11.07.2024 | 11:46

Сонун суол тыргыллар, саҥа аартык арыллар

(Хатаска “Көмүс дорҕоон” оҕо образцовай-ырыа устуудьуйата сыллааҕы үлэтин түмүктээтэ)
Сонун суол тыргыллар, саҥа аартык арыллар
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Ыллам ырыа эйгэтэ ыыры кэҥэтэргэ, санааны сайҕыырга, сырдыгы сыдьаайдарга, этэр тылы сааһылыырга, үтүөнү-кэрэни үксэтэргэ, көхсүнү кэҥэтэргэ, уһуну-киэҥи толкуйдуурга, түмсэргэ, сомоҕолоһорго, орто дойдуга дьоллоох олоҕу тыл, дорҕоон нөҥүө ойуулуурга хамсаабат акылаат, өһүллүбэт өһүө буолар.

Онтон саха омуга, саха норуота уос номоҕор сылдьар ырыаһыт. Ырыаһыт омук буоларбыт биир чаҕыхай дакаастабыла, туллубат туоһута буолан анал Ырыа күннээхпит.

Бу күннэргэ сүүрбэттэн тахса дойдуттан 2500 кэриҥэ күөн көрсүһээччи кэлэн ким бастыҥын, ким кыахтааҕын быһаарыстылар. 8-с төгүлүн ыытыллар “Азия оҕолоро” күрэҕи көрө-истэ, кытта, күүһү-кыаҕы холоно, СӨ икки хомуур хамаандатыгар киирбит оҕолорбут уонна кинилэргэ эбии тренердэрэ, ийэлэрэ, аҕалара, аймах-билэ дьонноро, бииргэ үөрэнээччилэрэ, үөрэххэ туттарсааччылар уо.д.а. эбиллэннэр, куораппыт иһэ ыҥырыа уйатыныы дыыгынаан олорор, кэлии-барыы, хамсаныы-имсэнии бөҕө буолла. Бу курдук халҕаһалыы устар дьон-сэргэ көҕүн тутан, биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киллэрэр уустук боппуруоһу тэрийээччилэр сүбэлэһэн, тобулан, бу күннэргэ куораппыт болуоссаттарыгар дьону аралдьытар күн эгэлгэ тэрээһиннэр ыытылыннылар. Дьокуускай куорат олохтоохторо ким тугу сатыырынан, кыайарынан, туох эйгэлээҕинэн бу тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Ким көрдө-иһиттэ, ким оҥордо-тутта, ыллаата-туойда, үҥкүүлээтэ.

Хатас “Тускул” Култуура киинин иһинэн үлэлиир-хамсыыр “Көмүс дорҕоон” оҕо образцовай-ырыа устуудьуйата бу тэрээһин чэрчитинэн П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын болуоссатыгар кэнсиэр көрдөрдө. Кэнсиэр аптаах-алыптаах муусука дириҥ далайыгар оҕо аймах олоххо көҕүн, сып-сырдык сыдьаайын, сып-сылаас эйгэтин, ып-ыраас санаатын таба тайанан айыллыбыт ырыаларга уйдарда. Устуудьуйа иитиллээччилэрин бу кэнсиэрэ сыллааҕы түбүктээх үлэлэрин түмүктүүр үтүө күнэ буолбута. Салайааччы, төрүттээччи, уһуйааччы СӨ култууратын туйгуна, Дьокуускай куорат дьаһалтатын “Дьокуускай куоракка норуот уус-уран айымньытын, култуура сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката Татьяна Григорьевна Окорокова “Көмүс дорҕоон” туһунан кэпсээнэ маннык буолла:

– Ырыа, муусука эйгэтэ миэхэ бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан ыла баар. Оскуола боруогун атыллыахпыттан Хатастааҕы оҕо музыкальнай оскуолатыгар тэҥинэн үөрэммитим. Оччолорго икки атын-атын көрүҥҥэ үөрэниэххэ сөп этэ, инньэ гынан “Уһуйуу” кылааһын уонна хореография кылааһын тэҥҥэ үөрэнэн бүтэрбитим. Ол үөрэнэр сылларбар “Сандал” норуодунай үнүстүрүмүөннэр оркестрын доҕуһуолунан ыллыыр этим. Оскуоланы бүтэрэн баран арыый атын эйгэҕэ боруобаламмытым. Итиэннэ хас даҕаны сылынан култуура туонатыгар кэлбитим. Кэлэрбэр ис сүрэхпиттэн күүстээх баҕа санаалаах, бэйэм хайдах ылынарбынан былааннардаах этим уонна ол туһугар үлэлээн-хамсаан барбытым. Бастатан туран анал үөрэххэ киирбитим, дьолбор, аттыбар сатабыллаах, мындыр салайааччым, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Михайловна Чепалова уонна ытыктыыр киһим Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха баар буоланнар, үөрэтээччи, уһуйааччы быһыытынан хардыыларбар көмө-тирэх буолбуттара. Баҕалаах уонна сатаан былаанныыр буоллахха, бэйэтэ ис-иһиттэн сааһыланан, наарданан тахсан кэлэр эбит. Сүрүнэ, туппуккун ыһыктымыаххын наада. Дьэ ити курдук былааннаан-барыллаан үлэлээһин түмүгэр күн бүгүн устуудьуйаҕа араас саастаах, араас ахсааннаах ансаамбыллары, биирдиилээн оҕолору да кытта үлэлиибин. Биллэн туран, бу барыта биирдэ, соһуччу, эмискэ баар буолан хаалбата, манна “Тускул” КК кэлэктиибин оруола улахан, тоҕо диэтэргин биһиэхэ эйиэнэ, миэнэ диэн арахсыы суох. Ханнык баҕарар саҥа бырайыакка хас биирдии исписэлиис эппиэттиир түһүмэхтэрдээхтэр, инньэ гынан мин сүрүннээн ырыа өттүгэр сылдьабын. Бу маннык көстүү салайааччыларбыт – дириэктэр Чепалов Валентин Азотович, уус-уран салайааччы Константинова Вилена Михайловна сатабыллара, таба тайаммыт ньымалара буолар дии саныыбын. Уонна устуудьуйа оҕолорун төрөппүттэрин кэмитиэтигэр муҥура суох махталлаахпын. Эйигин өйдүүр-өйүүр дьон баар буоллаҕына, астына-дуоһуйа үлэлииргэ, айарга-тутарга суоллар аһыллаллар диэни дьиҥнээхтии эппинэн-хааммынан, өйбүнэн-санаабынан билэ сылдьабын.

