01.04.2022 | 11:00

Спорт сонуна

Спорт сонуна
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Бөҕөстөр тахсыылаахтык туһуннулар

Дагестан Каспийскай куоратыгар буолан ааспыт Арассыыйа 21-гэр диэри саастаах ыччаттарын көбүөрүгэр Станислав Свинобоев 70 кг алтата тустан, утарсааччыларын барыларын кыайталаата.

Финалга Хотугу Осетия бөҕөһүн Заурбек Бугуловы 14:4 лаппа баһыйан, ыраас техническэйинэн хотто уонна чемпионат иккис кыһыл көмүс мэтээлин ылары ситистэ. Станислав Свинобоевы уопуттаах тренер Василий Уваров эрчийэр.

Тарскай көҥүл тустууга чемпионатыгар чаҕылхай хапсыһыыларынан үтүө өйдөбүлү хаалларбыт Сунтаар эдэр бөҕөһө Лев Павлов 57 кг эмиэ бэрт тахсыылаахтык туһунна. Финалга тэҥ хапсыһыыга Хотугу Осетия тустуук ыччатыгар Артем Гобаевка 1:3 баһыйтаран, Арассыыйа  ыччаттарын үрүҥ көмүс мэтээлин хаһаайына буолла. Лев Павловы тренер Николай Данилов эрчийэр. Хамаанданы Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччаттарга сүрүн тренерэ Василий Неустроев салайан илдьэ сырытта.

 

ГТО сылайбат сындааһыны эрэйэр

II-с өрөспүүбүүкэтээҕи МУУС УСТАР ыччат бэстибээлин чэрчитинэн Дьокуускай куоракка “Кыайыы 50 сыла” аатынан спорт дыбарыаһыгар ГТО физкультурнай-спортивнай комплекс нуормаларын туттарыыга күрэхтэһии буолан ааста.

18-29 саастаах түөртүү киһилээх – иккилии уоллаах кыыстан турар – хамаандалар Нерюнгриттан, Алдантан, Анаабыртан, Булуҥтан, Өлөөнтөн, Дьааҥыттан, Бүлүүттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Намтан уонна Дьокуускайтан түмүстүлэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччакка миниистирин 1-кы солбуйааччы Александр Сысоев, спорт миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев, ГТО физкультурнай-спортивнай комплекс отделын начаалынньыга, күрэхтэһии сүрүн судьуйата Александр Брызгалов кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр.

Күүһү-уоҕу, түргэн-тарҕан буолууну, сылайбат сындааһыны эрэйэр түөрт көрүҥҥэ – челночнай сүүрүүгэ, муостаттан кыргыттар 15-тэ, уолаттар 25-тэ анньыныыга, сытан-олорон преһи хачайдааһыҥҥа 10-та, перекладинаҕа 10-та тардыныыга сытыы, ыһыылаах-хаһыылаах куоталаһыылар буоллулар.

Барыллааһын куоталаһыыга инники күөҥҥэ сылдьыбыт алта хамаанда финалга тахсан, ким ордук үчүгэй бэлэмнээҕин быһаарыстылар.

Кытаанах киирсиилэр түмүктэринэн Бүлүү хамаандата бастаата. Кинилэргэ атах оонньуутугар спорт маастардара Айаал Иванов, Дмитрий Чабыев, уһун сиргэ сүүрэр Карина Павлова уонна Александра Киселева курдук спордунан утумнаахтык дьарыктанар ыччаттар бааллар. Хамаанданы Бүлүү куоратын физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Степан Федоров бэлэмнээн аҕалбыт. ГТО-нан анаан-минээн дьарыктаммыттар. Өрөспүүбүлүкэ куоталаһыытыгар ситиһиилээхтик кыттан, спорт министиэристибэтиттэн ГТО комплексын тутар оборудованиенан наҕараадаламмыттар. Ол оборудованиены бэлэмнэнэллэригэр көдьүүстээхтик туһаммыттар. Бу сайын Бороҕоҥҥо буолар оонньууларга күүскэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Улуустарыгар күрэхтэһии тэрийэн, хамаанданы сүүмэрдээбиттэр. Онон кичэллээхтик дьарыктана сылдьаллара кыайыыны ситиһэргэ улаханнык туһалаабыт. Иккис миэстэни – Чурапчы, үсүһү Уус Алдан хамаандалара ылаттаатылар. Миэстэлэргэ тиксибит хамаандалар туһааннааҕынан 30, 20, 10 тыһ. солк. сертификаттарынан бэлиэтэннилэр.

