Ситиммит ситиитэ, көлүөнэбит ситимэ — киэргэл, таҥас-сап сэһэнэ
Киҥкиниир киэҥ халлаан куугунас куйаарыгар, Сир Ийэ сириэдийэр ньууругар олоҕу түстүүр улуу күүс баарын тухары киһи аймах орто дойдуга олоҕо баар.
Олох диэн аһыыр-сиир, таҥнар-симэнэр туһугар эрэ туруулаһыы буолбатах. Туруулаһар, тургутуһар күүс биирдэ бэриллибит олоҕу сырдык, ыраас ыралаах, сылаас сыһыаннаах, кэрэ көстүүлээх, сэргэх сэбэрэлээх оҥорорго эмиэ ананар. Ол да иһин буолуо, бука, түҥ былыргы саҕаттан кэрэ, дьикти көстүү, истиҥ иэйии, таптал диэн өйдөбүллэр күннээҕи биир күдьүс олоҕу киэргэтэн, күүркэтэн, умсугутан, баҕа санаа баалыгар олордор, ыра санаа кынатыгар көтүтэр күүстээхтэрэ. Онтон кэрэ көстүү диэтиҥ даҕаны аан маҥнай өйгөр көтөн түһэр өйдөбүллэр – КИЭРГЭЛ, КИЭРГЭНИИ.
Саха норуотугар дьикти, уһулуччу буолла даҕаны, үөһээ айыылары, кэлин нуучча омугу кытта ыкса алтыһыыттан таҥаралары кытта сибээстииллэр – таҥара табатыныы талба, Аан Алахчын хотунунуу далбар, дьоһун уо.д.а. тэҥнэбиллэр бааллар. Маны сэргэ талааннаах тарбах таарыйбыт, имигэс илии имэрийбит, чулуу киһи чочуйбут чоруун оҥоһуктарын тобуллаҕас толкуйу, өркөн өйү кытта быһаччы ситимнииллэр. Өссө атыннык эттэххэ, ис турук тас туруктуун биир таһымҥа киирдэхтэринэ, ханнык баҕарар дьыала үтүө түмүктээх буоларын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.
Киэргэл, киэргэнэр таҥас-сап оччолортон баччаларга диэри олох хардыытынан, кэм кээмэйинэн сыыйа-баайа сыҕарыйан, дьүһүн кубулуйан, быһыы-таһаа уларыйан, сорох сороҕор төрдө-төбөтө хантан этэй диэххэ сөптөөх түгэннэр үөскүүллэр. Ол омун даҕаны, сымыйа даҕаны буолбатах. Дьэ маннык түгэҥҥэ история диэн билим сүрдээх көмөлөөх буоларын бары да өйдүүбүт эрээри, ону хасыһыы, үөрэтии, ырытыы иирбэ-таарба үлэтин киһи эрэ барыта кыайбат, эппиэтинэһи ылыммат.
Хатас нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ кэлиҥҥи сүүрбэччэ сылларга ыһыаҕынан сибээстээн сахалыы таҥаска-сапка, киэргэлгэ сыаллаахтык-соруктаахтык ылсан үлэлээн-хамсаан кэллэ. Манна сүрүн улахан оруолу “Тускул” КК ылар. Бастатан туран, ыһыах бөлөсүөпүйэтин, өйдөбүлүн көлүөнэ ситимэ дьоммутугар, эдэрдэргэ, оҕо дьоммутугар тиэрдэргэ, этэргэ дылы, төгүрүк сыл үлэлэһэбит. Бу хайысхаҕа суоллаах-иистээх, үтүө түмүктэрдээх үлэлиир түмсүүлэрбит – “Дом ремесел”, “Дьикти сайын”, “Утум иис”, “Өбүгэ ситимэ” – сыаллаахтык-соруктаахтык хамсананнар, күн бүгүн Хатаспыт ыһыаҕар сахалыы таҥныбатах киһи тиийэн соччото суох балаһыанньаҕа киирэр курдук буолла. Дьэ ол кэннэ дьон көҕүн, баҕа санаатын тутан туран аны сөптөөхтүк таҥныы-симэнии, киэргэнии боппуруоһа турда. Били, этэргэ дылы, ким хайдах саныырынан, түбэспитинэн тиктии уурайда, дьиҥ-чахчы үөрэтиллибит, чинчийиллибит, ырытыллыбыт, история кэрэһитинэн дакаастаныллыбыт диэн өйдөбүл эбилиннэ. Бу түгэҥҥэ биһиги, хатастар, табыллыбыт дьоммут. Манна араас улуус ааттаахтара, үгүс улуус үтүөлээхтэрэ, элбэх улуус элэккэйдэрэ мустаннар, иис-күүс, уһаныы, хатарыы уо.д.а. ньымалары туттар тарбахтарыгар талааннаахтар, илиилэригэр имигэстэр, дьоһун дьоҕурдаахтар төбүрүөннээннэр, Хатаспыт аатын дорҕоонноохтук ааттаталлар. Ол гынан олороруҥ тухары сайдаҕын-үүнэҕин, эбиллэҕин, кэҥиигин, дириҥиигин.
