07.12.2023 | 10:00

Сокуон-тойон

Сылбыт бүтэһик ыйыгар үктэннибит. Ый аайы саҥа сокуоннарбытын кэпсиибит, ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит. Ахсынньы ыйга туох күүтэрий, туох уларыйыы таҕыста, ол туһунан мантан аллараа ааҕыҥ. Саҥа дьылга уон күн сынньанабыт!
Сокуон-тойон
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Биир балыксыт 250 устуука собону бултуохтаах

Саха сирин экологияҕа министиэристибэтэ собону бултуур быраабыланы быһаарбытынан, балыксыт бултуохтаах сууккатааҕы нуормата 250 устуука собоҕо тэҥнэһэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна тыатын хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн бигэргэтиллибит Илин-Сибиирдээҕи балык хаһаайыстыбатын бассейныгар балыктааһын быраабылатыгар олоҕуран быһаарбытынан, гражданнарга өрүстэри кытта гидрологическай сибээһэ суох күөллэргэ балыктааһын  көҥүллэнэр.

Бу ыйыллыбыт учаастактарга ханнык да көҥүллүүр докумуон ирдэниллибэт, онуоха илимнэрэ Росрыболовство Илин- Сибиирдээҕи территориальнай управлениетыгар регистрацияламмыт буолуохтаах.

 

Маннык балыктыыр тэриллэр көҥүллэнэллэр:

• муус аннынан муҥхалааһын, 100 м уһаабат, ийэтин хараҕын кээмэйэ 30-32 мм, кыната – 40 м уһаабат.

 • гражданин сылы быһа илимнииригэр икки илим көҥүллэнэр, хас биирдиитэ 30 м, хараҕын кээмэйэ 40 мм, собо ыыр кэмигэр ыам ыйын 15 – бэс ыйын 15 күннэригэр балыктыыр көҥүллэммэт.

Күөлгэ илим икки сууккаттан тахса сыттаҕына, собо бултааһына биир киһиэхэ үс суукка нуорманан быһыллан, 750 устуука көҥүллэнэр.

Собону 100 м уонна онтон уһуннаах муҥханан бултуурга, юридическай сирэйдэр уонна чааһынай урбаанньыттар СӨ экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары ахсынньы 31 күнүгэр диэри дуогабар түһэрсиэхтэрин уонна ыйыллыбыт дуогабарга олоҕуран Росрыболовство Илин-Сибиирдээҕи территориальнай управлениетыгар балыктыырга көҥүл оҥотторуохтарын сөп.

Тута икки биэнсийэ кэлиэҕэ

Биэнсийэлэрин тохсунньу ый саҥатыгар ылааччылар биир кэмҥэ тута икки биэнсийэни ылыахтара – ахсынньы уонна тохсунньу ыйдар иһин. Иккис биэнсийэ 2024 сылтан 7,5% эбиллэр (индексацияланар). Бастакы төлөбүрдэр ахсынньы 1 күнүттэн киирэн бардылар, оттон тохсунньутааҕы – ый 25 чыыһылатыттан кэлиэҕэ. 

 

Сайыҥҥы эрэһиинэ иһин ыстараап көрүллүбэт

Арассыыйа ИДьМ ахсынньы 1 күнүттэн сайыҥҥы эрэһиинэни кыһынын иилинэ сылдьар суоппардарга ыстараап олохтуур үһү диэн иһитиннэриини утарда. ИДьМ аналлаах бэрэстэбиитэлэ Ирина Волк массыыналарыгар кыһыннары сайыҥҥы эрэһиинэ кэтэ сылдьар суоппардарга ханнык да ыстараап көрүллүбэтин бигэргэттэ.

Сакалааппыт сыаната үрдүүр

Ахсынньы 1 күнүттэн 10,75 %-нан таһаҕаһы уонна пассажирдары таһыы тарыыбын үрдэтии, ону тэҥэ промышленнай туһанааччыларга гаас сыанатын 10 %- нын индексациялааһын күүтүллэр. «Холбоһуктаах кондитердар» кондитерскай холдинг сакалаакка уонна атын кондитерскай оҥоһуктарга 16% сыана үрдээһинин биллэрдэ.

Силиэстийэлиир изоляторга уларыйыылар

Ахсынньы 11 күнүттэн кэтэбилгэ сылдьааччыларга быраабылалар уларыйаллар, ол иһигэр силиэстийэлиир изоляторга баар оҕо сааһа түөрт сылга диэри улаатар. Ону сэргэ надзорга уонна хонтуруоллуур үлэҕэ саҥа техническэй средстволар киллэриллиэхтэрэ.

Аармыйаҕа ылыы түмүктэнэр

Ахсынньы 31 күнүгэр күһүҥҥү суһал сулууспаҕа ыҥырыы түмүктэнэр. Маны сэргэ мобилизацияламмыт дьон уонна СВО кыттыылаахтара бу күҥҥэ диэри кирэдьииккэ каникул ылар туһунан ыйыталаһыахтарын сөп.