Устуудьуйа оҕолорун дьарыктара туһуламмыт сыаллаах-соруктаах, анал бырагыраамалаах, ситиһиллиэхтээх үрдэллэрдээх, ыраахха тиийэр былааннардаах. Татьяна Григорьевна былааны оҥорорго ыллыыр оҕолорун кыахтарын, баҕаларын, саастарынан уратыларын учуоттуур буолан, оҕолор улахан ыараханы көрсүбэттэр, үөрэ-көтө кэлэн дьарыктаналлар. Устуудьуйаҕа дьарык биир уратыта, умсугутара – элбэхтэ сценаҕа тахсыы уонна айан. Ити курдук “Көмүс дорҕооттор” куорат, бырабыыталыстыба таһымнаах тэрээһиннэргэ, Дьокуускай куорат киин болуоссаттарыгар, стадионнарга уо.д.а. ыллыыллар. Олортон биир саамай умнуллубат түгэнинэн Н. Андросов “Азия оҕолоробут” диэн ырыатын СӨ үтүөлээх артыыһа Сахаайаны, СӨ култууратын туйгуна Кирилл Матвеевы кытта “Азия оҕолорун” уота кэлиитигэр өрөспүүбүлүкэбит, Арассыыйа салайааччыларын иннигэр толорбуттара буолар.

Устуудьуйа кэлиилээх-барыылаах, күүрээннээх айар-тутар олоҕун уйунан сылдьар оҕо хомуна-иминэ үөрэнэр, элбэх дьону кытта алтыһар, атын дьон санаатын истэр, бэйэтин санаатын тиэрдэр, сахалыы, нууччалыы ыраастык саҥарар (ырыа тыла чуолкайдык иһиллиэхтээх). Улахан бөлөхтөр кыра группа оҕолорун таҥастарын-саптарын, киириилэрин-тахсыыларын, тас көрүҥнэрин (баттахтарын, араас киэргэллэрин уо.д.а.) көрө-истэ сылдьаллар, эппиэтинэскэ, ирдэбилгэ үөрэнэллэр. Репертуары талыы ханнык баҕарар салайааччы ситиһиилээх, кыайыылаах-хотуулаах буолуутугар олук уурар, онон сүрдээх улахан суолталаах. Манна Татьяна Григорьевна болҕомтолоохтук, бары өттүттэн ыараҥнатан көрөн, анааран дьарыктанар. Репертуар боппуруоһугар “муннукка анньыллан”, ырыа айар ыллыкка үктэммитэ. Онон хас да ырыатын оҕолоро киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара. Үлэлэһэр ааптардара – Николай Андросов, Луҥха, Сайнаара Данилова, Надежда Макарова, Милена Борисова, Айгылаан. Николай Андросов айбытын-туппутун үөрүүнү кытта үллэстэр буолан, айыллан тахсыбыт күнүттэн “хит” буолара биллэр ырыаларыгар кытыарбыта махталлаах суол. Татьяна Николай салайар “Хатас ырыа айааччыларын” түмсүүтүгэр биир көхтөөх чилиэн буолар. “Көмүс дорҕоон” оҕо образцовай-вокальнай устуудьуйата диэн анал ааты ылыыта Хатас култууратыгар саҥа аартыгы арыйда, урукку өттүгэр ырыа хайысхатыгар маннык ситиһии суоҕа. Ситиһиигэ тиийии, кыайыы кынатыгар олорсуу үөрүүнү-көтүүнү, киэн туттууну таһынан ирдэбили үрдэтэр, эппиэтинэһи улаатыннарар, ол таһымы ыһыктыбат туһугар көхтөөх буолууну, салгыы сайдар суолу тобулууну ирдиир.

Дьэ ону уйар, тулуйар Татьяна Григорьевнаҕа ситиһиилэриҥ ситимнээх буоларыгар баҕарабыт уонна эрэнэрбитин этэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...