Сокуон барыбытыгар биир
Сокуону билбэт буолуу сокуонтан босхолообот диэн кытаанах этии баар. Оттон Арассыыйа үрдүнэн муус устар 1 күнүттэн ханнык саҥа сокуоннар киирэллэрин бүгүҥҥү балаһабытыгар ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпит.
2024 сыл муус устар 1 күнүттэн РФ сиригэр-уотугар быраап саҥа аакталара үлэлээн барыахтара, ону тэҥэ үлэлии турар сокуоннарга уларыйыылар киириэхтэрэ. Онон бүгүн биисинэс дьонун, суоппардары, туристары туох уларыйыы күүтэрин кэпсиэхпит.
Биэнсийэ үрдүүр
Биэнсийэлээхтэри саас иккис ыйыттан, ол эбэтэр муус устар 1 күнүттэн, 7,5% социальнай биэнсийэни индексациялааһын күүтэр. Итинник босуобуйалары хос ааҕыы инфляцияны компенсациялыырга сылга биирдэ бэриллэр. Босуобуйа бу категориятын үрдэтии 2025 сылга оҥоһуллуоҕа.
Маны сэргэ олорор дьиэ-уот хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрүн саҥа строката тахсыаҕа, маны Арассыыйа олохтооҕо барыта төлүүр. Эбии графа "Ааспыт кэм устата туһаныллыбыты хат ааҕыы" ("Перерасчет потребления за прошлый период") диэн ааттаныа, манна ууга, электроэнергияҕа, ититиигэ турар счетчиктарга олорор дьиэ хаһаайыттарыгар анаан суума ааҕыллыа. Ол эрээри 2023 сылга хат ааҕыы оҥоһуллубут эбит буоллаҕына, өссө төгүл ааҕыллыбат.
Массыыналаах дьону туох күүтэрий?
2024 сыл муус устар 1 күнүттэн массыыналаах дьоҥҥо уонна суоппардарга туох уларыйыы тахсарын билиэххэ. Саас иккис ыйыттан ГИБДД-га суоппар быраабын туттарыыга эксээмэн быраабылата уларыйар. Ол курдук, "бырабаал" түбэлтэтигэр практическай эксээмэни сыл аҥаарынан эрэ туттарыахха сөп буолар. Ол оннугар эксээмэн кэмигэр бэриллиэхтээх ыстараап балла сэттэҕэ диэри эбилиннэ. Ону таһынан ГИБДД үлэһиттэрэ автооскуолалар материальнай- тэхиньиичэскэй хааччыллыыларын хонтуруолун күүһүрдүөхтэрэ – лицензияны ылыы билигин кинилэргэ уустук буолуоҕа.
Маныаха быйыл эбэтэр эһиилги сылга болдьохторо ааһар дастабырыанньалаахтар, уларытарга үс сыллаах болдьоҕу ылыахтара — кинилэр бырааптара 2027 эбэтэр 2028 сылга диэри дьайыахтара.
Маны таһынан муус устар 1 күнүттэн ЕАЭС тимир көлөнү киллэриигэ утильсбор ааҕыы "сиэрдээх" буолуоҕа. Ол курдук, массыына хантан киллэриллэр дойдуларыгар сыаната биллэрдик кыччыыр буоллаҕына, Арассыыйаҕа утилизациялыыр хомуурга улаханы төлүөххэ наада буолар, манна төлөммөтөх суума киирэр. Сокуон ааптардарын санаатынан, бу ЕАЭС-тан РФ сиригэр-уотугар массыынаны аҕалар дьон бырааптарын тэҥниир кыахтанар.
Биисинэс сокуонугар туох киирдэй?
Муус устар 1 күнүттэн табах уонна никотиннаах бородууксуйа эргиирин иһин судаарыстыбаннай хонтуруол кытаатар. Ол курдук, табах бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга эбэтэр эргитиигэ сокуону тутуспат буолуу иһин административнай эппиэтинэс олохтонуоҕа. Маны таһынан никотиннаах бородууксуйа атыыга киириитин бэрэбиэркэлээһин саҕаланыаҕа.