Блокадниктарга 50 тыһыынча

Ленинград куораты фашистартан толору босхолооһун  50 сылынан “Ленинград оборонатын кыттыылааҕа” мэтээл уонна “Блокаднай Ленинград олохтооҕо” бэлиэлээх бэтэрээннэр биир кэмнээҕи төлөбүр ылыахтара. Ол туһунан Бырабыыталыстыба уурааҕа ахсынньы 1 күнүгэр күүһүгэр киирэр.
Төлөбүр Арассыыйаҕа олорор блокадниктарга, ону таһынан Абхазияҕа, Соҕуруу Осетияҕа, Приднестровьеҕа, Латвияҕа, Литваҕа уонна  Эстонияҕа олорооччуларга бэриллэр. Көмө кээмэйэ — 50 тыһыынча солкуобай. Бу харчыны 2023 сыл ахсынньытыгар уонна 2024 сыл тохсунньу ыйыгар 60 тыһыынча кэриҥэ киһи ылыаҕа.

Саҥа дьыллааҕы каникуллар

Саҥа дьыллааҕы каникуллар ахсынньы 30 күнүттэн тохсунньу 8 күнүн киллэрэн туран саҕаланаллар, онон Арассыыйа бары олохтоохторо 10 күн сынньаныахтара уонна бырааһынньыктыахтара.

Эксперимент түмүктэннэ

Бырабыыталыстыба уурааҕынан, ахсынньы 1 күнүгэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириэн баҕалаахтарга сыһыаннаах туспа быһаарыылары кытары сөбүлэспэтин биллэрии эксперименэ түмүктэниэҕэ.
Эксперимент бу дьыл от ыйын 17 күнүттэн ыытыллыбыта. Ити тухары хандьыдааттар, холобур, байыаннай сулууспа уонна эбээһинэс туһунан сокуонунан бигэргэммит быһаарыыларга туруоруллубут ирдэбиллэри сөп түбэспэт диэн  сөбүлэспэт төрүөттээх буолуохтарын сөбө. 
Маныаха сөбүлэспэт киһи быһаарыы тахсыбытын кэннэ 10 үлэ күн устата Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө үҥсүү биэриэн сөп этэ. Үҥсүүнү сэттэ үлэ күн устата көрүөхтээхтэр.

Аттестация саҥа быраабыланан ааһыаҕа

Култуурунай сыаннастарга экспертэри аттестациялааһын саҥа быраабыланан барыаҕа. Бырабыыталыстыба итинник уурааҕа ахсынньы 2 күнүгэр күүһүгэр киирэр.

Бу үлэнэн Култуура министиэристибэтэ дьарыктаныаҕа. Аттестация хас да түһүмэҕэ көрүлүннэ, ол иһигэр тургутук быһыытынан билиилэри бэрэбиэркэлээһин.

Аттестацияны ааһарга Култуура министиэристибэтигэр кумааҕыга суругунан сайабылыанньа эбэтэр Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар суруйан ыытыахха сөп.

Биэнсийэҕэ мунньууну омбудсмен көрүөҕэ

Судаарыстыбаннайа суох пенсионнай пуондалар икки ардыларыгар биэнсийэни мунньууну сокуоннайа суох көһөрүү туһунан мөккүөрү үп-харчы омбудсмена көрүөҕэ. Сокуон итинник нуормалара ахсынньы 11 күнүгэр күүһүгэр киирэллэр.

Манна биэнсийэ пуондатыгар харчытын төнүннэрэр түбэлтэлэр тустарынан этиллэр, тоҕо диэтэххэ, сайабылыанньаҕа кини илии баттаабатах. Саҥа быраабылалар ити боппуруостары суукка тиийбэккэ, дьүүллэһии бэрээдэгинэн көрөллөрүгэр уонна Арассыыйа биэнсийэлээҕин үбүн көмүскэллэрин үрдэтэллэригэр сокуону оҥорооччулар эрэллээхтэр.

Омук гражданнарыгар чэпчэтии

Үлэ министиэристибэтэ Арассыыйа гражданствотын судургутук ыларга идэлээх омук исписэлиистэригэр эбии идэ испииһэгин бигэргэттэ. Докумуон ахсынньы 15 күнүгэр күүһүгэр киирэр.

Саҥа испииһэккэ медиктэр, фармацевтар, уһуйааччылар, тыа хаһаайыстыбатын уонна ветеринария исписэлиистэрэ, астыыр- таҥастыыр уонна атомнай промышленнас исписэлиистэрэ, инженердэр, суудуналары өрөмүөннээччилэр, электрослесардар уонна монтажниктар киирбиттэр. Испииһэккэ саҥа идэлэр ортолоругар мультимедийнай сыһыарыы идэлээхтэрэ, фронтенд-разработчик, пилота суох көтөр аппарааттар оператордара эбилиннилэр. Сорох идэлэри испииһэктэн таһаардылар, ол иһигэр концертмейстердар уонна массыынанан ыаһын оператордара.

Санатан эттэххэ, бу ааттаммыт испииһэгинэн  Арассыыйа гражданинын судургутук ыларга кинилэр Арассыыйаҕа бу идэлэринэн сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит, оттон үлэ биэрээччи Социальнай пуондаҕа страховой усунуоһу ыыппыт буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...