Сонун да араастаах...
Бэлиитикэҕэ сыһыаннаах бырагырааманы күөх экраҥҥа көрөн эбэтэр интэриниэккэ ааҕан баран, эмискэ настарыанньаҥ түспүтүн дуу, туохтан барытыттан куттана сылдьар буолбуккун дуу бэлиэтии көрбүт буолуохтааххын. Психологтар этэллэринэн, маннык турук төрүөтүнэн эйиэхэ наадата уонна туһата суох, тугу барытын хараардан эрэ көрдөрөр (негативнай) сонуннары көрүү-истии эбит.
Кырдьыга даҕаны, түргэн тэтимнээх, дьалхааннаах олохпутугар киһи сүргэтин көтөхпөт, төттөрүтүн, сүргүн баттыыр сонуннартан харыстанар олус ыарахан. Тэлэбиисэр ханнык баҕарар ханаала уонна интэриниэт сонуннары биэрэр портала араас быһылааннар, саахаллар, бойобуой киирсиилэр, өлөрсүүлэр уо.д.а. тустарынан иһитиннэриилэри ким хайа иннинэ биэрэ охсору бэйэлэрин иэстэрин курдук сананар буолбуттара ыраатта. Саамай хомолтолооҕо уонна кутталлааҕа диэн, күннээҕи биэриилэри үчүгэйтэн буолбакка, киһини куттуур, соһутар куһаҕан сонуннартан саҕалыыллар. Баҕар, эн күн солото суох сылдьан тэлэбиисэргин да холбооботох, төлөпүөҥҥүн да хаһыспатах буол, нус-хас сананан утуйаары сыттаххына, билэр дьонуҥ эбэтэр аймахтарыҥ ол көтүппүт сонуҥҥун бэйэлэрин тылларынан (күүркэтэн, омуннаан даҕаны) тиэрдэ охсубуттара эрэ баар буолар.
Тугу барытын хараардан, сүрүргэтэн көрдөрөр иһитиннэриини кытта күн аайы алтыһыы көтөҕүллэн сылдьыбыккын эрэ суох оҥорбот, санаа тууйуллуутугар (депрессияҕа) дириҥник киллэрэн, олоххун барытын да үлтү сүргүөн сөп. Ол иһин, сымыйа-кырдьык икки ардынан хараардыылаах сонуннартан уонна эн олоххор кири-хоҕу таһар дьонтон көмүскэнэргэ үөрэниллиэхтээх.
Бэйэҥ баҕараргын эрэ көр
Урут дойдубутугар биир-икки эрэ ханаалы көрдөрөр буолан, тугу биэрэллэрин «ыйыстар» кэмнэрбит быдан дьылларга ааспыттара. Билигин интэриниэт уонна сыыппаралаах тэлэбидиэнньэ көмөлөрүнэн тугу биэрэллэрин барытын сомсон ылар кыахтаахпыт. Ол эрэн, тугу талабыный диэн боппуруос туруохтаах. Боевиктар, бэлиитикэҕэ мөккүөрдэр, ток-шоулар уо.д.а. – биһиги олохпутун сүһүрдэр биэриилэр сорохторо эрэ.
Эн киринэн-хоҕунан ыһыахтаналларыттан астынар киһи буолуоххун баҕарбаккын, оччотугар тэлэбиисэр итинник бөҕүттэн-сыыһыттан аккаастан. Бэйэҕин аралдьытыаххын баҕарар буоллаххына, киэҥ сирдэринэн айан-сырыы, кыыллар, айылҕа уо.д.а. киһи хараҕын сымнатар биэриилэри көр. Ол эбэтэр эбии ноҕуруусканы сүктэрбэт биэриилэри төһө баҕарар дуоһуйа көрүөххэ сөп. Бастаан “интэриэһинэй” ток-шоуттан арахсар, баҕар, ыарахан буолуо. Ол эрэн, бэйэҕин күүскүнэн кыайдаххына, үчүгэй настарыанньалаах утуйан эрэргин билиэҥ уонна астыныаҥ.