Олорор дьиэ кодексыгар уонна "Хамсаабат баай-дуол судаарыстыбаннай регистрациятын туһунан сокуоҥҥа" уларыйыылар киириэхтэрэ. Ону сэргэ дьиэни-уоту былааннааһыны ыытар туһунан өйдөбүллэр, бэрээдэктэр чуолкайданыахтара. Ити барыта, сокуон ааптардара саныылларынан, олорор дьиэни олорбот дьиэҕэ көһөрүү процеһа ордук судургу уонна түргэн буоларыгар оҥоһуллар.
Эбэһээтилинэй маркировкаҕа бэринэр булгуччулаах табаардар испииһэктэрэ кэҥээн иһэр. Докумуоҥҥа олоҕуран, маннык табаардарга, холобур, таҥаска, ол иһигэр тас, утуйар таҥас уонна ис таҥас, спортивнай көстүүмҥэ, ону тэҥэ кэккэ аксессуардарга, урбаанньыттар 2024 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри болдьоххо маркировка кодун ылыахтаахтар уонна 2024 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри кинилэри эргитиигэ киллэриэхтээхтэр. Санатан эттэххэ, табаары эбэһээтилинэй маркировкалааһын, ааптардар көрүүлэринэн, атыылаһааччылар бородууксуйа дьиҥнээх буоларын бэрэбиэркэлииллэригэр кыах биэриэ.
Маны таһынан муус устар 1 күнүттэн ырыынак кыттыылаахтарыгар хатыыс уонна лосось балыктар искэхтэрин маркировкалааһын систиэмэтигэр булгуччулаах регистрация бэрээдэгэ киириэҕэ.
Уларыйыылар өссө аччыгый урбаанынан дьарыктанар дьону таарыйыахтара: кэлэр ыйтан тас дойдуттан атыылаһыллар табаар лимиитин 5 төгүл намтатыаҕа уонна €200 буолуоҕа.
Өссө биир категория урбаанньыттара "дохуоттаах" сирдэрин сүтэриэхтэрин сөп: муус устар 1 күнүттэн регионнааҕы былаастар арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар үлэлэрин бобор быраабынан туһаныахтара, ордук дьон олорор дьиэлэрин бастакы мэндиэмэнигэр баар буоллахтарына.
Туристарга уларыйыы
Дойду үгүс регионнарыгар сотору туристическай сезон саҕаланар. Ону таһынан Маай бырааһынньыктарыгар үгэс курдук Арассыыйа олохтоохторо атын дойдуларга сынньана бараллар. Арассыыйа олохтоохторугар муус устар 1 күнүттэн туристическай эйгэҕэ туох уларыйыы киириэй?
Бу күнтэн ыла Арассыыйа олохтоохторо бары шенгенскэй визаны Москваҕа Болгария посольствотын уонна Санкт-Петербурга генконсульство нөҥүө ылыахтарын сөп. Өҥөнү оҥоруу болдьоҕо атын дойдуларга курдук буолара күүтүллэр.
Оттон Санкт-Петербург кэрэ-бэлиэ сирдэригэр күүлэйдии, сынньана кэлэр дьоҥҥо курортнай хомууру анаан киллэриэҕэ. Кини сууккаҕа 100 солкуобай, бу сааһын сиппит киһиэхэ, өскөтүн кини сууккаттан уһуннук сырыттаҕына. Хомууртан гражданнар 21 чэпчэтиилээх категориялара босхолонуоҕа, хомууру гостиницалар уонна да атын тэрилтэлэр хомуйуохтара, курорт хомуурун оператордарын реестрдэригэр киллэриллибит, ыалдьыттары түһэрии өҥөтүн оҥорор атын тэрилтэлэр эмиэ киириэхтэрэ.