20.03.2021 | 09:00

Сирбитин-уоппутун тутан хаалыахтаахпыт

Сирбитин-уоппутун тутан хаалыахтаахпыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Егор Гаврильевич Попов, Тулагы-Киллэм нэһилиэгин баһылыга:

– Икки кэнники сылга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 4 км 200 м суол оҥоһулунна. Былырыын Тулагыга Порядин, Связистар уулуссалара, Сыырдаахха Уваровская уулуссата аспаалламмыттара. Быйыл нэһилиэк саамай уһун уулуссата (4 км) – Николаев уулуссатыгар тутуу үлэтэ ыытыллыахтаах.

“Дьокуускай куорат агропояһа” диэн бырагыраама баар. Тулагы –  “Якутскай” сопхуостан сирин-уотун тутан хаалбыт, элбэх сылгылаах нэһилиэк. Бу иннинэ бааһынай хаһаайыстыбаларбыт куорат, өрөспүүбүлүкэ бырагыраамаларыгар кыайан кыттыбат этилэр. Тоҕо диэтэххэ, сүрүн ирдэбилинэн бас билэр сирдээх эбэтэр уһун болдьоххо куортамнаабыт буолуохтааххын. Ону туруорсан, үгүс кэпсэтии баран, куорат дьаһалтата, Тыа хаһаайыстыбатын управлениета өйөөннөр, ити сирдэр зоналарын уларытан уһун сыллаах куортамҥа биэрэр үлэ саҕаланна. 

Бэйдиэ сылдьар сылгы элбээтэ. Бу сытыы кыһалҕаны быһаарар сорук турар. Ол курдук, сылгыһыттарга куорат таһыгар бааза сирин биэрэргэ биир комплекснай быһаарыы ылылынна. Федеральнай бас билиигэ “Ойуур пуондата” диэн баар, онтон быйылгыттан “Эргис” бааһынай хаһаайыстыбаҕа сыһыарыллыахтаах. И.Ю. Федоров субсидияҕа кыттан, сылгы баазатын туттан, куоракка сылдьар сылгылары үөһэ таһаарыахтаах.  

Мелиорация боппуруоһун быһаарарга 2 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа уу турбата тардыллыахтаах. Аукциона ыытыллыбыта. Бу эмиэ улахан ситиһии диэн сыаналыыбын. 

Өр сылларга туруорсан-туруорсан элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактара түҥэтиллибиттэрэ. Онно быйыл 2 км тахса суол тутуллуохтаах. Бу эмиэ үөрүүлээх сонуммут.

СОТ, СОНТ  учаастактарын аахтахха, Тулагы нэһилиэнньэтин ахсаана биллэ элбиэн сөп. Билигин оскуолабыт икки симиэнэнэн үлэлиир. Куорат дьаһалтата туруорсан, эһиил 900 миэстэлээх оскуола тутуллар буолла. Ону таһынан 10 куойкалаах балыыһа тутуллуохтаах.

Инникитин Тулагы сирин күөх оазис оҥорон, экологическай хайысхалаах сирдэри тутан хаалыахтаахпыт. Билигин туристическай кластерга бырайыак оҥоро сылдьабыт.  Биһиги былааммытын куорат дьаһалтата өйөөбүтэ. Онтон дьоммут-сэргэбит үөрэр.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...