04.07.2024 | 15:41 | Просмотров: 615

Сир аһын хомуйуу болдьоҕо саҕаланан эрэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ 2024 сылга сир аһын хомуйуу көҥүлүн болдьоҕун таһаарда.

Ол курдук, кэлэр нэдиэлэттэн, от ыйын 10 күнүттэн, Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа – дьэдьэн, от ыйын 15 күнүттэн Таатта, Чурапчы, Уус Алдан улуустарыгар дьэдьэн, хаптаҕас хомуйар көҥүллэнэр. Сугуну от ыйын 20 күнүттэн хомуйуохха сөп.
Моонньоҕон уонна уулаах отон атырдьах ыйын ортотугар ситэр. Онон киин уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарга уулаах отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн, хоту улуустарга атырдьах ыйын бүтүүтэ хомуйар көҥүллэнэр. 
Охтаны хоту улуустарга атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтигэр хомуйуохха сөп. 
Биэ эмиийэ Бүлүү бөлөх улуустарга от ыйын 16-22 күннэригэр хомуллар. 
Хараһы Мииринэйгэ атырдьах ыйын саҥататтын, оттон Ленскэй, Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан хомуйар көҥүллэнэр. 
Эриэхэни атырдьах ыйын 25, сорох оройуоннарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн хомуйар көҥүллэнэр. Санатар буоллахха, эриэхэни ситэн сиргэ түспүтү эрэ хомуйуллар. 
Тэллэйи хомуйууга хаарчахтааһын суох. Ол эрээри айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ тэллэйи быһан эбэтэр сирин алдьаппакка эрийэн ылары санаталлар. 
Санатар буоллахха, ыйыллыбыт болдьоххо сир аһын хомуйуу биирдиилээн дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах. Ойуур хаһаайыстыбатын сокуонунан, сир аһынан эргинэр сыаллаах хомуйарга ойуур учаастагын куортамныыр туһунан дуогабар түһэрсиллиэхтээх. 
Айылҕа бэлэҕин сомсуҥ, ол эрээри хардатын ойуурга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, ойуур баһаарын төрүөтэ буолбат туһуттан уотунан туттумаҥ!

Киин куорат олохтоохторугар анаан Дьокуускайга сүрүн сир аһын көҥүлүн болдьоҕун таһаарабыт:
Дьэдьэн – от ыйын 22 күнүттэн;
Хаптаҕас – от ыйын 27 күнүттэн;
Сугун – атырдьах ыйын 2 күнүттэн;
Моонньоҕон  – атырдьах ыйын 12 күнүттэн;
Уулаах отон – атырдьах ыйын 23 күнүттэн.
Улуустарга биллэриллибит болдьохтору сиһилии таблицаҕа көрүҥ: 

Приложение

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.