01.12.2020 | 06:47

СПИД ыарыыга сутуллубат туһугар тугу гыныахтаахпытый?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 1 күнэ  -  бүтүн аан дойдутааҕы СПИД-ы утары охсуһуу күнэ. Арассыыйаҕа 146 мөл. тахса киһи олорор, кинилэртэн ВИЧ-инфекциялаах киһи ахсаана 900 000 тиийэр. Биһиги дойдубутугар хас чаас ахсын 9 киһи бу ыарыыга сутуллар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи СПИД-ы утары охсуһар, сэрэтэр киин эпидимиолог-бырааһын Айна Домотованы кытта  кэпсэттибит.

ВИЧ-ИНФЕКЦИЯ ДИЭН ТУГУЙ?

– ВИЧ-инфекция бытааннык, уһун кэмҥэ сайдар инфекционнай ыарыы. Киһи иммуннай систиэмэтэ мөлтөөн, тас ыарыыларга, инфекцияларга утарылаһара кыччыыр.  Инфекция аан маҥнай 70-ус сыллар бүтүүлэригэр АХШ-гар уонна Швецияҕа булуллубута. Бу кэмҥэ инфекция симптомнара баар ыарыылартан чыҥха атына бэлиэтэммитэ, гомосексуалистар эрэ истэригэр тарҕанар буолара.

Элбэх чинчийии кэнниттэн 1982 с. саҥа ыарыы буолара бигэргэтиллибитэ уонна “ВИРУС ИММУНОДЕФИЦИТА ЧЕЛОВЕКА” диэн ааттаммыта.

САХА СИРИГЭР БАСТААН

– Сахабыт сиригэр ВИЧ-инфекция бастакы түбэлтэтэ 1996 с. бигэргэммитэ. Ол курдук “Туймаада” стадион тутуллуутугар Турцияттан үлэһиттэр кэлбиттэрэ. Кэлбит омуктары бэрэбиэркэлээн көрөн бараннар, биир киһиэхэ «ВИЧ-положительнай» баарын булбуттара. Дьолго, бу киһи кими даҕаны сыһыарбатаҕа.

ВИЧ УОННА СПИД УРАТЫТА

– СПИД –  ВИЧ-инфекция тарҕаныытын саамай үрдүк кэрдииһэ. Хас да сыл устатыгар киһиэхэ иммунодефицит сайдарыгар тиэрдэр. Ол аата ханнык баҕарар инфекцияны, вируһу кытта киһи этэ-хаана хсуһар кыаҕа суох буолар. СПИД-таабыт киһи араас элбэх ыарыыга ылларар, тиһэҕэр өлөр.

ИНФЕКЦИЯ ХАЙДАХ БЭРИЛЛЭРИЙ?

– Ыарыы сүрүннээн бэрээдэгэ суох сылдьыһыыттан, харыстанар ньымалары (презарватив) туттубат буоллаххытына, наркоманнар биир иннэнэн туттууларын түмүгэр тарҕанар. Ону таһынан сүһүрбүт ийэттэн кыһыл оҕоҕо, гемотрансфузия нөҥүө бэриллиэн сөп. Кэтээн көрдөххө: гетеросексуальнай сыһыантан, гомосексуальнай сыһыантан, хаанынан 24-29 саастаах эдэр дьоҥҥо булуллара элбээтэ. 

ОРДУК КИМНЭЭХ ЫАЛДЬАЛЛАРЫЙ?

– Хомойуох иһин, билиҥҥэ диэри бу ыарыы сүрүннээн наркоманнар, гомосексуалистар уонна сэлээччэх  дьахталлар, эр дьоннор ортолоругар тарҕаммыт ыарыы диэн билэбит.

Мин бэлиэтии көрөрбүнэн, билигин бу ыарыы туһунан ситэ билбэт уонна улахаҥҥа уурбат дьон ыалдьалар. Тоҕо диэтэххэ, ыарыы тарҕаммыт араҥата олус кэҥээтэ, киһи социальнай статуһуттан, үөрэҕиттэн тутулуга суох ким баҕарар сутуллуон сөп буолла.