 

Сахалыы остуол оонньуута сайдар

Сахалыы остуол оонньууларыгар – хабылыкка уонна хаамыскаҕа оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһиитэ Дьокуускайга “Модун” спорткомплекс манеһыгар ыытыллан түмүктэннэ.

Улуустартан уонна куораттан 11 хамаанда кытынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин остуол оонньууларыгар федерациятын бэрэсидьиэнэ Ольга Григорьева, сүрүн судьуйанан үлэлээбит спорт маастара Владимир Көтөөхөп оҕолор оонньуур маастарыстыбалара үрдээн иһэрин бэлиэтээтилэр.

Уус Алдан Найахытын (тренер Наталья Румянцева), Баатаҕайын (тренер Николай Николаев), “Модун” спорт киинин (тренер Надежда Белолюбскайа), Үөһээ Бүлүү Намын (тренер Любовь Сидорова) оҕолоро сыл аайы күрэхтэһэр буолан, уһулуччу оонньуулары көрдөрдүлэр.

“Модунтан” Богдан Журавлев, Уус Алдантан Дайаана Федорова, Үөһээ Бүлүүттэн Алексей Махаров ордук табыллан оонньоотулар. Ньурбаттан Ньургун Семенов сэттэ тоҥсуурунан оонньуур хаамыскаҕа чаҕылхай көрдөрүүлэннэ. Маастар нуормалара оҕолорго 16 саастарыттан, ол нормативтарын иккитэ-үстэ бигэргэппит буоллахтарына, иҥэриллэр. Марат Ляшеев, Айыына Ермолаева, Ая Давыдова курдук хас да маастар оҕолор күрэхтэһиини киэргэттилэр, таһымын үрдэттилэр. Тутталлара-хапталлара чэпчэкитэ, имигэстэрэ, хамсаналлара сылбырҕата көрөргө олус умсугутуулаах. Оҕолор ис-сүрэхтэриттэн сахалыы остуол оонньууларын таптыыллара көрбүтү умсугутар, сүргэни көтөҕөр. Оҕолорбут хабылыгы, хаамысканы күүскэ баһылаабыттар.

10-11 саастаах кыргыттарга Мэҥэ Хаҥаластан Лера Сергеева, уолаттарга Уус Алдан Баатаҕайын оскуолатыттан Антон Татаринов; 12-13 сс. оҕолорго “Модунтан” Диана Филиппова, Богдан Журавлев, 14-15 сс. “Модунтан” Аина Еромолаева, Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытыттан Ян Захаров, 16-17 сс. “Модунтан” Ольга Коротких, Ньурбаттан Ньургун Семенов бастаатылар. Муҥутуур кыайыылаахтарынан кыргыттарга Сунтаартан Алена Максимова, уолаттарга Ньурбаттан Ньургун Семенов буоллулар.

Хамаанданан түмүккэ Дьокуускайтан “модуннар” бастаатылар. Иккис миэстэни Антонина Ивановна Федорова уонна Екатерина Николаевна Попова аҕалбыт Мэҥэ Хаҥалас, үһүс миэстэни Дора Николаевна Иванова бэлэмнээн аҕалбыт Сунтаар Бордоҥун хамаандалара ыллылар.

Оҕолор оонньууларын хаачыстыбата, таһыма үрдээн иһэрин, күрэхтэһии сыалын-соругун ситтэ диэн судьуйалар сыаналаатылар.

Остуол оонньуутугар оҕо эрдэхтэн дьарыктаннахха ситиһии кэлэр спорт көрүҥэ.

“Өбүгэттэн ситим тэлэн,

Сандалы тула оонньооммут,

Табыгас тарбах хамсатар,

Мындыр толкуйу тобулар

Хабылык, хаамыска оонньуутун

Үйэтитиэҕиҥ, доҕоттоор!” – диэн дьоһун тылларынан күрэхтэһии түмүктэннэ.

