02.05.2024 | 14:14

Социальнай хантараак бырагыраамата уһатылынна

Социальнай хантараак бырагыраамата уһатылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Социальнай хантараак бырагырааматынан Саха сирин олохтоохторо судаарыстыбаттан тус дьыала арынарга 500 тыһ. солк. диэри кээмэйдээх үбүлээһини ылар кыахтаахтар.

Ил Дархан Айсен Николаев муус устар 25 күнүгэр буолан ааспыт «Быһа эпииригэр» тус дьыала арыныан баҕалаах дьоҥҥо өйөбүлү оҥорор социальнай хантараак бырагыраамата быйыл салҕанарын санатта. Бэлиэтээн эттэххэ, судаарыстыба биэрэр 500 тыһ. солк. диэри кээмэйдээх субсидиятынан тиэхиньикэ, тус дьыаланан дьарыктанан саҕалыырга наадалаах матырыйаал атыылаһыахха сөп. Социальнай хантараагынан урбаанынан дьарыктаныан баҕалаах үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр эмиэ туһанар кыахтаахтар, өскөтүн тус дохуоттара муҥутаан тиийинэн олоруу сууматын 1,5 төгүл аһарбат түгэнигэр, ол эбэтэр киин улуустарга бу суума 34 301 солк. тэҥнэһэр, хоту улуусарга 40 952 солк.

Биэнсийэлээхтэр 12 ыйга болдьохтоох социальнай хантараак түһэрсэн, тус дьыала арыныахтарын, кэтэх хаһаайыстыба тэриниэхтэрин сөп, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

 

Андрей Сорокин, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Спорт | 03.01.2025 | 14:04
“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буолла. Дьон астына көрдө. Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын...