16.07.2022 | 12:15 | Просмотров: 1208

Социальнай эйгэҕэ уларыйыылар тахсыахтара

Дойду бэрэсидьиэнэ Биэнсийэ пуондатын уонна Социальнай харысхал пуондатын бииргэ холбуур сокуоҥҥа илии баттаата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Реформалааһын социальнай казначействоны тэрийии иитинэн барар. Биир кэлим цифровой платформаҕа судаарыстыба социальнай эйгэтэ барыта түмүллүөхтээх. Ол түмүгэр судаарыстыба социальнай төлөбүрдэри биир кииннэмиит систиэмэнэн салайар буолар, оттон араас төлөбүрдэри ылыыга дьоҥҥо ордук табыгастаах, судургу уонна түргэн бэрээдэк олохтонуохтаах.

Биэнсийэ уонна социальнай харысхал пуондата 2023 сылтан үлэлиэҕэ. Икки пуонданы бииргэ холбооһун икки сыл устата барыаҕа диэн суруйаллар.

Боростуой дьоҥҥо бу туох да охсуута суох буолуоҕа. Төлөбүрбүтүн, биэнсийэбитин син биир кэмигэр ылыахпыт, оттон ыйытыылардаах буоллахпытына биир кэлим килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаҕа тиийэр буолуохпут.

Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, икки пуондалар бас биилиилэрин, үлэһиттэрин кыччатыы түмүгэр экономияламмыт үбү биэнсийэни үрдэтиигэ туһулуохтара.

Стаховкалыыр усунуостарга биир кэлим тарыып олохтоноро күүтүллэр: сүрүн 30 % базовайтан уонна 15 % база үрдүнэн, чэпчэтиилээх тарыыптар 15 %, 7,6 % уонна 0 % буолуохтара.

Ол аата 2025 сылга оҕону көрөн олоруу босуобуйата саамай улааппыта 57 тыһ. солк. буолуон сөп (билигин 37,9 тыһ. солк).

Хат дьахтар босуобуйатын улахан кээмэйэ 140 күҥҥэ 660 тыһ. солк. тиийиэҕэ (билигин 435 тыһ. солк.).

Ыалдьан олоруу кэмин муҥутуур улахан төлөбүрэ 143 тыһ. солк. тиийиэҕэ (8 сылтан ордук ыстаастаахтарга, билигин 94,7 тыһ. солк.).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Анна Флегонтова: «Хаамыы биир эрэ куһаҕан өрүттээх...»
Сонуннар | 04.06.2026 | 17:46
Анна Флегонтова: «Хаамыы биир эрэ куһаҕан өрүттээх...»
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Анна Флегонтова тохсунньу 11 күнүттэн күн аайы хааман, 23 киилэни бырахпыт.
Түмэл киэн туттар экспоната – Максим Аммосов чаанньыга
Сонуннар | 01.06.2026 | 11:05
Түмэл киэн туттар экспоната – Максим Аммосов чаанньыга
«Киин куорат» таһаарыы «Түмэл киэн туттар экспоната» бырайыагар – М.К. Аммосов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын историятын түмэлэ.
Киирбит эрэ хараҕа хатанар
Сонуннар | 03.06.2026 | 11:00
Киирбит эрэ хараҕа хатанар
"Киин куорат" таһаарыы "Түмэл киэн туттар экспоната" бырайыагар Ленскэй улууһун Чамча нэһилиэгэр баар түмэлэ кыттар.
“Танцылыыр” баҕалара баһаам эбит
Сынньалаңңа | 03.06.2026 | 19:00
“Танцылыыр” баҕалара баһаам эбит
Урукку оҕолор, 80-с сылларга үөрэммиттэр, учууталлартан олуһун диэн толлор, куттанар, убаастыыр этибит. Эгэ, дьиэлэригэр үктэниэхпит дуу, тугу эмит көрдөһүөхпүт дуу.