Интэриниэти үөрэнэргэр эрэ туһан
Интэриниэт, киһи барахсан толкуйдаабыт саҥаны айыыларын курдук, үтүө да, мөкү да өрүттэрдээх. Ол иһин, ону өйдөөхтүк туһанар ордук. Интэриниэт эн олоххун бас билэригэр тириэрдимэ, социальнай ситимнэргэ уонна виртуальнай оонньууларга олорума. Кинилэр эн бириэмэҕин уоралларын үрдүнэн, өссө араас куһаҕан дьайыыны оҥорор кыахтаахтар. Бу этиибэр утарсыаҥ иннинэ көмпүүтэр оонньуутугар эн виртуальнай кириэппэскэр өстөөхтөр саба түстэхтэринэ хайдах буоларгын санаан ыл. Арааһа, эн итинник ыксаллаах кэмҥэ тугу барытын хайыта тардарга дуу, тоҕу солуурга дуу бэлэм этиҥ!
Ордук интэриниэккэ сонуннары көрө сатыыр наадата суох, тоҕо диэтэххэ, ити сонуннартан аҥаардара омуннаахтар, онтон иккис аҥаара эн настарыанньаҕын алдьатар соруктаахтар.
Ол гынан баран, интэриниэккэ саамай алдьатааччынан араас форумнар уонна социальнай ситимнэр буолаллар. Дьэ, манна араас хабыр хаарыйсыы, кэриэтэһии, бэйэ-бэйэни сиэһии, быдьар тылларынан бырахсыы харыһа суох элбэх.
Уопсайынан, интэриниэти куһаҕан иһитиннэриини биэрэр абыраллаах тэрил курдук буолбакка, бэйэҥ үөрэнэргэр уонна сайдаргар туһан.
Кураанаҕы лабысхалааччылары уонна кыҥкыйдааччылары кытары кэпсэтимэ
Эйигин тулалыыр дьоҥҥун кытары кэпсэтии, сэлэһии, сэһэргэһии – киһи олоҕор биир саамай дьоһуннаах кэмэ. Кэпсэтэр дьонҥун бэйэҥ сөбүлүүгүн, кинилэргэ тардыһаҕын – оччоҕуна нус-хас турук уонна настарыанньа мэктиэлэнэр.
Ардыгар билэр дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥын, кинилэр эйигин кытары хайдах кэпсэтэллэрин, кинилэри кытары көрсүһүүгэ тугу ырытаргытын, олох араас балаһыанньаларыгар кинилэр хайдах дьаһаналларын сыта-тура толкуйдаан, анаалыстаан көр эрэ. Дьэ, ол кэнниттэн бэйэлэрин эрэ кыһалҕаларын кэпсииллэрин сөбүлээччилэри, кураанаҕы куолулааччылары уонна олохторугар табыллыбатахтары кэпсэтэр дьонуҥ эйгэтиттэн таһаартаан кэбиһиэххин сөп. Бу, биллэн турар, хабыр дьаһаныы. Ол гынан баран, ити үөһээ ааттаммыкка киирсэр дьон эйиэхэ куруук араас куһаҕаны утары ууна сылдьаллар. Кинилэртэн тэйбэтэххинэ, мэлдьи да тууйуллубут туруктаах сылдьыаҥ.
Буортулаах иһитиннэриини ылыныма
Хараардыылаах иһитиннэриилэртэн букатыннаахтык куотар кыаллыбата өйдөнөр. Ол иһин, ону барытын өйгөр-санааҕар туппакка, кулгааҕы таһынан истэ үөрэниэххэ наада.
