24.04.2020 | 08:23

Сиртэн халлааҥҥа тиийэ барҕа махтал

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2019 сыл атырдьах ыйын 8 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1985 сылга бүтэрбит ыччаттар Үтүө дьыала Кубога диэн хамсааһыннара күөх Ньурбаттан куорсуннанан, Ленскэй – Сунтаар – Мииринэй улуустарыгар тэрээһиннэрин туһунан сырдатабыт.

Тохсунньу ый 7 күнүгэр Үтүө дьыала Кубога ытыыга бастакы спортивнай күрэхтэһии кэмигэр Ленскэй-85 түмсүүтүгэр туттарылынна. Бу күнтэн саҕалаан Ленскэй улууһугар бэрт көхтөөх аахсыйалар буолан аастылар. Бэчинчэ оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр «Сардаана» оҕо саадын 60 сыллаах үбүлүөйүнэн биэнсийэҕэ олорор бэтэрээн үлэһит Д. Н. Мордосоваҕа «Кыым» хаһыат суруттарда, доруобуйаларынан хааччахтаах ыалга бородуукталаах корзина туттарда, Поповтар дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан О. Н. Кузьмина эмиэ бородуукта нобуорун Е. А. Мырееваҕа туттарда.  Бу кэмнэргэ Дьокуускай куоракка олорор үөлээннээхтэрэ парикмахер өҥөтүн оҥорбуттара. Кэргэннии Афанасий Алексеевич, Саргылана Борисовна Николаевтар өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар историко-культурологическай экспедицияларын чэрчитинэн Хаҥалас улууһугар көрсүһүү тэрийдилэр.

Ахсынньы 18 күнүгэр Үтүө дьыала Кубогын сунтаардар туттулар. Сунтаар-85 халыҥ хамаандата М. А. Иванова салалтатынан эрдэттэн бэлэмнэнэн, былааннаан, 85-тэр былаахпыт өссө үөһэ күөрэйдэ. Мария Анатольевна: «Кубокпыт төрөөбүт улууспут 9 нэһилиэгэр ыалдьыттаан, элбэх үөлээннээхпитин түмтэ. Барыта 23 араас өрүттээх көмө аахсыйа оҥоһулунна, дьон-сэргэ биһирэбилин, махталын ылла. Кубок Кутана-Элгээйи-Уһун Күөл-Тойбохой-Бүлүүчээн-Кириэстээх-Сунтаар маршрутунан сырытта. Кубок тиийбэтэх кытыы нэһилиэктэрбит Күндэйэ, Бордоҥ бу марафоҥҥа кэтэхтэн кытыннылар. Ону тэҥэ Кубокпыт улууспут баһылыга А.В. Григорьевка, эмиэ 1985 сыллааҕы выпуск үөлээннээхпитигэр ыалдьыттаата»,- диэн санаатын үллэстэр.

Арыылаах баһылыга Иван Игнатьев иһитиннэрэринэн, үөлээннээхтэрбит Уһун Күөлгэ элбэх оҕолоох ыалга бородууктанан, 16 оҕоҕо Сунтаар норуодунай театрын кэнсиэригэр босхо билиэтинэн, Кириэстээх олохтооҕор отунан көмө, Сунтаарга олорор элбэх оҕолоох ыалларга минньигэс бэлэхтэринэн аахсыйа оҥорбуттар. Кириэстээх 85-тэрэ Любовь Егоровна Старостина, Маргарита Ивановна Жиркова көмө харчы хомуйан, кыстыыр ото суох хаалбыт Л. Н. Даниловаҕа туттарбыттар. «Өрөспүүбүлүкэбитигэр үтүө хамсааһыны бастакынан тэрийбит саамай көхтөөх выпускниктарга, тымтыктарбар махталым муҥура суох. Айыы санаалаах дьон элбэҕэ үөрдэр, долгутар. Отуҥ тиийбэт буоллаҕына биллэрээр, диэн үтүө баҕа санааларын эппит дьоннорбор барыларыгар сиртэн халлааҥҥа диэри барҕа махтал. Олоххутугар кэрэ эрэ кэккэлэстин, ситиһии эрэ сэргэстэстин, дьол эрэ доҕордостун!» - диир Лидия Николаева. Үтүө дьыала Кубогын декадатын чэрчитинэн сунтаардар бэрт элбэх аахсыйа оҥорбуттар: Кутана – 1, Элгээйи – 1, Уһун Күөл – 4, Тойбохой – 10, Бүлүүчээн – 1, Кириэстээх – 1, Бордоҥ – 1, Күндэйэ – 1, Сунтаар куораты кытта холбоон – 3. Ити кэннэ Кубок ыаллыы сытар Мииринэй улууһугар айаннаабыта.

Мииринэй куорат аҕа баһылыга Клим Нестерович Антонов эмиэ 1985 сыллаахха Ньурба оскуолатын бүтэрбит үөлээннээхпит. Онон хамсааһыҥҥа бэйэтинэн ылсан, Мииринэйгэ араас улуустартан кэлэн олохсуйбут выпускниктар көмөлөрүнэн эмиэ умнуллубат үтүө дьыалалары оҥордулар. Ол курдук, «Харысхал» социально-реабилитационнай оҕо киинин иитиллээччилэригэр Саҥа Дьыл иннигэр үөрүүлээх түгэн үүннэ. Хас биирдиилэригэр минньигэс бэлэх туттарылынна, ону таһынан киинэҕэ билиэт бэлэхтэннэ.

