09.12.2022 | 15:00

«Сосновый бор» лааҕыр үлэтин саҕалаата

Ахсынньы 9-18 күннэригэр «Сосновый бор» лааҕыр саҥа дьыллааҕы симиэнэтэ үлэлиир. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Сосновый бор» лааҕыр үлэтин саҕалаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы симиэнэ анал эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 120 оҕоҕо оросчуоттаммыт. Симиэнэ Самуил Маршак «Двенадцать месяцев» остуоруйатыгар ананар.

«Ахсынньы 14 күнүгэр «Сир уустара» өрөспүүбүлүкэтээҕи Үөрэтэр-чэбдигирдэр кииҥҥэ эмиэ анал эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин оҕолоругар анаан саҥа дьыллааҕы симиэнэ саҕаланар. Сынньалаҥынан уонна чэбдигирдиинэн 26 оҕо хабыллыаҕа», – диэн иһитиннэрдэ СӨ Үөрэҕириитин миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова.

«Сир уустара» кииҥҥэ симиэнэ ахсынньы 14-24 күннэригэр үлэлиэҕэ.

Үөрэҕирии министиэристибэтин дааннайдарынан, билиҥҥи туругунан, анал эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар  2870 тахса көмө миэрэтэ оҥоһуллубут, ол иһигэр оҕо уһуйаанын иһин төлөбүртэн 842 босхоломмут, 984 байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро – 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ босхо итии аһылыгынан, оттон 958 – сынньалаҥынан уонна чэбдигирдиинэн хааччылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...