01.09.2022 | 18:00

Социальнай волонтер оскуолата үлэлиэҕэ

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр «Якутск. 4.0.0 Старт» форум чэрчитинэн Дьокуускай куоракка Социальнай волонтер оскуолата үлэлиэҕэ.
Социальнай волонтер оскуолата үлэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оскуоланы Настаабынньыктааһын авторскай киинин дириэктэрэ, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор бырааптарын көмүскээһиҥҥэ,  аһымал көмөнү сайыннарыыга федеральнай эксперт, Москваттан ыалдьыт Александр Гезалов ыытыаҕа.

Куурус кыттааччылар киэҥ аудиторияларыгар — куорат көхтөөх олохтоохторугар, НКО, олохтоох уопсастыбалар лидердэригэр, социальнай тэрилтэлэр исписэлиистэригэр, ыччакка, волонтердарга уонна корпоративнай волонтердарга анаан «аһаҕас кэпсэтии» быһыытынан ыытыллар.

Кыттааччылар аныгы олох усулуобуйатыгар социальнай волонтердааһын ситиһиилээх технологияларын уонна уопуттарын кытта билсиэхтэрэ. Бырагыраама сүрүн хайысхатынан бигэ туруктаах баҕа өттүнэн үлэлиир корпуһу тэрийии, идэтийии таһымын үрдэтии уонна ситиһиилээхтик ресурсалары киллэрии (фандрайзинг) туһунан кэпсэтии буолуоҕа.

Форумҥа кыттыан баҕалаахтар сайтка https://yakutsk-400.ru/ сигэнэн киирэн регистрацияланаллар уонна бырагырааманы кытта билсэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...