30.05.2024 | 16:00

Спорт быыстапката биһирэннэ

Спорт быыстапката биһирэннэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Москваҕа ыам ыйын 25 күнүгэр Арассыыйа спордун судаарыстыбаннай  музейыгар спорт национальнай көрүҥнэригэр уонна “Азия оҕолоро” Оонньууларга аналлаах быыстапката үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. 1996 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1-кы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев аан бастаан көҕүлээн тэрийбит “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларын быыстапката Арассыыйа спорка министиэристибэтин өйөбүлүнэн тэрилиннэ.

Быыстапка тэрээһинигэр Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музей (дир. Решетникова А.Н.), Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинэ (дир. Васильев Г.А.), “Азия оҕолорун” Аан дойдутааҕы кэмитиэтэ (презид. Максимов В.В.), дириэксийэтэ (ген.дир. Сивцев М.П.), “Николаев-Киин” (дир. Семенов Ю.И.) экспонаттарынан көмөлөстүлэр.

Быыстапкаҕа Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка министиэристибэлэрин, Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин эппиэттээх үлэһиттэрэ, Судаарыстыбаннай дуума дьокутааттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэлистибэтин, “Азия оҕолорун” Аан дойдутааҕы кэмитиэтин уонна дириэксийэтин, музейдар салайааччылара, спортсменнар, спорт бэтэрээннэрэ, ыалдьыттар сырыттылар, көхтөөхтүк кытыннылар.

Саха сирэ уһун тымныы кыһыннаах буолан, олорорго-үлэлииргэ кытаанах усулуобуйалааҕын, ол эрээри баай үгэстэрдээх, элбэх омук кутун тутар, дириҥ култууралаах, ыалдьытымсах дьонноох, дьоҕурдаах ыччаттардаах,  дьикти уонна ураты кэрэ сир буоларын туһунан модератор, “Азия оҕолоро” Оонньуулар дириэксийэлэрин дириэктэрин солбуйааччы Алексей Соколов билиһиннэрдэ.

Онуоха дьүөрэлии, быыстапка баай ис хоһоонноох экспозициялара спорт көрүҥнэринэн хас да саалаҕа туруорулланнар, болҕомтону ыллылар. Быыстапка бары сиэри-туому тутуһан үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Кэлэр кэскили түстүүр, сырдык баҕа санааны толорор салама ыйанна, ырыаһыт, уус-уран тыл маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Иванов аал-уоту оттон, күндүлээн, арчылаата,  алгыстаата.

Приморскай кыраай Чайковскай куоратыгар буолан ааспыт физкултуурунай-спортивнай үрдүк үөрэх кыһаларын норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэригэр экстремальнай үрдэли дабайан сүүрүүгэ хамаанданан түмүккэ бириистээх иккис миэстэни ылары ситиспит Чурапчы спорка институтуттан Милена Белолюбская, Валентина Борисова, Валерия Кобякова сахалыы таҥнан-симэнэн, ыалдьыттары уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлээтилэр.

Саха төрүт оонньууларыгар хабылыкка, хаамыскаҕа “Модун” инструктора Надежда Белолюбская, “тутум эргииргэ” Устудьуоннар бэстибээллэригэр экстремальнай үрдэли дабайыыга уонна ГТО нуормаларын мэһэйдээх сүүрүүлэригэр үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Егор Терентьев, мас тардыһыытыгар Москваттан спорт маастардара Егор Дегтярев, Евгений Пиконин маастар-кылаастары көрдөрдүлэр. Манчаары аатынан Спорт национальнай көрүҥнэригэр киинин методическай салаатын салайааччыта Михаил Ершов, Москва куорат мас тардыһыыга федерациятын бэрэсидьиэнэ Игорь Галутва быһааран кэпсээтилэр-ипсээтилэр. 

Спорт салайааччылара, норуот дьокутааттара, быыстапка тэрийээччилэрэ эҕэрдэ тыллары эттилэр. Госдуума дьокутаата Елена Евтюхова өбүгэлэрбит оонньуулара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбиттэригэр, аныгы спорт көрүҥнэригэр кубулуйбут суолталарыгар, ытыктаныахтаахтарыгар тохтоото. Арассыыйа спордун миниистиринэн анаммыт Михаил Дегтярев спорт национальнай көрүҥнэригэр болҕомто ууруллуохтааҕын, үлэ күүһүрүөхтээҕин туһунан эппитин бэлиэтээтэ.

“Азия оҕолорун” Аан дойдутааҕы кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов “Азия оҕолорун“ Оонньуулара Саха сирин кытта быстыбат ситимнээҕин, биир ыйынан VIII-с Оонньуулар кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын көрсүөхтээхпитин, дойду киин куоратыгар быыстапка кэм ирдэбилэ буолбутун эттэ. Кытаанах айылҕалаах, уустук усулуобуйалаах Саха сиригэр оҕо саастан эти-хааны эрчийии барарын уонна ол булгуччулааҕын  чорботон эттэ.

