31.08.2023 | 12:00

Сонун толкуйдааххын? «Б8» акселераторга кытын!

«Б8» акселерационнай бырагыраама 10-с төгүлүн саҥа идиэйэлэри, стартаптары (бырайыактары) өйөөһүҥҥэ сайаапкалары хомуйар. Стартаптар хайысхалара: «Геймдизайн”, “Игровой движок”, “Оонньуу истиилэ”, “Нарративнай дизайн” уонна “Саунд-дизайн”.
Сонун толкуйдааххын? «Б8» акселераторга кытын!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кыттааччылар акселератор чэрчитинэн үс ыйдаах үөрэҕи ааһаллар, ментор (настаабынньык) өйөбүлүн ылаллар, ону тэҥэ бырайыак оҥоһуллар кэмигэр инфраструктурнай, юридическай уонна үп-харчы өттүнэн тирэхтэнэллэр.

Виолетта Никитина, 8-с «Б8» кыайыылааҕа, «Под присмотром» сыһыарыы ааптара:

— Биһиги бырайыакпыт акселератор кэмигэр «IOS” уонна “Android” балаһааккаларга сыһыарыы буолан, алтынньы ыйга таҥыллан тахсыбыта. Акселератор биһиги килийиэннэрбитин буларга көмөлөспүтэ. Бүгүҥҥү туругунан сыһыарыыга 9 700-тэн тахса киһи баар. Нэдиэлэ ахсын араас тургутуулары ыыппыт буоламмыт, бырайыакпыт билигин силигэ ситэн турар, онно акселератор быһаччы көмөлөөх. Акселератор түмүгүнэн сыһыарыыбыт тэхиньиичэскэй сорудаҕын оҥорбуппут. Онон Арассыыйа уонна тас дойду ырыынагар тахсар кыахтанныбыт.

Александр Федотов, «Рерад» ХЭТ салайааччыта, 7-с «Б8» кыайыылааҕа:

— Биһиги бырайыакпыт искусственнай нейроннай ситимнэри туһанан, сүрэҕи-тымыры рентгент хаартыскаларыгар ырытан көрүү.  «Б8» акселераторга кыттаммыт элбэх билиини ылбыппыт. Бырайыакпыт быдан сайынна, итиэннэ инвестициялары тардар уонна бородууксуйаны салгыы оҥорор кыахтанныбыт.

Василий Бочуров, «Аркон» ХЭТ көҕүлээччитэ, 7-с «Б8»  кыайыылааҕа:

«Б8» акселераторга ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар дьиэни бырайыактааһыҥҥа кыттан, билиибитин дириҥэттибит. Түмүккэ бүгүн биһиэхэ атын регионнартан кытта килийиэннэр кэллилэр.

Иккис курдук үрдүк квалификациялаах ментордары кытта үлэлээһини ааттыам этэ. Акселератор кэмигэр атын стартаптары кытта доҕордоспуппут, билигин туох баар ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт, сүбэ-ама бэрсэбит, сибээспитин быспаппыт.

«Б8» акселератор 10-с төгүлүн ыытыллар бырагырааматыгар  сайаапкалары балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри b8accelerator.com. саайка туталлар.

 

Санатан эттэххэ, «Б8» акселератор саҕаланыаҕыттан 100-тэн тахса араас хабааннаах стартап оҥоһуллубут. Уопсайа 54 бырайыакка 89 мөл. солк. тахса суумалаах үп көрүллүбүт. Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, хамаандалар сыл аайы күүһүрэн, бырайыактар хаачыстыбалара үрдээн иһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...