23 күннэринээҕи чахчылар түмүктэринэн күрэхтэһиини тэрийээччи пресс-сулууспата биллэрдэ.
Ыалдьыбыттартан биэһэ – спортсмен.
Кемерово рингэтигэр саха боксердара
Арассыыйа эр дьоҥҥо боксаҕа чемпионата атырдьах ыйын 27-балаҕан ыйын 4 күннэригэр Кемеровоҕа ыытыллыаҕа. Дойду бастыҥ боксердара 2021 сылга Белградка буолуохтаах аан дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттар быраабы былдьаһыахтара. Саха сирин эрэлэ Арассыыйа түөрт төгүллээх, Европа икки төгүллээх чемпиона уонна аан дойду чемпионатын призера Василий Егоровы кытта ситимнээх.
Чемпионакка Арассыыйа 60 регионуттан барыта 400 кэриҥэ спортсмен кыттыаҕа. Күрэхтэһии аан бастаан Аан дойдутааҕы бокса ассоциациятын (AIBA) быраабылатынан 13 ыйааһыҥҥа буолуоҕа.
Үгэс курдук дойду сүрүн рингэтигэр быйыл тирии бэрчээкки уонча маастарын көрүөхпүт.
Саха сирин саамай титуллаах боксера Василий Егоров Кузбасска ыытыллар чемпионакка бэһис кыһыл көмүһү ылар санаалаах. Ону сэргэ боксердар Евгений Мартынов, Талбан Егоров, Борис Сидоров, Михаил Прокопьев, Айтал Дьяконов уонна да атыттар бааллар.
Сайыҥҥы бэлэмнэниини уолаттар Аллараа Бэстээххэ сүүмэрдэммит хамаанда Киин базатыгар барбыттара. Түмүктүүр кэрдиистэрэ Краснодарга ааспыта.
Күрэхтэһии 19 мөлүйүөн бириистээх. Арассыыйа-2021 кыһыл көмүһүн ылбыттар 500 тыһ. солкуобайы, массыынаны, үрүҥ көмүстээхтэр – 250 тыһ. солк.боруонсалар –125 тыһ. солк. ылыахтара.
Уус Алдан VIII-с Спортивнай оонньууларга бэлэмнэнэр
Эһиил от ыйыгар Уус Алдан улууһугар VIII-с Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара. Ити улахан далааһыннаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии иитинэн стадион, бары өттүнэн хааччыллыылаах спорт комплекса тутуллуохтара.
Саха сирин норуоттарын оонньуулара Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар.
Улууска үс спортивнай эбийиэк тутуллан киириэҕэ. 1000 миэстэлээх трибуналаах стадион, тустууга аналлаах 32 киһи олорор уопсайдаах комплекс уонна элбэх хайысхалаах чэбдигирдэр-спортивнай ситим баар буолуохтара.
Улуус баһылыга Алексей Федотов 17 салаалаах хамыыһыйа тэрилиннэ, барыларыгар эппиэтинэстээх дьону таллыбыт диэтэ.
«Барыта этэҥҥэ буоллаҕына оройуон 10 тыһыынча кыттааччыны уонна ыалдьыттары көрсүөҕэ. Билигин ыытар сирбитин тупсарыынан уонна биллиилээх дьоммут ааттарын үйэтитиигэ үлэлэһэбит», — диэн санаатын үллэһиннэ.
«Русстрой» тутуу хампаанньатын дириэктэрэ Руслан Алибеков этэринэн, ааспыт сылга сыбаайалары туруорбуттар, сааскыттан тирэхтэри оҥорон саҕалаабыттар.
«Балаҕан ыйын бүтүүтэ бетон ууруу, ону кытта тимир оҥоһуктары туруоруу үлэлэрэ саҕаланыахтара. Оонньууларга диэри бүтэрэргэ турунабыт», — диир Алибеков.
Икки этээстээх комплекска остуол тенниһин, тренажернай, аэробиканан уонна чэпчэки атлетиканан дьарыктанар саалалар, пневматическай саанан ытар тир, интеллектуальнай спортивнай оонньуулар кэбиниэттэрэ, үөрэнэр кылаастар баар буолуохтара. Онтон салгыы физиолечение уонна илбийэн эмтиир туспа кэбиниэт, уларыттар сир, душтаах, ванналаах, суунар буочукалаах, бары өттүнэн табыгастаах, көрөөччүлэри 100 киһини олордор спортивнай саала, волейболунан, баскетболунан уонна мини-футболунан, тустуунан дьарыктанар сирдэр, скалодром үлэлиэхтэрэ.
Европа чемпионнарын көрүстүлэр
Дуобатчыттар Сандаара Апросимова уонна Гаврил Колесов Турцияҕа буолбут Европа чемпионатыттан дойдуларыгар төнүннүлэр. Кинилэри чугас дьонноро уонна тренердэрэ аэропорка көрүстүлэр.
Сандаара Апросимова Европа чемпионатыгар классическай бырагыраамаҕа кытынна уонна Саха сирин историятыгар дьахталларга бастакынан дуобат-64 кыайыылааҕынан буолла. Аан дойдутааҕы гроссмейстер Гаврил Колесов блиц-бырагыраамаҕа дуобат-64-кэ тэҥнээҕин булбата.