Спорт миниистирэ эдэр тустууктарга спортивнай пуорманы туттарда
Спортсменнар бу күннэргэ уочараттаах хомуурга Дагестаҥҥа көтөллөр. Ол кэнниттэн уолаттар муус устар 3-5 күннэригэр Московскай уобалас Наро-Фоминскайыгар ыытыллар Арассыыйа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр кыттыахтара.
«Тустууга, эмиэ олоххо курдук, чэпчэки суол диэн суох. Хас биирдии хапсыһыыны эһиги ыарахан үлэ курдук ылыныахтааххыт. «Умайан хаалыы» — куттаныы буолбатах, сороҕор наһаа күүстээхтик хотуоххун баҕардаххына таҥнары буолан тахсар. Былаан табыллыбатаҕына саҥа тактиканы толкуйдуур ардыгар сатанааччыта суох. Ол иһин эдэр спортсменнарга киирсии саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри күүскэ үлэлииргэ бэлэм буолуҥ диэн сүбэлиибин. Түмүккэ көбүөргэ уонна эрчиллиигэ саамай үчүгэйдик үлэлээбит спорсмен кыайыылааҕынан тахсар», - диэтэ Леонид Спиридонов.
Итини сэргэ муус устар ортотугар «Триумфка» 21 саастарыгар диэри саастаах спортсменнарга көҥүл тустууга Арассыыйа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиитэ ыытыллыаҕа.