26.12.2020 | 14:08

СПОРДУ СЫРДАТАР GelixMax

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт өрөбүллэргэ ютубу арыйан, сахалыы контеннаах блогердары көрдөөтүм. Бэрт көрсүө майгылаах, элэккэй уол сахалыы кэпсиир-ипсиир блогун биир күнүнэн көрөн бүтэрдим. Чахчы, баары-баарынан кэпсиир буолан дуу, хайдах дуу, киһи көрө-көрө олоруон баҕарар эбит. Аны туран, өрөспүүбүлүкэбит биллэр-көстөр дьонун сырдатар, тас дойдуга тиийэ устар буолан интэриэһи өссө тардар. Максим Тихонов дьоҥҥо-сэргэҕэ GelixMax (ГеликсМакс) диэн аатынан биллэр.

ХААРТЫСКАНАН ҮЛҮҺҮЙҮҮ

Максим, дорообо! Чэ, кэпсэтиини саҕалыахха.

Дорооболоруҥ! Мин икки сыл Олоҥхону үөрэтэр наука киинигэр фотограф, видеограф быһыытынан үлэлии сылдьыбытым. Онтон ЯСИА-ҕа үс сыл кэриҥэ уонна «Спорт Якутии” хаһыакка сылтан ордук үлэлээбитим.

“YouTube” ханаалга сахалыы контент төһө сайынна?

Сайдан аҕай эрэр. Билиҥҥитэ “стрим” эрэ курдук сайдар диэн көрөбүн уонна оҕолорго аналлаах араас мультиктары, киинэлэри угаллар. Атын салааҕа соччо-бачча болҕомтобун уурбаппын, билиҥҥитэ бэйэм блогпун сайыннарабын.

“Дыгын оонньууларын” тарҕаппыккар биирдэ GelixMax диэн блог баарын билбитим. Ордук ханнык эйгэҕэ устаҕын?

Сүрүннээн спорт туһунан сырдатабын. Пандемия иннинэ спорду сырдатар олус табыгастаах этэ. Нэдиэлэ аайы күрэхтэһиилэр, улахан турнирдар буолаллара. Блогпунан норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга бара сылдьыбытым. Көҥүл тустууну саха дьоно олус сөбүлээн көрөр. Румынияҕа буолбут Европа чөмпүйэнээтин устан турардаахпын.

Пандемия кэмэ да буоллар, атын да тиэмэлэри сырдата сатыыбын. Холобура, булт-алт туһунан, спортсменнары кытта аһаҕас эфирдэри ыыта сылдьыбытым. Эр киһи буоллаҕым дии, блогпар булка интэриэспин киллэрэн эрэбин. Эр киһи булчут буолуохтаах, барытын сатыахтаах, онтон сиэттэрэн бултка бэйэм күүспүнэн сыста сатыыбын. Сааламмытым балтараа сыл буолла.

Тоҕо спорду таллыҥ?

Спорду урут-уруккуттан өрө тутан кэлбит киһибин. Оскуолаҕа сылдьан саамай сөбүлүүр уруогум физкультура этэ. Идэм эмиэ физкультуранай буолар. Онтон “Бөҕөс” диэн кроссфит-кулуубун арыйбытым. Ол чэрчитинэн спортсменнары кытта алтыһыым өссө күүһүрбүтэ. Ханнык баҕарар көрүҥҥэ спортсменнары кытта билсэр, хаартыскаҕа түһэрэр этим. Ол иһин  спорт хайысхатын сайыннарар, кэпсиир, киэҥ эйгэҕэ таһараар миэхэ быдан судургу уонна, саамай сүрүнэ, бэйэбэр олус барсар.

Билигин хас сурутааччыланныҥ?

Сүрүн ханаалбар 21600 сурутааччылаахпын уонна оонньуулары «стримниир” ханаалбар  2 тыһ. 330 киһи баар.

БЛОГЕРДЫЫРБЫТТАН АСТЫНАБЫН

Блогер буолар барыстаах дуо? Кистээбэккэ эттэххинэ, төһөнү ылаҕын?

Блогер буолар диэн дууһа сипсийэрин истии буоллаҕа. Этэргэ дылы, сүрэҕим тугу этэрин. Элбэх харчыны өлөрөн, байан-тайан барар диэн толкуй миэхэ оҕо эрдэхпиттэн да суох этэ, билигин да суох.

Блогердыырбыттан сүрдээҕин астынабын. Хаачыстыбалаах контент тахсарыгар кыһаллабын.

Уулуссаҕа дьон төһө билэрий?

Уулуссаҕа билэллэр, үөрэллэр, хаартыскаҕа түһээччилэр, аккаастааччым суох.

Хейтердэргэ хайдах сыһыаннаһаҕын, эйиэхэ суруйааччылар дуо?

Мин ханаалбар олус аҕыйахтар быһыылаах. Улахан болҕомтобун уура сатаабаппын. Төһө киһи баар даҕаны, соччо санаа баар буоллаҕа дии. Хас биирдии киһини кытта аахса сырыттахпына, ханна да ырааппаппын.

САХАЛЫЫ КОНТЕНТ

Сахалыы контент тахсарыгар тугу гыныахха нааданый?

Сахалыы контент диэн сахалыы тыллаах диэн буолар. Элбэх биллэр дьон блогтарын сахалыы тылынан ыытыахтарын наада. Мин төһө да күүскэ үлэлээбитим иһин, син биир кыраны хабабын.

