16.02.2024 | 10:00

Социальнай гаастааһын былаана куоһарылынна

Ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн Дьокуускай куоракка социальнай гаастааһын былаана куоһарылынна. Ол курдук, киин куоракка былырыын 753 дьиэ оннугар 1012 дьиэ күөх төлөҥҥө холбонно. Маны сэргэ 1259 дьиэ кыраныыссатыгар гаас ситимин тардарга бэлэмнээн, тутар-таҥар үлэ ыытылынна.
Социальнай гаастааһын былаана куоһарылынна
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Итиннэ эбии Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2010 сыл кулун тутар 19 күнүнээҕи 104 №-дээх «Кыаммат уонна биирдиилээн гражданнар категорияларын олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа биир кэмнээх аадырыстаах материальнай көмөнү оҥоруу балаһыанньатын бигэргэтии туһунан» уурааҕын чэрчитинэн 2023 сылга 399 ыалга материальнай көмө оҥоһулунна.

Үүммүт 2024 сылга куорат уокуругар күөх төлөнү 703 дьиэҕэ киллэрэр сорук турар. Бүгүҥҥү туругунан мантан 592 дьиэни кытта дуогабар түһэрсиллибит.

Оттон аадырыстаах материальнай көмө Арассыыйа Федерациятыгар гражданстволаах уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бастайааннай олорор кыаммат уонна биирдиилээн гражданнар категорияларыгар чааһынай дьиэни бас билээччи буолалларын туһунан бас билии быраабыгар уонна тус сайабылыанньаларыгар олоҕуран оҥоһуллар.

Бу бырагыраамаҕа кыттарга «Сахатранснефтегаз» АУо сайтыгар «Социальнай гаастааһын» салааҕа эбэтэр Арассыыйа Федерациятын гаастааһыҥҥа Биир кэлим операторын официальнай порталыгар, итиэннэ Судаарыстыбаннай өҥөлөр уонна  МФЦ (Мин докумуоннарым) нөҥүө сайаапка хаалларыахха сөп.

Олорор дьиэни гаастааһыҥҥа материальнай көмөҕө наадыйааччылар сайбылыанньаларын (докумуоннарын бакыатын кытта) олорор сирдэринэн олохтоох дьаһалтаҕа туттараллар.

Олунньу 8 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев куорат нэһилиэнньэтин уонна үлэ тэрилтэлэрин иннигэр сыллааҕы отчуотун иитинэн «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо үлэһиттэрин кытта көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын 2023 сыллааҕы түмүктэрин билиһиннэрэригэр дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан Арассыыйа үрдүнэн социальнай гаастааһыҥҥа улахан иэннээх үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, ааспыт сылга былааннаах 753 ыал оннугар 1012 дьиэ күөх төлөҥҥө холбоммутун, Көтөр фабрикатын дьоҕус оройуонугар олорор элбэх оҕолоох 102 дьиэ кэргэн сирин учаастагар гаас киирбитин, аадырыстаах материальнай көмөнөн 400-чэкэ дьиэ кэргэн хабыллыбытын иһитиннэрбитэ.

Бүгүн биһиги «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан социальнай гаастааһын бырагырааматынан дьиэлэрин күөх төлөҥҥө холбоппут ыаллары булан кэпсэттибит. Кинилэр бары дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа, өрөспүүбүлүкэ, куорат салалталарыгар, «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо үлэһиттэригэр махталларын тиэрдэллэр.

 

Александр Черосов, куорат олохтооҕо:

Биһиги куорат 203-с дьоҕус оройуонугар олоробут. Дьиэбит биэнсийэлээх аҕабыт аатыгар сылдьар. 2021 сыллаахха «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо сайтыгар гаас киллэртэрэр туһунан сайаапка хаалларбыппыт уонна уочаракка турбуппут. Бэдэрээтчити кытта дуогабар түһэрсэммит, 2023 сайыныгар гаас ситимин тардан саҕалаабыттара уонна икки-үс ыйынан үлэлэрин түмүктээбиттэрэ. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан гаас ситимин тиэргэҥҥэ диэри босхо тардаллар. Тиэргэн иһинээҕини бэйэҥ уйунаҕын. Онно барытыгар – хочуолга, тэриллэри уонна тиэргэн, дьиэ иһинээҕи холботууга уопсайа 150 тыһыынча солкуобай кэриҥэ барда. Итинник өйөбүл бырагыраамата баара олус үчүгэй, быдан экономиялаах буолла. Биһиэхэ, Тимофей Бутаков уулуссатыгар биир линияҕа олорор ыалга барыбытыгар, гаас киирдэ, ол иһигэр биһиги утары дьиэлээх убайбар. Наһаа түргэнник киллэрдилэр диэн үөрэбит уонна «Киин куорат» хаһыат нөҥүө туһааннаах тэрилтэҕэ, дойду, өрөспүүбүлүкэ уонна куорат былааһыгар махталбытын тиэрдэбит. 

Кольцовтар дьиэ кэргэттэрэ Автодорожнай уокурукка чааһынай дьиэҕэ олорор. Социальнай гаастааһын туһунан кинилэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Илдьититтэн билбиттэр. Өр толкуйдуу барбакка, гааһы холботорго сайабылыанньа биэрбиттэр. Аны, саамай үөрүүлээҕэ, дьиэ хаһаайката Светлана Васильевна биэнсийэлээх буоларын быһыытынан, социальнай гаастааһын бырагырааматыгар хапсар буолбут.