Бу курдук биһиги үөлээннээхтэрбит, ханна да буоллун, киһи сүргэтин көтөҕөр, ис дууһаттан тахсар үтүө дьыалалары күнтэн күн ситимнээн иһэллэр. Бу буолар биһиги модун күүспүт, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар суолбут.

2019 сыл бүтэһик күннэригэр Үтүө дьыалабыт Кубога алмаастаах Мииринэйтэн Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылын түмүктээн, 2020 сылга үктэнэн, ыраах хоту улуустарынан Патриотизм сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытар. Бастакынан Өлөөҥҥө тиийэр. Ол туһунан кэлэр нүөмэргэ кэпсиэхпит.

Үтүө санаа, үтүө тыл киһини кынаттыыр, ыалдьыбыты үтүөрдэр, санааны көнньүөрдэр. Үтүө аахсыйалары иилээн-саҕалаан ыыппыт үөлээннээхтэрбит үтүөҕүт уон оччонон төннүөҕэ диэн бигэ эрэнэбит.

Түмсүү киһиэхэ эрэли түстүүр 

Үтүө дьыала хамсааһынын туһунан Ленскэй оройуонун Бэчинчэ орто оскуолатын 1985 сылга бүтэрбит Марианна Анатольевна Попованы кытта кэпсэтэбит.

– Марианна Анатольевна, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр түмсүүлэрин туһунан аан бастаан хаһан истибиккиний?

- Өрөспүүбүлүкэҕэ «Выпуск-85» диэн олус көхтөөх, далааһыннаах түмсүү баарын туһунан, 2019 сыл күһүнүгэр биир кылааска үөрэммит доҕорбуттан Геннадий Григорьевич Дегесовтан истибитим. Бассаапка суруйан, биһиги эмиэ бу хамсааһыҥҥа кыттарбыт наадатын ыйбыта.

– 1985 сыллаахха эһиги оройуоҥҥутугар хас оскуола баарай?

– Биһиги оскуоланы бүтэрэрбитигэр оройуоҥҥа 10 орто оскуола баар этэ. Олортон Бэчинчэ орто оскуолата соҕотох сахалыы тыллаах национальнай оскуола. Элбэх оҕо тохсус-онус кылаастарга кэлэн үөрэммит сирдэринэн биллэр.

– 2019 сыл ахсынньы ый 8 күнүттэн, 18 күнүгэр дылы эһиэхэ Үтүө дьыала Кубога ыалдьыттаабыта. Ол туһунан сырдат эрэ.

– Аҕыйах да буолларбыт, үөлээннээхтэрбититтэн, атын улуустартан хаалсыбакка  кытынныбыт дии саныыбын. Кубогы бииргэ үөрэммит кыыспыт Саргылаана Борисовна Николаева Дьокуускайга «Өлүөхүмэ-85” түмсүүттэн туппута. Саргылаана Борисовна кэргэнинээн Афанасий Алексеевичтыын саха норуотун историятын тарҕатар дьонунан биллэллэр. Үтүө дьыала Кубогын хамсааһынын чэрчитинэн ааҕааччылары кытта көрсүһүү оҥорбуттара. Саргылаана бэйэтин салонугар босхо баттах кырыйбыта. Бу барыта үтүө дьыалабыт копилкатыгар түмүллэн испитэ. Манна, миэстэтигэр, биһиги өр кэмҥэ оҕо саадыгар үлэлээбит Домна Николаевнаҕа «Кыым” хаһыакка сурутарыгар харчынан көмөлөспүппүт. Итини сэргэ инбэлииттэр дьиэ кэргэннэригэр аһылык нобуорун бэлэмнээн, аадырыстаах көмө оҥоһуллубута. Бэчинчэҕэ, Ленскэйгэ элбэх оҕолоох ыалларга таҥас-сап ылан биэртэрэ. Үтүө дьыалаларбыт итинник саҕаламмыттара.

– Оскуоланы биир сылга бүтэрбиттэр түмсүүлэрин уопсастыбаҕа кылаатын эн туохха көрөҕүнүй?

– Кырдьык, билиҥҥи кэми уруккуну кытта тэҥниир уустук. Билигин, холобура, үлэтэ, кэлэктиибэ суох киһи олус элбээтэ; маннык дьоҥҥо чугас, эрэнэр доҕор өйөбүлэ, сылаас тыла туохтааҕар да наада буолла. Оттон бу «Выпуск-85” тэриллиэҕиттэн үөлээннээхтэрбитигэр аҕыйаҕа суох аадырыстаах көмө оҥоһулунна. Элбэхтэн аҕыйаҕы аҕыннахха, аҥаардас дьиэни-уоту уокка былдьатыы курдук соһуччу уонна ыар түбэлтэ кэнниттэн түөрт төгүл харчынан көмө оҥоһулунна. Ханнык баҕарар киһиэхэ ыксаллаах, кыһалҕалаах кэмигэр олох билбэт дьоно илиилэрин  утары ууналларын, мин кэмэ суох Үтүө дьыаланан сыаналыыбын.

– Марианна Анатольевна санааҕын үллэстибиккэр махтанабыт.

– Бэйэм өттүбүттэн түгэнинэн туһанан үөлээннээхтэрбэр маннык туһалаах, далааһыннаах хамсааһыны тэрийбиккитигэр махталбын этэбин. Түмсүү өссө кыаҕырыа, үтүө дьыалалара элбии туруо диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....