Спорт эбийиэктэрэ элбииллэр
Дойдубут бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Спорт – олохпут нуормата” федеральнай бырайыакка тирэҕирэн уонна “Демография” национальнай бырайыакка олоҕуран, Сахабыт сиригэр физкултуура уонна спорт утумнаахтык сайдалларыгар болҕомто ууруллар.
Билигин нэһилиэнньэ 55 % физкултууранан уонна спордунан дьарыктанарын ситиһэр сорук турар. Маны ситиһэргэ нэһилиэнньэни физкултууранан уонна спордунан дьарыктанарга көҕүлүүр, спорка солбугу бэлэмниир тутуулар ыытыллаллар. Бу сайын Уус Алдан Бороҕонугар Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара буолалларынан элбэх өрүттээх чэбдигирдэр спортивнай комплекс, Мындаабаҕа спортивнай единоборство универсальнай комплекса уонна стадион үлэҕэ киириэхтэрэ. Горнай Бэрдьигэстээҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ ханна да суох бэртээхэй универсальнай буулдьанан уонна оҕунан ытыы комплекса үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Нерюнгри Чульман бөһүөлэгэр хаҥкылыыр уонна Дьокуускай куоракка сөтүөлүүр, харбыыр комплекстар тутуулара олоххо киллэриллиэхтэрэ. Жатай бөһүөлэгэр “Олимп” харбааһын бассейна, Ньурба Антоновкатыгар спортивнай комплекс, Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр бассейннаах “Парус” элбэх функциялаах универсальнай саала уонна Дьокуускайга Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын тэлгэһэтигэр физкультурнай-чэбдигирдэр аһаҕас комплекс үлэлэрин саҕалаатылар.
Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Сайсары уонна Строительнай уокуруктарга 2024 сыллаахха Дьокуускайга, буолар VIII-с “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары көрсө, элбэх функциялаах спортивнай комплекстары тутуу хаамыытын, оҕо спортоскуолаларын билиҥҥи туруктарын, Сайсарыга Олимпийскай албан аат аллеятын оҥорууну, 202-с микрооройуоҥҥа Олимпийскай чөмпүйүөн Р.М. Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥорууну дьүүллэстилэр.
Атын да улуустарга, оройуоннарга физкултуурунай-чэбдигирдэр тутуулар эмиэ ыытыллыахтара. Онон, 2030 сылга диэри нэһилиэнньэ 70 % физкуултуранан уонна спордунан дьарыктанарын ситиһэргэ Владимир Путин туруорбут соругун олоххо киллэрэр кыахтар үөскэтиллэллэр. Чөл, чэбдик олоҕу тэнитиигэ үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын устудьуоннарын ортолоругар волонтерскай хамсааһын баар буолуоҕа.