13.05.2020 | 09:27

Сир атыылаһааччылар болҕомтолоругар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саас, сайын үүнэрин саҕана Саха сирин үгүс олохтоохторо сир атыылаһар туһунан толкуйданар буолуохтаахтар. Саас хаар ирбитин, сайын айылҕа силигилээбитин кэннэ киһи илэ хараҕынан көрөн сири атыылаһара ордук. Сир атыылаһарбытыгар былыр-былыргыттан ууттан чугаһы тала сатыыр үгэстээхпит – сирбитигэр күөл, көлүччэ, үрүйэ, үрэх баар буоларын ордоробут.

Өлүөнэ бассейнын уутун управлениетын Уу хаһаайыстыбатын отделын специалистара сир атыылаһааччыларга сүбэлииллэр:

- Бүтэһик кэмнэргэ дьон бэйэтэ билбэтиттэн уул ылар сиригэр дьиэ-уот туттара элбээтэ. Халаан уута тахсар сирэ уратытык туһаныллар сир быһыытынан докумуоҥҥа киирэр. Нэһилиэнньэлээх пуун сайдыытын былааныгар ол барыта киирэ сылдьар буолар.

Маннык сирдэргэ, бастатан туран, дьиэни-уоту туттуу бобуллар. Халаан түмүгэр баай-дуол хоромньутун таһынан киһи өлүүтэ тахсыан сөп. Ол иһин уу ыларыттан инженернэй харысхал туруоруллар.

Халаан уутун хоромньутун аҕыйатар сыаллаах, 2014 сыллаахха муус устар 18 күнүгэр РФ Бырабыыталыстыбатын  «Об определении границ зон затопления, подтопления» диэн уурааҕа тахсыбыта. Барыллаан суотааһыҥҥа олоҕуран, 100 сылга биирдэ ууга барар сирдэр, ууга барар зоналар диэн олохтоммуттара.

Саха сиригэр уопсайа 128 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барар зонаҕа киирэр. Испииһэк ЛБВУ (lbvu.ru) сайтыгар баар. Испииһэк оҥоһулларыгар ЫБММ, Экология министиэристибэтин дааннайдара олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэлэрэ туһаныллыбыттара. Салҕыы ЫБММ, Росприроднадзор, Росгидромет, Росреестр сөбүлэҥин ааспыттара.

Өлүөнэ бассейнын уутун управлениета бу дааннайдары судаарыстыбаннай уу  росреестрыгар киллэрэр. Онтон ЕГРН киирэр гына Росреестрга ыытар.

Билиҥҥи кэмҕэ Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 71 нэһилиэнньэлээх пуун ууга былдьанар кыраныыссата чуолкайданан киирдэ. Нам, Таатта, Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас улуустарыгар, Дьокуускайга халаан уутугар барар сирдэр киирдилэр.

 РФ Уу кодексатыгар олоҕуран, бу зоналарга территориялары былааннааһын, тутууну ыытыы докумуоннарыгар киирэллэр. Бу сирдэргэ нэһилиэнньэлээх пууннары тэрийэр, хапытаалынай тутууну ыытар бобуулаах.

Нэһилиэк баһылыктара уонна олотоохтор, тутууну былаанныыр, сир атыылаһар саҕана бу боппуруоска болҕомтолоох буолалларыгар ыҥырабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...