СПИД БЭРИЛЛИБЭТ:

  • Илии тутустахха, сиэттистэххэ;
  • Сылластахха куттал суоһаабат;
  • Биир иһиттэн-хомуостан аһаатаххытына сыстыбаккыт;
  • Сөтөллөөһүн, ытырдааһын куттала суох;
  • ВИЧ-таах киһи утуйар таҥаһа, мала-сала куттала суох;
  • Унитазка олороргутугар сыстыбат;
  • Биир ороҥҥо сытыыттан сүһүрбэккит;
  • Үөн-көйүүр нөҥүө бэриллибэт.

– Киһи олоҕо бэйэтин эрэ илиитигэр. Ыарыы сыстыбатын, бэриллибэтин туһугар киһи олоҕу сыаналыахтаах, доруобуйатын көрүнүөхтээх. Куһаҕан кэмэлдьигэ сыстыбакка, убаммакка сылдьарга иитиллиэхтээх. Биллэрин курдук, биһиги кэпсэтэр ыарыыбыт тарҕанар суола үгүс бырыһыана сылдьыһыы (половой путь), наркотик буоларын статистика көрдөрөр. Төһөнөн биһиги бу эйгэттэн тэйэбит да, соччонон ыарыы ыраатарын, сыстыбатын эрэллээхтик аччатабыт.

ЫАЛДЬЫБЫККЫН ТУТА БИЛБЭККИН

– Ыарыы саамай  куһаҕана диэн, киһи ыалдьыбытын тута билимиэн сөп.  Вирус киһиэхэ өр кэмҥэ биллибэккэ сылдьан иммунитетын кэбирэтэр. Ол түмүгэр организм тас ыарыыларга, инфекцияларга түргэнник бэринэр буолар. Бастакы сибикилэрэ борустуой ОРВИ уонна кириип курдук буолуон соп. Холобур, эккэр ымынахтар тахсаллар, кыраадыһыҥ үрдүүр, күөмэйиҥ былчархайдара улааталлар, ыалдьаллар, тириигэр кыһыл бээтинэлэр тахсаллар.

Вирус – чуумпу олоҕунан олорор. Ол сылдьан, киһи имуннай систиэмэтин биллэрбэккэ эрэ алдьатар. Тута эмтэммэтэххинэ СПИД-ка тиийиэххин сөп.

СУТУЛЛУБУТ ТУҺУГАР

– ВИЧ-эпидемията төһө даҕаны киэҥник тарҕаннар, сутуйуллууттан киһи бэйэтин харыстанынан сөп. Профилактика быраабылата судургу, ол эрээри эрэллээх:

  • Эр киһи дьахтары кытта хонньоһоругар (презарвативы) туттар;
  • Стерильнай медицинскэй инструменнарынан туһанаҕыт.

Бу икки быраабыланы тутустахпытына СПИД/ВИЧ ыарыылар тарҕаныыларын биллэ аччатыаххыт турдаҕа.

ЭМП БААР ДУО?

– Хомойуох иhин, ВИЧ утары биир даҕаны вакцинаны була иликтэр, чинчийиилэр билигин да бараллар.

Билиҥҥи бириэмэҕэ медицина күүһүнэн, бу ыарыы организмҥа дьайыытын бытаардар анал эмтэр бааллар, ол эбэтэр антиретровируснай терапия дэнэр. Быраас анаабыт эмтэрин, ыалдьыбыт киһи үйэтин тухары иһэр эбээһинэстэнэр. Эми-тому биһиги судаарыстыбабыт  ыалдьыбыт киһиэхэ босхо биэрэр.

СПИД БААРЫН, СУОҔУН БИЛИИ

– Аан дойдутааҕы СПИД-ы утары охсуһар күн чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биир улахан сырдатар үлэни биһиги кииммит сылын аайы Дьокуускаай куорат киин балаһааккаларыгар тэрийэр.