«Лыжня России» үтүө үгэскэ кубулуйда

Сыллата ыытыллар “Лыжня России” хайыһар күрэҕэ Дьокуускай аннынааҕы Күөх хонууга үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Хайыһар суолугар тахсыбыт тыһыынчанан дьону Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, куорат баһылыга Евгений Григорьев, сүрүн судьуйа Альберт Трофимов эҕэрдэлээтилэр. Чаҕылхай күннээх сааскы ылааҥы күн да, “Кэлиҥ, сүүрүҥ-көтүҥ! Ыраас, чэбдик салгынынан дуоһуйа тыыныҥ!” диэбиттии, туран биэрдэ. Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Хаҥаластан хайыһары таптааччылар тиийэ кэлбиттэр. Көр-күлүү, үөрүү, ырыа-тойук, музыка доҕуһуоллаах чахчы спорт бырааһынньыга буолла! Букатын кырачаан уһуйаан оҕолоруттан, сүһүөхтэрин үрдүгэр көтө-дайа сылдьар ыччаттарга, аҕам саастаахтарга тиийэ муһуннулар. Ити күн ытык Сайсары күөлүгэр, куорат ат сүүрэр ипподромугар куорат олохтоохторо, Агро-технологическай университет устудьуоннара эмиэ хайыһар суолугар хото таҕыстылар.

Олохторун хайыһар спордугар анаабыт өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыттара, бэтэрээннэр бааллара түһүлгэни киэргэттэ. 1969 с. аан бастаан Сойуус Универсиадатын СГУ хамаандатынан Пермьҥа тиийэн кыайаннар Улахан Кубогы Сахаларын сиригэр аҕалары ситиспит математик-суруналыыс Филипп Пестряков, аан дойду кубогын кыайыылааҕа Мария Бандерова, билигин норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах  бэтэрээннэр үгүс күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа Алексей Сивцев, хайыһар суолугар Арассыыйа бэтэрээннэрин кыайыылаахтара Василиса Слепцова, Хатас спортоскуолатыттан Степан Контоев иитиллээччилэринээн, “Чысхаан” кулууп салайааччыта Екатерина Никитина, хайыһардьыт дьиэ кэргэн Костроминнар дьиэ кэргэттэрэ сиэннэринээн уо.д.а. бааллар.

Үгүстэр салгын сиэн хайыһардаатылар, үчүгэй бэлэмнээхтэр куоталаһан дайдылар.

Михаил Чугунов салайан аҕалбыт Алдан хайыһар киинин уонна Уус Алдан спортоскуолатын оҕолоро күннээтилэр, биэтэккэ бастакынан кэлитэлээтилэр. Ыччаттарга уонна улахан дьоҥҥо Дмитрий Егоров (Дьокуускай), Антон Дегесов (Ленскэй), Николай Максимов (Амма), салайааччыларга “Стройград” тутуу тэрилтэтиттэн  Егор Иванов, Р.М. Дмитриев аатынан олимпийскай эрэл училищетын дириэктэрин солбуйааччы, аатырбыт бөҕөс Александр Контоев, Хаҥаластан Вячеслав Яковлев,  дьиэ кэргэттэргэ  Дмитрий, Ольга, Даша Софроновтар уо.д.а. кыайыылары ситистилэр. 85 саастаах Степан Абрамов, 76 саастаах Кристина Билюкина, 5 саастаах Илья Сергеев, 3 саастаах Сардаана Чугунова анал бириистэринэн биһирэннилэр. “Лыжня России” бары кыттыылаахтара бука бары хайыһар бэргэһэтинэн, сувенирдарынан бэлиэтэннилэр.

Өссө биир кэлэ-бэлиэ түгэнинэн 80-с сыллардаахха Саха сирин күүстээх хайыһардьыттара, 1989 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы Универсиадаҕа 4х5  эстафетаҕа бастаабыт, билигин “Триумф” спорка бэлэмниир киин спортивнай бырааһа Лидия Аргунова, Таатта Туора-Күөлүгэр спортинструктордыыр Надежда Алексеева-Лыткина, федеральнай сулууспа исписэлииһэ Ньургуйаана Яковлева, Бүлүү улууһун дьокутаата Олга Калачикова, Адаптивнай спорт киинин дириэктэрэ Анастасия Михайлова тренердэрин АГАТУ спорка отделын начаалынньыга Дмитрий Николаевич Платоновы кытта кэлэн, хайыһар түһүлгэтин эмиэ киэргэттилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...