Ол курдук, ХИФУ магистрана, “Тускул” КК уус-уран салайааччыта Вилена Михайловна Константинова көҕүлээһининэн, этэр курдук, көрдөрүүлээх-иһитиннэриилээх, кэпсээһиннээх-сэһэргээһиннээх “Саха омук киэргэлин Үрүҥ көмүс үйэтэ (19 үйэ)” диэн бырайыагынан атыы-эргиэн дьаарбаҥката, билимҥэ олоҕурбут олус умсугутуулаах, дириҥ хорутуулаах лиэксийэлээх, таҥас-сап, киэргэл кэтэн сэлэлии хаамыылаах дьикти кэрэ тэрээһин ааста. Тэрээһин биир саамай долгутуулаах уонна биһиги нэһилиэкпитигэр сүдү суолталаах түгэнинэн бу бырайыак кыттыылаахтара Хатас нэһилиэгин устуоруйатын түмэлигэр баар ат толору симэҕин (үрүҥ көмүс сирэйдээх ыҥыырыгар тиийэ) көрүүлэрэ-истиилэрэ, сыаналааһыннара буолла. Ханнык баҕарар түмэл тумус туттар экспонаттаах, матырыйааллаах буоллаҕына, биһиги түмэлбит киэргэлэ, киэн туттуута бу үлэлэр буоллулар. Билигин дьиҥ-чахчы өссө төгүл үөрэтии кэннэ кэмин-кэрдиитин чопчулаан, хараллар-ууруллар быраабылаларын тутуһан, Хатаспытын ааттатар маллар буоллулар. Тэрээһин бу түһүмэҕин кэннэ биир эмиэ күүтүүлээх түһүмэх – атыы-тутуу дьаарбаҥката саҕаланна. Атын дьаарбаҥкалартан уратыта диэн киэргэллэр, симэхтэр урут оҥоһуллубукка, чинчийиллибиккэ олоҕурар буолан биэрдилэр. Эбиитин араас биричиинэнэн кэтиллибэт (эргэрбит, кэмэ ааспыт, тостубут, алдьаммыт уо.д.а.) үрүҥ көмүһү туттаран, саҥа оҥоһукка атастаһыы баар буолан, дьахтар аймах күннээтэ. Хайдах эрэ бары сүргэ көтөҕүллэн, чаҕылыччы тыгар күн уотун кытта тэҥҥэ сырдаан, сылыйан, сэбэрэлиин сэргэхсийэн, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйан, харахтарыгар сааскы санаа суһума оонньуурга дылылар. Дьэ маны этэн эрдэхтэрэ саха киһитэ барахсан айылҕа оҕото буолан, күннүүн тэҥҥэ күлүмнээн, күн-дьыл хардыытынан уһаабыт күннүүн, кылгаабыт түүннүүн биир тэтимҥэ киирэн, ис-иһиттэн сырдыыр, сымныыр диэн.
Оннук турукка киирэн Александра Николаевна Прокопьева “Саха мааны таҥаһа үйэттэн үйэҕэ” диэн лиэксийэтин хас биирдии тылын-өһүн эттиин-хааннын, өйдүүн-санаалыын ылынныбыт. Бу көстүү хамаанда дьон уйулҕатын дириҥник үөрэппититтэн, элбэхтэ араас санаалаах, араас саастаах дьону кытта үлэлии үөрүйэҕиттэн таҕыста. Этэр курдук ыраахтан саҕалаан, бастаан көрдөрөн, манньытан, уйан турукка киллэрэн баран сэһэни-сэппэни саҕалыырга сөп буолла диэн уу сүүрүгүнүү тохтообокко суккуллан, эмиэ да күүһүрэн, эмиэ да дьаалатынан, холкутук, дьоһуннук, тобус-толору устан, ол кэпсээбитин хаартысканан көрдөрөрүн ааһан субу кэтэн киирэн таҥас-сап кэрэтин, киэргэл дьэрэкээнин, дьүһүйэр күүһүн сөрү-сөпкө туһанан, солко таҥас суугунаата, барча таҥас баарыстанна, быһыы-таһаа мааныланна.
