02.07.2022 | 12:03

Сир аһын көҥүлэ

Сир аһын көҥүлэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сир аһын хомуйуу болдьоҕун таһаарда.

Дыргыл сыттаах дьэдьэн от ыйын саҥатыгар Аммаҕа, Тааттаҕа, Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Намҥа ситэр. От ыйын 15 күнүттэн дьэдьэни хомуйуу Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Хаҥаласка көҥүллэнэр.

Сугун от ыйын 20 күнүттэн көҥүллэнэр.

Моонньоҕон хоту улуустарга атырдьах ыйын 5 күнүттэн, Бүлүү бөлөхтөргө атырдьах ыйын ортотуттан көҥүллэнэр.

Уулаах отон - атырдьах ыйын 20 күнүттэн.

Охта хоту улуустарга  атырдьах ыйын бастакы декадатыттан.

Малина - от ыйын 18-20 күннэриттэн.

Черника атырдьах ыйын саҕаланыытыттан Мииринэйгэ, оттон Ленскэйгэ уонна Нерюнгригэ - атырдьах ыйын ортотуттан.

Кедр эриэхэтин атырдьах ыйын 25 күнүттэн саҕалаан хомуйуохха сөп, сорох оройуоннарга - балаҕан ыйыттан эрэ көҥүллэнэр. Ситэ илик эриэхэни маһы кырбаан, мутугун тоһутан хомуйуу бобуулаах. Сиргэ ситэн бэйэтэ түспүт эрэ эриэхэ хомуллуохтаах.

Тэллэйи хомуйууга туох да хааччах суох. 

Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бу болдьохтор дьон бэйэтин туһатыгар сир астыырыгар сыһыаннаахтар. Оттон атыыга сир астыырга, ойуур сокуонугар олоҕуран, сир учаастагын арыандаҕа ыларга дуогабар түһэрсиэхтээххит.

Бэйэ айаҕар сир астааччылар ханна баҕарар үргүүллэрэ көҥүл, ол иһигэр ким эрэ арыандалаабыт сириттэн эмиэ хомуйуохтарын сөп.

Билигин Саха сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэһиимэ биллэриллэн турар. «О введении ограничения пребывания граждан в лесах и въезда в них транспортных средств» дьаһал бырайыага бэлэмнэнэр. Ол дьаһал олоххо киирдэҕинэ нэһилиэнньэ ойуурга сылдьара бобуллуоҕа, быраабыланы кэстэххэ ыстараап 40-50 тыһ. солк. тиийиэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....