Светлана Кольцова, куорат олохтооҕо, биэнсийэлээх:

Өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык өйөбүл бырагыраамата олоххо киирэриттэн наһаа үөрэбин. Бу, кырдьык, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын үрдэтэргэ, дьон олоҕун уйгутун чахчы тупсарарга туһуламмыт бырагыраама. «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо кэлэктиибигэр хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор оҥоһуллубут үлэлэрин иһин махтанабын. Билэр дьоммор барыларыгар үөрэ-көтө кэпсиибин, гаас киллэриитигэр наадыйар дьоҥҥо бу бырагыраамаҕа кыттыҥ диэн сүбэлиибин.

Биллэн турар, барыта эриэ-дэхси буолбат. Сорох сирдэргэ гаас киирэр усулуобуйатыгар уустуктар көстөллөр, ону туоратарга бириэмэ, үп наада. Инньэ гынан, уһуннук күүтэн, туруулаһан, араас мэһэйдэри туораан гаас ситимигэр холбоммут дьон эмиэ баар.

Елена Евдокимова, Пригороднай сэлиэнньэтин олохтооҕо:

Дьиэбитигэр көһөн киирэн баран биэс сыл устата маһынан, чоҕунан оттунан олорбуппут. 14-15 тыһыынча солкуобайга атыылыһар биир массыына маспыт икки нэдиэлэҕэ эрэ тиийээччи. Уотунан ититиигэ эмиэ холбоно сылдьыбыппыт, ороскуота бэрт этэ, ыйга 40-ча тыһыынча солкуобайы төлүүрбүт. Онтон гаастааһыҥҥа уочаракка турбуппут уонна наһаа уһуннук, 8 сылы быһа (!) кэтэстибит. Ханна-ханна тиийэн туруорса сатаабатахпытый? Бырабыыталыстыбаҕа тиийэ туруорсубуппут! Егор Афанасьевич Борисовка, Айсен Сергеевич Николаевка, Олохтоох дьаһалтаҕа, Кирилл Евгеньевич Бычковка, дьокутааттарга, СӨ Киһи быраабын боломуочунайа Сардана Михайловна Гурьеваҕа уонна, биллэн турар, «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо сурук суруйбуппут. Хаһыакка да суруйбуппут, телевидениеҕэ да тахсыбыппыт. Ити курдук туруулаһан, 2023 сыллаахха «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Засимович Колодезников биһигини ыҥыран ылла уонна аантан: «Кыһалҕаҕытын быһаардыбыт, гаастаныаххыт», – диэтэ. Социальнай гаастааһыҥҥа биһиги кыаммат дьиэ кэргэн диэн категориянан хапсар буолбуппут. Инньэ гынан гаас стоягын босхо тардан биэрдилэр уонна дьиэ иһинээҕи гаас тэрилин – хочуолу, турбалары уо.д.а. атыылаһарга диэн 150 тыһыынча солкуобай суумалаах субсидияҕа тигистибит.  

Пригороднай сэлиэнньэтигэр 50 дьиэ гааһа суох олорбута, ыйыталастахха, 2026-2028 сылга биирдэ гаастаныаххыт диэн хоруйдууллара. 2022 сыл сэтинньи 30 күнүгэр үс киһилээх көҕүлүүр бөлөҕү тэриммиппит. Тоҕо диэтэххэ ити күн СӨ Промышленнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Викторович Терещенко Пригороднайга үбүлээһин көрүллүбэтэ диэбитэ. Көҕүлүүр бөлөҕүнэн мунньах буолла да, көтүппэккэ сылдьааччыбыт. Түмүккэ сайаапка биэрбит, элбэхтик сүүрбүт-көппүт ыалга былырыын сайын гааһы холбоотулар. «Сахатранснефтегаз» УГРС АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Засимович Колодезников дьиэбитигэр кэлэ сылдьыбыта, киниэхэ махталбыт улахан, кыһалҕаны оннуттан хамсатан гаастанныбыт.

 

«Сахатранснефтегаз» УГРС АУо пресс-сулууспатын начаалынньыга Николай Нифонтов информациятынан, 2023 сылга Саха сирэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы, оттон Арассыыйа үрдүнэн онус миэстэҕэ сылдьар. Быйылгы сылга Киллэм сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох ыалларын учаастактарын гаастааһын бырайыактааһына былааннанна. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар социальнай гаастааһын бырагыраамата салгыы олоххо киирэр. 

 

Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан социальнай гаастааһын бырагырааматынан Саха сиригэр 82 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа түөрт тыһыынчаттан тахса дьиэ күөх төлөҥҥө холбонор.

Социальнай гаастааһыҥҥа материальнай көмөҕө наадыйааччылар сайабылыанньаларын олорор сирдэринэн олохтоох дьаһалтаҕа туттараллар:

Автодорожнай уокурук – 40-23-82

Гагарин уокуруга – 35-94-00

Губинскай уокурук – 45-20-28

Октябрьскай уокурук – 32-06-04

Промышленнай уокурук – 44-97-28

Сайсары уокуруга – 40-23-66

Строительнай уокурук – 43-93-35, 43-90-96

Киин уокурук – 34-34-16

Кангалаас – 20-06-10, 200-483

Маҕан – 40-61-77

Марха – 20-49-62

Пригороднай – 35-77-24

Табаҕа – 40-82-98

Тулагы Киллэм – 20-72-31

Хатас – 40-92-37

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...