Спорка бэриниилээх буолуу арылхай көстүүтэ
Сахабыт сиригэр физкультурнай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылынан бу эйгэҕэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьону сырдатарбыт, ахтан-санаан ааһарбыт тоҕоостоох. РФ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ Альберт Иванович Трофимов оскуолатааҕы сылларыттан спорка уһуйуллубута.
Сунтаартан кынаттанан
Физкультура учууталлара Анатолий Иванович Афанасьев, Олег Николаевич Мохов аан бастаан спорка уһуйбуттара. Кыра кылаастарга тустууга оскуолатыгар бастаталыыра. Тас көрүҥүнэн, быһыытынан-таһаатынан, кыраһыабайдык туттан-хаптан, ымсыырдан, стадиону, тыа быыһынан элэгэлдьийэр, ааттара дуорааннахтык дуораһыйан стадиону эричмнээхтик эргийтэлиир, кэннилэриттэн сэмээр батыһан, хайыһарга уһуйбут киһитинэн тохсус кылааска үөрэнэр оскуола бастыҥ хайыһардьытын, билигин Дьокуускай куорат 21-с оскуолатыгар дириэктэрдээбит, 10-с оскуолаҕа завучтуур, спорт улахан тэрийээччитин Сергей Артемович Ермолаевы ааҕар. “Улааттахпына хайыһардьыт буолуом”,- диэн санаа үүйэ-хаайа тутара. Оннук холобур оҥосторо.
Хайыһар суолугар абылатан
Ити кэнниттэн хайыһар олоҕун быстыбат аргыһа буолбута. Дьокуускайга 1 №-дээх педучилищетын физкультура салаатыгар Дорий Иванович Винокуровка эрчиллибитэ. Аармыйаҕа ытык иэһин толорон баран, Хабаровскайдааҕы физкультура институтугар бастаабыта, хамаандаҕа киллэриллибитэ. Хабаровскай кыраай “Спартагар” бастаталаабыта. Институт кэнниттэн Уус Алдан Тандатыгар учууталлыырын быыһыгар, Андрей Андреевич Протопопов көҕүлээһининэн 1985 с. Ленскэйгэ тиийэн “Гонка сильнейших” күрэхтэһиитигэр аан бастаан бырагыраамаҕа киллэриллибит “конек” диэн “көҥүл ньыманан” сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылбыта. Сааскы чемпионакка ситиһиитин чиҥэтэн биэрбитэ.
Биир дойдулаахтара Сунтаарга ыҥыраннар, тренердээбитэ, ыччаттары хайыһарга уһуйбута. Онтон 1 №-дээх ДьПУ кэлэн уон икки сыл физкультура салаатыгар тренер-преподавателлээбитэ. Туризм секциятын салайбыта. “Методика физвоспитания” уонна хаҥкыны үөрэппитэ. Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ Яков Попову, Оксана Ноговицынаны, Алена Индееваны иитэн-үөрэтэн таһаартаабыта. СГУ хамаандатын педфактары кыайбыттара – сөптөөх эрчиллии көстүүтэ. Үөрэммит кыһатыгар спорка хамсааһыны оҥорбута.
Ити сылдьан, бэйэтэ эрчиллэрин тохтоппокко, сыллата буолуталыыр өрөспүүбүлүкэ хайыһарын суолларыгар 10, 15, 30, 50 км уонна эстафеталарга сүүртэлээн биир-икки дистанциялары ылаттыыра, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта уон төгүл бастаабыта. “Урожай” сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллэн, өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ Павел Павлович Харитоновка сэттэ сыл эрчиллибитэ.
Сүүмэрдиир түмсүүлэр үгүс буолаллара. 1987-90 сс. Алдаҥҥа ССРС сүүмэрдэммит хайыһардьыттара, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, призердара Владимир Смирнов, Алексей Прокуроров, Михаил Девятьяров мэлдьи кэлэллэрэ. Бииргэ эрчиллэллэрэ. Саха сирин хайыһардьыттарыгар улахан холобур буолаллара. Уһук Илиҥҥэ миэстэлэспитэ, Урал Кубогар уонна Сибииргэ уон бастыҥ хайыһардьыттар ахсааннарыгар киирэн, Арассыыйа финалыгар кыттыбыта.