Манна икки өрүттээх диэххэ сөп. Ютуб ханаалбын сайыннарыахпын баҕарар буоллахпына, нууччалыы эмиэ кэпсиэхпин наада. Эбэтэр сорох экспериментальнай таһаарыыларбар нууччалыы эрэ кэпсээччибин. Нууччалыы кэпсээтэхпинэ, элбэх саха хейтээбит буолааччы.

Туох дииллэрий?

“Сатаан нууччалаабат эрээри, тоҕо нууччалыы саҥараҕын?” диэбит курдук. Ханаалым сайдарын туһугар үлэлии сатыырбын сорохтор эмиэ өйдөөбөт түгэннэрэ баар буолар.

Мин биир кыра баҕа санаалаахпын. Сахалыы контент сайдарыгар өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүл баара буоллар, биһиги өссө күүскэ үлэлиэхпит этэ. 

Холобур?

Грант көрүллүөн сөп, сөптөөх усулуобуйа тэриллиэн эбэтэр камераларынан көмөлөһүөхтэрин сөп.  Ханнык баҕарар өйөбүл биһиэхэ сүрдээҕин көмөлөһүө этэ.

Туруорсуута кыаллыан наада. Кырдьык, сөптөөх өйөбүл баара буоллар, тылбыт, норуоппут, култуурабыт өссө аатырыа этэ. Сахалар, хомойуох иһин, ахсааммыт аҕыйах буолан САХА диэн норуот баарын билэр омук аҕыйах.

“Стрим” диэни оҥорор эбиккин, бу тугуй?

Киэһээ аайы “Counter-Strike”, “PubG” уо.д.а. оонньуулары оонньуубун. Интэриэһинэйэ диэн дьоннор киирэн көрөллөр, сурутааччыларгын кытта кэпсэтэҕин. Бэйэм уруккуттан көмпүүтэргэ интэриэстээхпин. Дэриэбинэҕэ бастакынан персональнай көмпүүтэрдээх этим. “Денди”, “Сега” диэн оонньуулары киэһэ аайы оонньуурум. Ол иҥсэм билигин даҕаны туола илик диэххэ сөп.

“Донат” диэн көрүллэр эбит дии.

Донат – стрим ыытааччыны өйөөн, харчы ыыталлар. Суумата кыра буолар.

ТАҺЫЧЧЫ САЙДЫЫЛААХ НОРУОППУТ

Арба, эйигин предприниматель быһыытынан эмиэ биллэр диэбиттэрэ.

“Бөҕөс” кроссфит-кулууппун 2017 с. аспыппыт. Дьиҥэ, 2013 с. саҕалаан толкуйдаабытым. Пандемиянан тохтоон турабын. Баҕар, саҥа дьыл кэннэ аһыллыахпытын сөп.

Максим, уон сылынан Дьокуускай хайдах буолуой?

Дьокуускай уон сылынан өссө киэркэйиэ, тупсуо. Олох ханнык баҕарар араҥатыгар үчүгэй эрэ өттүн көрүөххэ наада. Дьиҥэ, уон сыл диэн кыра буоллаҕа... Улахан уларыйыы тахсара дуу, суоҕа дуу.

Сахалар уонна интэриниэт сайдыытын туһунан санааҥ.

Сахалар – таһыччы сайдыылаах норуоппут. Холобура, туох эрэ саҥа айыллар, биһиэхэ кэлэр, чуолаан, интэриниэт эйгэтигэр, ону тута үөрэтэн, тарҕатан, боруобалаан барабыт.

Интэриниэппит куһаҕан буолбатах, өссө күүһүрэрэ буоллар диэн эрэл баар. Мин «Ростелекомҥа” холбонон олоробун – 100 м/б с.

Киберспорт өттүнэн ылан көрдөххө, интэриниэппит олус мөлтөх. Тоҕо диэтэххэ, провайдердарбыт бытааннар, вышкабыт суох. Вышка баара буоллар, киберспорт биһиэхэ сүрдээҕин тахсыа уонна сайдыа этэ.

ДЬИЭ КЭРГЭН

Наһаа үчүгэй иитиилээххин быһыылаах, төрөппүттэриҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

Аҕам сварщик этэ, билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Ийэм юрист идэлээх, үйэтин тухары Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар үлэлээбитэ. Улуус, куорат сайдарыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Билигин Дьокуускагйа баар, национальнай архыыпка үлэлиир, биэнсийэлээх.

Кэргэннээхпин, медицина эйгэтигэр үлэлиир. Биир оҕолоохпут. Уолум тоҕус саастаах, иккис кылаас үөрэнээччитэ.

ПАНДЕМИЯ ТУҺУНАН

Аймалҕаннаах ыарыыбыт хаһан бүтүө дии саныыгын?

Пандемия хаһан бүтэрин билбэтим. Өссө икки сыл ньоҕойдоһо түһэрэ буолуо дии саныыбын. Чэ, биир сыл диэххэ. Онтон содула хас да сылга барара буолуо. Мин санаабар, бары ыалдьан ылыахпытын наада быһыылаах.

Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.

Бу олоххо баар сырдыгы, кэрэни. Олох хайа баҕарар хайысхатыгар үтүө өттүн көрөр буолуҥ. Үтүө санааны уонна доруобуйаны баҕарабын.

Сахалыы тылынан кэпсиир, саҥарар Максим Тихонов устууларын ютубка GelixMax (ГеликсМакс) диэн суруйдаххытына, тута булаҕыт. Киирэн көрүҥ, сэргээҥ, сыаналааҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....