Спордунан дьарыктаныы иһин төлөбүрү төннөрүөххэ сөп
Спордунан дьарыктанар дьоҥҥо үтүө сонун – кинилэр эт-хаан өттүнэн чэбдигирэр дьарыктарын иһин нолуок харчытын төннөрүүгэ ханнык тэрилтэлэр хапсалларын Арассыыйа спордун Министиэристибэтэ бигэргэппит. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Арассыыйа үрдүнэн испииһэккэ барыта 3836 спорт тэрилтэтэ киирбит, ол иһигэр 41 – Саха сиригэр.
Нолуок харчытын эһиилгиттэн, 2022 сылтан төннөрүөххэ сөп. Бу төлөбүрү ылыыга ирдэбиллэр – тэрилтэ сүрүн дьарыгынан спорт уонна физическай култуура буолуохтаах, штатыгар анал үөрэхтээх дьон үлэлиэхтээхтэр, тэрилтэ олох-дьаһах, өҥөнү оҥоруу эйгэтигэр туох да кэһиитэ суох буолуохтаах.
Төлөбүр муҥутуур суумата – 120 тыһ. солк. Гражданин спордунан дьарык иһин төлөөбүт сууматыттан 13 % төннөрөр кыахтанна. Ити чөл олоҕу, спорду өрө тутааччыларга бэртээхэй өйөбүл.