Сайдыы-үүнүү суолун тобуларга, үгэс буолбут култуураҕа олоҕуран, уруккуну умнубакка, ааспыты илии таһынан садьыйбакка, төрүт үгэстэри сөргүтэн, чиҥэтэн, үөрэтэн үлэлиир-хамсыыр бигэ суол буолар. Ордук чуолаан сөргүтүү диэҥҥэ тохтоон ааһыаҕыҥ. Сөргүтүү, ол аата урут баары, буолбуту өйдөтүү, чөлүгэр түһэрии, үөрэтии, дириҥэтии, кэҥэтии. Саха омугу мээнэҕэ аһыныгас санаалаах арҕаһыттан тэһииннээх айыы, көмүскэс санаалаах көхсүттэн тэһииннээх күн улууһун улуу норуота диэн ааттаабатахтар. Өркөн өйдөөх өбүгэбит үтүө үгэстэрин, мааны майгытын кистэлэҥнэрин иис-күүс, уус эйгэтинэн орто дойду олоҕун киэҥ киэлитин уораҕайыгар кэлин кэлэр кэнчээри ыччакка кэһии, үүнэр үтүө дьоҥҥо үтэ гынан кистээн-кистээн сытыаран, олох араас добун долгунугар оҕустарбакка, сүтэрэн-оһорон кэбиспэккэ күн бүгүҥҥү олохпутугар тиэртэҕэ. Ол да иһин саха дьахтара иискэ-күүскэ дьоҕура көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр кэрэ бэлэх буоларын уһугуннаран, күөдьүтэн биэрдэххэ, көрүөхтэн кэрэ сылаас, сырдык сыдьаайдаах, истиҥ иһирэх тыыннаах оҥоһуктар тахсалларын бу бырайыак кыттыылаахтара дакаастаатылар.
Өбүгэлэрбит барахсаттар саарбаҕа суох санаалаах, тулхадыйыыта суох туруу толкуйдаах буоланнар, айылҕалыын алтыһан, дьыл-кэм хардыытын ааҕан, уорааннаах, уодаһыннаах томороон тымныыны, уот куйааһы, сатыылаабыт сут-кураан дьыллары мүлчү түһэллэрэ, эрэнэн-итэҕэйэн кэтэспит кэрэ кэмнэригэр тиийэллэрэ. Кинилэргэ удьуор төрдө, удьуор тардыыта диэн өйдөбүл көлүөнэ ситиминэн бэриллэн, Ытык ситим диэн ааттанан, ыал дьон ытык анала хас да көлүөнэ буолан бииргэ тутуһан олох олоруулара буоллаҕа. Инньэ гынан кинилэргэ туох барыта ситимнээх, салгыы барардаах, хаһаас буолан хаалардаах, кэһии буолан кээһэрдээх, утары уунар уурунардаах буолаллара. Ол кинилэр хаһаас астара-үөллэрэ эрэ буолбакка, таҥастара-саптара, киэргэллэрэ эмиэ буолара.
Бу маны барытын ытыска олордон биэрбит Александра Николаевнаҕа махталбыт улахана буоллун. Кэлбит киэргэллэри ууран-тутан, таптайан, айан-дьайан таһаарбыт Петр Кузьмич Алексеевынан киэн туттуубут өссө улаатта. Бу хамаанда биир тутаах киһитэ биологическай билим доктора Елена Ильинична Иванова талааннаах киһи бары өттүнэн чаҕылхай диэн өйдөбүл туоһута буолан, бу күҥҥэ бэриллибит, кэпсэниллибит хайысхаларга барытыгар дэгиттэр үчүгэй эппиэттэрдээх, көрүүлэрдээх. Хамаандаҕа хороччу улаатан эрэр сиэн оҕо тэҥҥэ сылдьан сэһэни-кэпсээни, бу дириҥ суолталаах үлэни этинэн-хаанынан ылына, көмө-тирэх буола сылдьара көрүөххэ үчүгэй, саныахха кэрэ. Ити курдук Александра Николаевна Прокопьева, Нарыйа Петровна Андреева, Айталина Александровна Алексеева, Елена Ильинична Иванова састааптаах сүрдээх күүстээх хамаанда үлэтин түмүгүнэн бу күн мустубут дьон сүрэх өрүкүйэ кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһар күүстэрэ өссө чиҥээтэ.
Ситиммитин ыһыктыбакка сылдьан саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ диэн санаанан аныгыс көрсүөххэ диэри дэһэн тарҕастыбыт.