Арассыыйа Спорка Судаарыстыбаннай музейын дириэктэрэ Александр Дубинин Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка министиэристибэтин бастыҥ үлэһиттэрэ быыстапкаҕа сахалыы тыыннаах хатыламмат эйгэни үөскэппиттэрин, ыраах хоту сир спордун уонна оонньууларын умсугутуулаах көрүҥнэрин сатабыллаахтык билиһиннэрбиттэрин, киин куорат ыччаттара холонон көрөн сэҥээрбиттэрин итиэннэ Санкт-Петербург этнографическай музейыттан үөлээннээхтэрэ быыстапканы биһирээн, бэйэлэригэр эмиэ тэрийэн эрэллэрин, Саха сирин спорка быыстапката батыһааччыларданан эрэрин иһитиннэрдэ.

Саха сирин спордун миниистирэ Леонид Спиридонов быыстапка туруоруллуутун өйөөбүт дойду спорка министиэристибэтигэр, Спорт Судаарыстыбаннай музейыгар махтанна, быыстапка тэрээһинигэр бииргэ үлэлээбиттэрин, “Азия оҕолоро” Оонньуулар сүрэхтэниилэрэ дьоһуннук ааспытын эттэ уонна Оонньуулар уоттарын Спорт Судаарыстыбаннай музейыгар бэлэхтээтэ.

“Азия оҕолорун” дириэксийэтин генеральнай дириэктэрэ Михаил Сивцев олус дириҥ суолталаах быыстапка арыллыбытын, саха норуота спорду сөбүлүүрүн; Москва оҕолоро, ыччаттара “Азия оҕолоро” Оонньууларга кылааттарын; Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1-кы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев көҕүлээн тэрийбит “Азия оҕолоро” Оонньууларыгар сүҥкэн кылаатын, норуоттар доҕордоһууларын түстүүрүн, или-эйэни үөскэтэрин; оҕолор өй-санаа, эт-хаан өттүнэн  сайдыыларыгар, чэгиэн-чэбдик буолалларыгар улахан кыахтар бэриллэллэрин  санатта. Биир ыйынан Дьокуускайга буолар “Азия оҕолорун” VIII-с Оонньууларыгар Азия 26 дойдутуттан, Арассыыйа регионнарыттан 3.5 тыһ. киһи, ол иһигэр 2.5 тыһ. спортсмен оҕо, тренердэр, бэрэстэбиитэллэр кэлэллэрин, бэлэмнэнии үлэтэ түмүктэнэн эрэрин; күрэхтэһиилэргэ 239 кэмпилиэк мэтээл оонньонорун, регионнартан 700 судьуйа үлэлиэхтээҕин; омуктарга Саха сирин историятын, култууратын билиһиннэрэр сыаллаах тылбаасчыттар үлэлииллэрин, 1900 волонтер бэлэмнэммитин чопчулаан бэлиэтээтэ.

Спорт Судаарыстыбаннай музейын дириэктэрин солбуйааччы Лидия Плехова спорт быыстапката аан бастаан туруоруллубутун; Саха сирин спордун национальнай көрүҥнэрин сэргэ 1996 сылтан ыытыллар “Азия оҕолорун” Оонньууларын экспозициялара туруоруллубуттарын, быыстапка идеята олус сөптөөҕүн этэн туран, бар дьону музейы кэлэн көрөллөрүгэр ыҥырда уонна бииргэ үлэлээһин уһун кэмҥэ салҕанарыгар бүк эрэнэрин биллэрдэ.

Быыстапка сүрүн көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Спорка албан аатын музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов ыраах Саха сириттэн Москваҕа быыстапканы аҕалан туруоруу күүстээх санааттан оҥоһуллубутун, миниистир Леонид Спиридонов этии киирээтин кытта тута өйөөбүтүн, спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыы, мас тардыһыыны, хапсаҕайы, атах оонньуутун олимпийскай көрүҥнэргэ тиэрдии, пропагандалааһын наадатын, күүстээх спортсменнар тахсан эрэллэрин эппитин; дойду спорка министиэристибэтэ быыстапканы улаханнык өйөөбүтүн, Арассыыйа спордун бырайыагын быһыытынан ылыныллыбытын, билиниллибитин; “Азия оҕолорун” кытта ыкса ситимнэммитин; эһиил Санкт-Петербурга туруоруллар туһунан кэпсэтиилэр буолбуттарын, онтон салгыы Башкириянан, Татарстанынан, Дагестанынан быыстапкалар тэриллэр буолбуттарын; саха ыччата спорка дьоҕурдааҕын бэлиэтээбиттэрин, Саха сиригэр физкултуура уонна спорт улаханнык өйөнөллөрүн туһунан этиилэри истэн улаханнык  үөрбүтүн, ол аата Саха сиригэр спорт кэскиллээҕин, сыал-сорук ситиһиллибитин эттэ. Салгыы аан дойдуга тахсар гына үлэлиир  наадатын, билигин регионнарынан, онтон урукку бырааттыы Союзнай Өрөспүүбүлүкэлэринэн, аан дойду, Европа, дойдуларынан, “Азия оҕолоругар” кыттар Азия дойдуларынан быыстапканан барыыны тэрийиэххэ сөбүн туһунан санаатын үллэһиннэ.

 

Арассыыйа Спорка Судаарыстыбаннай музейын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин күүстэринэн аан бастаан тэриллибит быыстапка  биһирэбили  ылла. Салгыы өссө киэҥ хардыылары оҥорорго кыахтар үөскээтилэр. Бииргэ үлэлээһиҥҥэ олук уурулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...