«Лошадиный вид спорта»
Хайыһары спорт ыарахан көрүҥүнэн ааҕар, элбэх “объему” ирдиир, “Лошадиный вид спорта” диир. Хайыһарга үгүс көлөһүнүн тохпут буолан, хайдах дьарыктаныахха сөбүгэр, эрчиллии ньымаларыгар, методикатыгар сүбэтэ-амата элбэх. Элбэх хайыһардьыттан сүүмэрдэнэн, дьарыктанаҕын, күрэхтэһэҕин. Спортивнай уопсастыбалара, “Спартак”, “Урожай”, “Трудовые резервы”, профсойуустар бары күүстээх хайыһардьыттардаахтар. Олортон талыллан уон бастыҥнар өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киллэриллэллэр. Конкуренция бөҕөнү ааһаҕын. 70-90 сс. улахан “бум” буола сылдьыбыта, дьон бары хайыһарга турбута. Чочур Мыраан дьонунан туолара. Уһук Илини кыайаллара. Семен Черноградскай, Владимир Данилов, Анатолий Усольцев ааттара хаһыат сирэйдэриттэн түспэттэрэ. Бииргэ эрчиллэ, күрэхтэһэ сылдьан методикаларын, маастаналларын билэ-көрө сатыыллар. Техническэй көрүҥ буолан, хайыһаргын хайдах оҥосторгуттан, маастанаргыттан олус тутулуктаах. Түһүүлэргэ, тахсыыларга маас быһаарар. Түүннэри-күнүстэри сыралаһаҕын. Халлаан тымныыта, сылааһа, температурнай режим табан оҥостуу оруола улахан. Альберт Трофимов, били, туста сылдьыбыт буолан этэ-сиинэ сайдыылаах, күүс-уох да баара. Утарсааччыларын өрө дабайыыларга ылаттыыра, “отрывка” барара. Онуоха “испанскай”, “португальскай” ньымалары туттара.
Сайыҥҥы кэми мүччү туппаттара, эмиэ дьарыктаналлара. “Кроссовай объемҥа”, илиигэ үлэҕэ, спортивнай туруккун тутууга болҕомто ууруллара. “Формаҕын поддержкалыыгын”. Холобур, кырата 25 тардыныахтааххын. Үчүгэйдик ытыахтааххын. ГТО күрэхтэһиилэригэр түһэн биэрбэт гына бэлэмнэниилэр бараллара. Итинник быыстала суох дьарыктанан, Хабаровскай кыраайы иккитэ кыайан турар. Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ улааппыт буолан, үчүгэйдик харбыыра көмөлөспүтэ элбэх. Үчүгэй харбааччынан биллэр. Бүлүүнү төттөрү-таары харбаан туоруура. Ол үгэһэ сылайбат сындааһыннаах буолууну, уһун тыыны, сэниэни биэрбитэ. Аллараа Бэстээхтэн таас чохтоох Кангалаас бөһүөлэгэр диэри 37 км сири аан дойдуга биллэр аатырбыт харбааччы Семен Алексеев, Урааҥхай Гена буоланнар тэҥҥэ харбаан тураллар. Ол Кангалаас бөһүөлэгин аннынан Өлүөнэ өрүһү харбаан туораан баран, төттөрү харбаан кэлэрэ. Сааһыран баран бэтэрээннэр күрэхтэһиилэригэр кытта туйгун туругун тута сылдьар. Онон, күүстээх уонна кыахтаах спортсмен.
Күөн күрэс сиэрин тутуһуннарааччы
Альберт Трофимов улахан спортан тохтоон, 1994 сылтан судьуйалааһын киэҥ уонна уустук эйгэтигэр киирбитэ. Чочур Мырааҥҥа хайыһар трасса оҥоруу түбүгэр ылсыбыта. “Гонка сильнейших” судьуйалаабыта. Өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирин солбуйааччы Прокопий Прокопьевич Готовцев Спортивнай оонньуулар судьуйатынан аҕалбыта. “Манчаары оонньууларыгар” мандатнай хамыыһыйаны салайбыта. Онтон судьуйалар коллегияларыгар үлэлии сылдьар. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолорун” оонньууларыгар сүрүн судьуйа П.П. Пинигиҥҥэ сүрүн судьуйа солбуйааччытын быһыытынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньууларыгар түөрт төгүл сүрүн судьуйалаабыта. Сүрүн судьуйа эбээһинэһин сүгүү судургута суох, сүүмэрдээһин күрэхтэһиилэри, онтон финаллары ыытыы, спорт көрүҥнэринэн судьуйалары түмүү, тэрээһин үлэтэ элбэх. Эппиэтинэһэ улахан. Билигин судьуйалар коллегияларын салайарын сэргэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы Сүүрүү уонна Хаамыы күннэригэр, “Нациялар кросстарыгар”, дьахталлар спартакиадаларыгар, доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар спартакиадаларыгар сүрүн судьуйанан үлэлиир.