«С Гепатит”, «В Гепатит”, ВИЧ-инфекцияҕа ким баҕалаах тарбахтарыттан хаан анаалыһын туттаран, 10-15 мүнүүтэнэн түмүктэрин билиэхтэрин сөп.

Маны таһынан, бэйэҕит ВИЧ-статускутун билиэххитин баҕарар буоллаххытына, сыһыарыллыбыт поликлиникаларгытыгар хаан анаалыһын туттарыаххытын сөп. Анаалыһы тутуу буор-босхо оҥоһуллар. Арай, ханнык эрэ биричиинэнэн ааккытын-суолгутун, бэйэҕит киһи быһыытынан статускутун кистиир түгэҥҥитигэр (анонимно) эмиэ туталлар.

Тустаах ыйытыы баар буоллаҕына биһиэхэ кэлиэххитин сөп. Аадырыспыт: Дьокуускай куорат Стадухин аатынан уулусса 81/1 нүөмэрдээх дьиэтэ.

КОРОНАВИРУСКА ВИЧ-ИНФЕКЦИЯ  ХАЙДАХ ДЬАЙАР?

– Коронавирус инфекцията биллэрин курдук доруобай да киһиэхэ кутталлаах ыарыы буолар. ВИЧ-инфекциялаах киһи иммунитета мөлтөх, онон бэйэтин харыстанан, уопсай ирдэбили күүскэ тутуһуохтаах.

ҮЙЭ-СААС ТУХАРЫ ЭМТЭНЭР

– Өрөспүүбүлүкэтээҕи СПИД-ы утары охсуһар, сэрэтэр киин үлэһиттэрэ киэҥ хабааннаах эмтиир үлэни ыытабыт, көннөрү сүбэ-ама да биэрэбит. Анаалыстара ВИЧ-инфекцияны көрдөрбүт дьон биһиги кииммитигэр кэлэн учуокка тураллар. Хомойуох иһин ыалдьыбыт киһи толору үтүөрбэт, ол гынан баран билиҥҥи медицина күүһүнэн, ыарыы организмҥа дьайыытын бытаардыахха сөп. Көтүппэккэ, бэрээдэктээхтик эмтэрин иһэн, бырааска куруук кэтэбилгэ сырыттаҕына олоҕун урукку укулаатын уларыппакка толору олоҕу олоруон сөп.

САХА СИРИН СТАТИСТИКАТА

2020 сыл алтынньы 1 күннээҕи туругунан саха сиригэр ВИЧ-инфекциялаах киһи уопсай ахсаана – 2 660 тиийбит.

Инфекция саамай тарҕаммыт суоллара:

  • Гетеросексуальнай – 61,1%
  • Тымырынан – 24,4%.

2020 сылга, 9 ый түмүгүнэн 129 киһиэхэ булбуттар. Ол иһигэр 104 киһи Арассыыйа гражданиннара уонна 2 кэлии омук дьоно. Хаалбыт 23 киһи өрөспүүбүлүкэҕэ хайыы-үйэ бигэргэтиллибит диагнозтаах кэлбиттэр.

ВИЧ  ыарыһахтар орто саастара 20-29 саас.

БУ СЭРЭТИИЛЭРИ ТУТУС!

  • Бииргэ утуйан турар дьахтаргын/эргин бэрчээккэ курдук уларыта сылдьыма.
  • Наркотикка ылларыма, наркоманнары кытта билсэ сатаама;
  • Биирдэ бэриллибит олоххо чөл олоҕу тутус.
  • Тиис бырааһыгар, косметолог исписэлииһигэр, тыҥырах маастарыгар, перманент техниканан хаас уонна уос оҥорор маастардартан  стерильнай инструменнары булгуччу ирдээ!
  • Проституткалары, сэлээччэх дьахталлары, күүлэйдьит уолаттары батыһыма.
  • Тиискин бэйэҥ бас билэр суоккаҕынан суун;
  • Түүҥҥү олоҕу эккирэтэргин тохтот!
  • Өй-санаа өттүнэн чөл туруктаах сылдьарга кыһалын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....