Оннук гынар олус судургу. Холобур, эйигин тойонуҥ-хотунуҥ мөҕөр-этэр кэмигэр искэр хоһоон ааҕыаххын эбэтэр таптыыр ырыаҕын ыллыаххын сөп диэн сүбэлииллэр. Оччоҕо эн мэйииҥ ырыаны хабартан солото суох кэмигэр куһаҕан тылы-өһү, сонуну барытын бэйэтигэр иҥэриниэ суоҕа. Психологтар бигэргэтэллэринэн, маннык албаһырыы уустук балаһыанньаҕа, холобур, истиэххин-көрүөххүн баҕарбат кэмҥэр үксүгэр көмөлөһөр.
Бу сүбэлэри тутустаххына, бэйэҥ мэйиигин кыратык да харыстыаххын сөп.
Организмҥа дьайыы
Стресс ардыгар наадалаах эбит. Ол эбэтэр ыксаллаах балаһыанньаҕа сөп түбэһэ охсууга тириэрдэр. Ол гынан баран, ааһан-араҕан биэрбэт өр кэмнээх стресскэ биһиги организммыт куруук ыгым турукка сылдьар. Ити, биллэн турар, ньиэрбэ уонна сүрэх-тымыр систиэмэлэригэр дьайыан, хаан баттааһынын, сүрэх ишемическэй ыарыытыгар уонна ыарыыны утары охсуһар күүс намырааһыныгар тириэрдиэн сөп.
Стреһи хайдах кыайыахха?
Куһаҕан сонуннары кытта сибээстээх стресстэн тахсар туһугар, бастатан туран, социальнай ситимнэр постарын ааҕартан аккаастанарга, сонуннары көрөр бириэмэни хааччахтыырга этэллэр. Ол кэриэтэ араас дьарыктар тустарынан умсулҕаннаахтык кэпсиир блогердар ханаалларын булуохха, куһаҕан сонуннаах пабликтары кыыллар тустарынан күлүүлээх видеолар тахсар аккауннарыгар уларытыахха сөп. Ити эн сүргэҕин көтөҕөр уонна организм элбэх эндорфины (дьол гормонун) оҥорон таһаарарыгар көмөлөһөр кыахтаах.
Ону таһынан бэйэҕэр астыныыны, дуоһуйууну аҕалар дьыалалар испииһэктэрин оҥостор олус туһалаах. Холобур, кинигэ ааҕыыта, үчүгэй киинэни көрүү уо.д.а.
Ардыгар сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр эрэ буолбакка, эрдэттэн санааларын түһэрэр уонна «араҕас» прессаттан бүтүн туоннанан маассабай иһитиннэриини ыймахтыыр дьон эн настарыанньаҕын түһэриэхтэрин сөп. Ол иһин психологтар, сэһэргэһэргэ кыра хааччахтары оҥорорго этэллэр (чуолаан наар үҥсэргээн, ытанан-соҥонон тахсааччылартан).
Киһи үксүгэр үҥсэргииллэрин таптааччылары истэ олорон, табыгаһа суохтук сананар. Тоҕо диэтэххэ, кэпсээччи кыһалҕатыгар наадыйбат эбэтэр тоҥкуруун курдук көстүөн баҕарбат. Итинник дьонтон куотарга тустаах хааччаҕы оҥостуохха сөп. Онуоха биир үчүгэй ньыма – суланааччы кыһалҕатын хайдах быһаарар санаалааҕын бэйэтиттэн быһаччы ыйытыы. Кини эбэтэр саҥата суох хаалыаҕа, эбэтэр кэпсэтиини атын тиэмэҕэ уларыта охсуоҕа. Оттон эн бэйэҥ тугу санаабыккын хонтуруоллан, мичээрдээ уонна кэпсэтэр киһигин кытары сөбүлэс. Кинини кытары кэпсэтиини эбэтэр кэпсэтэр тиэмэҕин сөбүлээбэтэххинэ, аһаҕастык этэртэн куттаныма. Эн тус кыраныыссаҕын харыстыыр бырааптааххын.