Инники кэскилбит туһугар
Альберт Иванович Трофимов дириэктэрдээх 4 №-дээх оҕо спорт оскуолата 1999 сыллаахха тэриллибитэ. Сергей Артемович Ермолаев көрсөн “хайыһар куоракка кэхтээри гынна, чөлүгэр түһэриэххэ, ДЮСШ аспыт киһи” диэн санааны сахпыта. Ити иннинэ 1998 с. куоракка 3 №-дээх тустууга аналлаах оҕо спорт оскуолата аһыллыбыта. Анаан-минээн тиийэн көрбүттэрэ-истибиттэрэ, тренердэр Валерий Петрович Керемясовы, Прокопий Семенович Иванову, Иннокентий Семенович Кочкины көрсөн кэпсэппиттэрэ, идеятын сүспүттэрэ. Куорат үөрэххэ управлениета өйөөбүтэ. Билигин спорт оскуолата кэҥээн, улаатан, мини-футболга (тр. А.М. Самков), хайыһарга (П.П. Лукачевскай), тхэквондоҕа (А.А. Поисеев), чэпчэки атлетикаҕа (В.И. Контоева) буулдьанан ытыыга (М.М. Васильев), дуобакка (В.И. Кононов), оҕунан ытыыга (Б.Б. Олесов) барыта 800 оҕо дьарыктанар.
Оҕолор ситиһиилэринэн үөрдэллэр. Буулдьанан ытыыга Александр Яковенко – Арассыыйа чөмпүйүөнэ, оҕунан ытыыга уонтан тахса маастардар бааллар, Ян Константинов Арассыыйаҕа чөмпүйүөннээн, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастарынан буолбута, Аан дойду кубогар кыттыбыттара, хайыһарга Дмитрий Егоров, Оксана Ноговицына – маастардар, Варвара Текеянова – Уһук Илин абсолютнай чөмпүйүөнэ, тхэквондоҕа үс оҕо “Азия оҕолоругар” бастаабыта, сэттэ уол призердаабыта, Европа призера Руслан Поисеев манна эрчиллибитэ, “Заря” футболистара эмиэ бу спорт оскуолатыттан саҕалаабыттара, сахалыы атах оонньуутугар Валерия Олесова – “Манчаары оонньууларын” абсолютнай чөмпүйүөнэ, аны дуобакка аан дойдуга тиийэ ситиһиилэрдээхтэр.
Альберт Трофимов баҕа санаата
“Сайдыы бара турар. Оҕо чөл олоххо уһуйуллуохтаах, этин-хаанын сайыннарыахтаах. Оҕолор хамсаммат буолан эрэллэр. Итиннэ күүскэ үлэлиэххэ наада. Арассыыйа үөрэххэ министиэристибэтин хонтуруолугар баар үөрэх стандартнай бырагыраамата толоруллуохтаах. Онно чааһынан барыта ырытылла сылдьар. Баар нормативтары орто оскуолалар тутуспаттар, чааһынан биэрбэттэр дии саныыбын. Ардыгар физкультура уруоктарыгар учууталлары солбуйааччыбын. Онно көрдөххө, сорох оҕолор атахтарын төбөтүгэр, тилэхтэригэр, “гусиный шаг” кыайан хаампаттар, сатаабаттар, муостаҕа төкүнүйэ сылдьаллар. Гимнастика – хамсаныы төрдө, ону оҥорботтор, түргэн, сымса буолуохтаахтар этэ да, ол суох. Барыта оонньуу, мээчик, күөн көрсүү буолан хаалла. Спорт балаһааккатын иккитэ эргийэн баран эстэн хаалаллар. Үөрэх министиэристибэтэ, үөрэх управлениета түһүмэхтэринэн бэрэбиэркэлэри ыыталлара уолдьаспыт. Военкоматтар этэллэринэн, аармыйаҕа ыҥырыллар оҕолор 40 % эрэ доруобуйалара ирдэбилгэ эппиэттэһэр. Плоскостопиелаах, харахтара, координациялара, хамсанар дьоҕурдара мөлтөх. Электроннай сигаретаны тардар оҕолор элбээбиттэрэ дьиксиннэрэр. Тыынар уорганнарга куһаҕан дьайыылаах дьаллыкка ыллараллар. Ити тохтотуллуохтаах. Доруобай эрэ киһи үлэтэ таһаарыылаах буоларын өйдүөх кэриҥнээхпит”.
Оҕолорго үтүөнү баҕаран, баар суолу этэр. Итэҕэстэр туоратыллыахтарын наада.
Альберт Иванович туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн, бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынар.