30.03.2022 | 13:00

Сокуоннай саастарын ситэ иликтэр ортолоругар буруйу оҥоруу аҕыйаата

Сокуоннай саастарын ситэ иликтэр ортолоругар буруйу оҥоруу аҕыйаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка сокуоннай саастарын ситэ иликтэр ортолоругар буруйу оҥоруу ахсаана наматаабыта көстөр. Итини сэргэ оҕо лааҕырдарыгар путевка сыаната үрдээбит, ол эрэн кинилэргэ субсидия көрүллэр уонна  «кешбэк» бырагыраама салҕанар. Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Кулун тутар 23 күнүгэр ити уонна атын боппуруостары  Дьокуускай куораттааҕы Дуума социальнай бэлиитикэтигэр сис хамыыһыйатыгар дьүүллэстилэр. Хамыыһыйа үөрэҕирии тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөммүөннэригэр сыһыаннаах үс боппуруоһу көрдө, ону кытта Олохтоох дьаһалта сокуоннай саастарын ситэ иликтэр дьыалаларыгар Хамыыһыйатын уонна эппиэкэҕэ салаатын 2021 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн уонна 2022 сыллааҕы былааннарын иһиттэ. 
Үөрэҕирии Управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мирослав Афанасьев иһитиннэрбитинэн, быйыл үөрэҕирии 11 эбийиэгин хапытаалынай өрөмүөнүгэр федеральнай бүддьүөттэн субсидия көрүллүбүт. Испииһэккэ 10-с, 20-с, 21-с, 23-с, 27-с, 31-с, 33-с, 36-с №-дээх орто оскуолалар, Марха 1-гы №-дээх оскуолата, ЯГНГ, Саха-политехническай лицей киирэ сылдьаллар.  Хапытаалынай өрөмүөн уопсай суумата 809,1 мөлүйүөн солкуобай, урукку өттүгэр маннык улахан суума бэриллэ илигэ бэлиэтэннэ. 
Үөрэҕирии тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөннэрин ороскуота сарбыллыбат. Итини таһынан, оскуолалар саҥа тэрилинэн хааччыллыахтара. Өрөмүөн үлэтин үөрэх дьыла саҕаланарыгар түмүктүүр курдук ыам  ыйыттан саҕалыыллар. 
Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Айаан Васильев ыйытыгар куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Корнилов хоруйдаан, тутуу матырыйаалларыгар сыана үрдээһиниттэн хос суоттааһын, сыана экспертизатын кэнниттэн хантыраактар уларыйыахтаахтарын эттэ. 
2023 сылга 14 үөрэх тэрилтэтэ хапытаалынай өрөмүөнү ааһара былааннанар. Итини таһынан, оҕо лааҕырдарыгар аһылык сыанатын үрдээһинэ быһаарыллар. Ас-үөл сыанатын, хамнас уонна хамнас алын кээмэйин улаатыылара путевка сыанатыгар быһаччы сабыдыаллыыллар. Ол эрэн, төрөппүттэр хармааннарыгар охсуу суох буолуоҕа, тоҕо диэтэр путевкаларга субсидия көрүллэр уонна  «кешбэк» бырагыраама салҕанар. 
Олохтоох дьаһалта сокуоннай саастарын ситэ иликтэр дьыалаларыгар Хамыыһыйатын үлэтин хааччыйар Салаа начаалынньыга Наталья Андросова 2021 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн билиһиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, куорат үрдүнэн сокуоннай саастарын ситэ иликтэр ортолоругар буруйу оҥоруу ахсаана наматаабыт, ол иһигэр ыарахан буруйу оҥорууга. Учуокка турар сокуону кэһээччи ахсаана аҕыйаабыт. 
Кыһалҕалаах түгэннэртэн Наталья Васильевна социальнай өттүнэн кутталлаах балаһыаннаҕа сылдьар ыал ахсаана элбээбитин ыйда. РФ УК 132 ыстатыйатынан тахсар буруй элбэҕэ этилиннэ. Холуобунай дьыаланы үксүн кииринньэҥ аҕалар оҥороллоро бэлиэтэннэ. 
Наталья Андросова эппитинэн, ити кыһалҕаны быһаарарга биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы былаан оҥоһуллубут уонна «педофилия» иһин накаастабылы күүһүрдэргэ этии киирбит. Итини таһынан, быйыл социальнай өттүнэн кутталлаах балаһыаннаҕа сылдьар ыаллары кытта реабилитациялыыр үлэ ыытыллыахтаах. 
Олохтоох дьаһалта эппиэкэҕэ уонна попечительствоҕа Салаатын начаалынньыга Оксана Максимова 2021 сыллааҕы үлэлэрин билиһиннэрдэ. Куорат уокуругун территориятыгар 91660 оҕо олорор. Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт 18 сааһыгар диэри оҕо – 1003, итинтэн: эппиэкэҕэ, попечительствоҕа уонна ыалга иитиллэ сылдьар оҕо ахсаана – 974, статустаах уонна төлөбүрдээх – 855, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт анал тэрилтэлэргэ олорор оҕо ахсаана – 119. 106 оҕо 28 дьиэ кэргэҥҥэ иитийэххэ сылдьар. 
Кыһалҕалаах боппуруостарынан Оксана Алексеевна үлэһит штата тиийбэтин, тырааныспардара суоҕун бэлиэтээтэ. Куорат нэһилиэнньэтэ сылын ахсын улаатан иһэринэн сибээстээн үлэһит штатын элбэтиини сокуоннай саастарын ситэ иликтэр дьыалаларыгар Хамыыһыйа эмиэ туруорсар. Ити боппуруостары быһаарарга үрдүкү уорганнарга этии киллэрэр быһаарыы ылылынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....